Ыам ыйын 15 күнүгэр Уус Алдан улууһун баһылыга Василий Иванович Аммосов Суоттуга халаан уутун көрсүүгэ бэлэмнэнии үлэтин хаамыытын уонна улуустааҕы «Сэһэн Ардьакыап аатынан түмэл» көҕүлээһининэн ыытыллар тэрээһин чэрчитинэн, Суотту сиригэр-уотугар тура сылдьыбыт «Ленскэй остуруок» кылабыыһата буолуон сөптөөх былыргы көмүүлэри билистэ.

Түмэл дириэктэрэ Павел Пермяков-Тэлэкэ: «Биһиги улуус кыраайы үөрэтээччилэрэ уонна улуустааҕы түмэл үлэһиттэрэ, Саха Сирэ Арасыыйаҕа холбоспута 400 сылын көрсө, остуруок тура сылдьыбыт сирэ-уота чуолкайданарын туруорсабыт», - диэн кэпсээтэ.
Манна сыһыаран кэпсээтэххэ, ыам ыйын 25-26 күннэригэр Тойон Мүрүгэ Уус Алдан улууһун дьаһалтатын уонна РНА Сибиирдээҕи салаатын Аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар тылларын уонна проблемаларын чинчийэр үнүстүүт үлэһиттэрин икки ардыларыгар улуус сирин-уотун, топонимикатын, былыргы устуоруйатын үөрэтиигэ, чинчийиигэ бииргэ үлэлэһии сөбүлэҥэр илии баттанара былааннанар.