Сибэтиэй Ньукуола III-IV үйэлэр кирбиилэригэр Ликия түөлбэтин Мира куоратыгар (билиҥҥи Турция сиригэр) олорон ааспыта. Билигин даҕаны Турцияҕа сырыттахха, Кемертан чугас былыргы Мира куоракка баар Сибэтиэй Ньукуола храмыгар туристары сырытыннараллар. Онно саркофаг иһигэр Сибэтиэй көмүс уҥуоҕа хараллыбыта, кэлин ону Италияҕа көһөрбүттэрэ. Таҥараны итэҕэйэр дьон аан дойду бары уһугуттан манна кэлэн көрдөһөллөр. Кекова арыы аттынан яхтанан устан истэххэ, муора анныгар тимирбит түҥ былыргы куорат омооно көстөр.
Оттон саха дьоно унньуктаах уһун кыһыны туораан, күөм сирэмҥэ үктэнэн, самаан сайыны көрсөр үөрүүлээх күммүт. Кэрэ аҥаардар алаадьы, саламаат, кус минэ астыыллар, ол иннинэ дьиэлэрин сууйаллар-сотоллор, туттубат эргэрбит малларыттан босхолоноллор, ыраастаналлар.
Үтүө үгэс быһыытынан, дьиэ кэргэнинэн айылҕаҕа тахсан, сибиэһэй салгыҥҥа көччүйэллэр, эбэҕэ киирэн, арыылаах алаадьы уураллар, тымныы тыйыс кыһыны этэҥҥэ туораабыттарыгар махтаналлар, баҕа санааларын көрдөһөллөр.
Бу күн иирсэр, этиһэр, хомойор сатаммат. Сибэтиэй Никола курдук кыаммат, тулаайах, кыһалҕаҕа ыктарбыт, көрдөһөр дьоҥҥо көмөлөһөр үтүөнэн эргийэр.
Айылҕа туругун көрөн сайын хайдах буоларын сылыктыыллар, өскөтүн ардах түстэҕинэ, быйаҥнаах, өлгөм үүнүүлээх сайын кэлэр дииллэр.
Хаартыска: https://excursturkey.ru/hram-nikolaya-chudotvorcza/
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0