Билиҥҥи туругунан өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 465 тыһ гектар тыаны хабар 165 ойуур баһаара, 1,6 тыһ гекар сири хабар 4 ландшафтнай баһаар баара биллэр. Үксэ этиҥтэн турбут.
Ойуур баһаарын улахан өттө ыраах сытар, уустук-суоллаах иистээх сирдэргэ бэлиэтэнэр эрээри, тыал турдаҕына, уот куттала нэһилиэнньэлээх пууннарга хаһан баҕарар суоһуон сөбүн умнар сатаммат. Ол иһин бары сулууспалар саҥа турар эрэр уоту тарҕана илигинэ, суһаллык умуруора охсолллоро ирдэнэр, – диэтэ Ил Дархан.
Баһаары бохсууга, умуруорууга 1100 киһи, идэтийбит иписэлиистэр үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Атын эрэгийиэннэртэн, ол иһигэр Бурятияттан, Комиттан, Тюмень уобалаһыттан «Авиалесоохрана» федеральнай бүддьүөт тэрилтэтин уонна парашютнай-десантнай баһаарынай сулууспа байыастара, барыта 365 киһи көмөҕө кэлбиттэр.
Икки зондировщик-сөмөлүөт: Росгидромет уонна «Полярные авиалинии» хампаанньа ааллара туһанылла, билиҥҥитэ 16 улууска тиийэн үлэлээбиттэр. Сотору кэминэн үһүс зондировщик-сөмөлүөт – «Авиалесоохрана» ФБТ аала кэлиэхтээх.
Экология, айылҕаны туһаныы уонна ойуур хаһаайыстыбатын миниистирэ Евгений Перфильев иһитиннэрбитинэн, ордук уустук балаһыанньа Уус Маайа уонна Өлүөхүмэ ыраах тыаларыгар үөскээн, сүрүн күүс онно быраҕыллыбыт. Орто Халыма улууһугар, Сылгы Ыытар сэлиэнньэтин таһыгар турбут уот 16 тыһ гектар тыаны хаппыт, онно 105 байыас, биир бөртөлүөт, биир зондировщик-сөмөлүөт барбыт.
Томпоҕо, Теплай Ключ уонна Хаандыга бөһүүлэктэрин икки ардыларыгар турбут баһаар 104 тыһ гектар сири хаппыт, онно 25 тиэхиньикэлээх, пилота суох көтөр тэриллэрдээх 135 байыас үлэлии сылдьар. Бу икки улууска сотору ардах түһэрэ күүтүллэр. Бу туһунан Ил дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-киинэ иһитиннэрэр.
Хаартыскаҕа Андрей Сорокин (ЯСИА) түһэриилэрэ.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0