Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -21 oC

Кулун тутар 29 күнүгэр Ил Түмэн сир сыһыаннаһыыларыгар, айылҕа ресурсаларыгар уонна экологияҕа сис кэмитиэтэ «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр ураты харыстанар айылҕа территорияларын харыстааһын уонна туһаныы» диэн тиэмэҕэ төгүрүк остуолу тэрийэн ыытта.

Кулун тутар 29 күнүгэр Ил Түмэн сир сыһыаннаһыыларыгар, айылҕа ресурсаларыгар уонна экологияҕа сис кэмитиэтэ «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр ураты харыстанар айылҕа территорияларын харыстааһын уонна туһаныы» диэн тиэмэҕэ төгүрүк остуолу тэрийэн ыытта.

Өрөспүүбүлүкэ сирин-уотун 37 %-а

Сүрүн иһитиннэриини экология, айылҕаны туһаныы уонна ойуур хаһаайыстыбатын миниистирин э.т. Дьулустаан Хон оҥордо. Күн бүгүн өрөспүүбүлүкэҕэ 232 ураты харыстанар айылҕа территорията (ОППТ) баар: 7 федеральнай, 130 өрөспүүбүлүкэтээҕи суолталаах итиэннэ 95 улуус таһымнаах. Кинилэр барыта холбоон өрөспүүбүлүкэ сирин-уотун 37,6 %-ын хабаллар.

Кэлиҥҥи сылларга «Экология» национальнай бырайыак чэрчитинэн, федеральнай суолталаах түөрт ОППТ: «Өлүөнэ туруук хайалара» (Хаҥалас), «Кыталык» (Аллайыаха) айылҕа пааркалара, «Эһэ арыылара (Аллараа Халыма), «Новосибирскай арыылар» (Булуҥ) айылҕа заказнига тэриллибиттэр. Билигин Нерюнгрига «Токко» заказниктара баазатыгар национальнай паарканы тэрийэр үлэ ыытыллар.

Хон.jpeg

174 иниспиэктэр

Өрөспүүбүлүкэ таһымнаах ураты харыстанар сирдэргэ 174 иниспиэктэр үлэлиир. Биир иниспиэктэр 300 тыһ гектар сири көрөр-истэр, ити олус ноҕуруускалаах. Арассыыйа Федерациятын Айылҕа ресурсаларыгар уонна экологияҕа министиэристибэтин сүбэтинэн, Уһук Илиҥҥи уокурукка иниспиэктэр нуормата 12 тыһ гектар буолуохтаах, оччотугар өрөспүүбүлүкэ таһымнаах 130 ураты харыстанар сирдэргэ 4 764 иниспиэктэр үлэлиэхтээх эбит. Ааспыт сылга иниспиэктэрдэр 653 бэрэбиэркэни оҥорбуттар, айылҕа харыстабылын сокуонун кэһии 663 түбэлтэтин, ол иһигэр ураты харыстанар сирдэргэ 280 кэһиини, булбуттар.

Иниспиэктэрдэр айылҕа харыстабылын бары тэрилтэлэрин уонна быраабы араҥаччылыыр уорганнары кытары ситимнээхтик үлэлииллэр, нэһилиэнньэҕэ уонна оскуолаларга, лиссиэйдэргэ, кэллиэстэргэ өйдөтөр-сырдатар үлэни ыыталлар. Хонтуруоллуур-кэтээн көрөр үлэни таһынан, туйахтаах кыыл (туртас уо.д.а.) ахсаана энчирээбэтигэр тустаах дьаһаллары тэрийэллэр. Холобур, былырыын 113 сиргэ тураҥы байытар үлэни ыыппыттар, кыыллар кэлэн аһыылларыгар 87 былаһаакканы эбии оҥорбуттар, 17 туонна оту уонна 2 488 былаҕы бэлэмнээн туртастары аһаппыттар.

ОППТ-га бултааһын

Бултааһын төрүт олохтоох, аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар уонна олохтоох омуктар иитиллэн кэлбит төрүт дьарыктара буолар. «Бултааһын уонна булт ресурсаларын харыстааһын итиэннэ РФ кэккэ сокуоннарыгар уларытыылары киллэрэр туһунан» 209 №-дээх федеральнай сокуон чэрчитинэн, үгэс буолбут төрүт дьарыкка туһаныллар сирдэргэ бэйэ утарынан сииригэр, научнай-чинчийэр, спортивнай итиэннэ булт ресурсаларын ахсааннарын сүрүннүүр сыалга анаан бултааһын көҥүллэнэр. Онон өрөспүүбүлүкэ таһымнаах ураты харыстанар сирдэргэ аҕа ууһун общиналара төрүт дьарыктарын чэрчитинэн үлэни-хамнаһы тэринэллэрэ, бултууллара көҥүллэнэр. Онуоха кинилэр бу сирдэргэ «Биология ресурсаларын, ураты харыстанар айылҕа территорияларын уонна айылҕа пааркаларын дириэксийэлэрэ» судаарыстыба бүддьүөтүн тэрилтэтин көҥүллээһининэн, харыстабыл ураты эрэсиимин тутуһан, кубуотанан кустууллар, балыктыыллар уонна түүлээхтииллэр.

Оттон «төрүт тыытыллыбат сир» («зона абсолютного покоя») диэн ыстаатыстаах сиргэ бултуохтааҕар буолуох, туох да үлэ ыытыллара көҥүллэммэт.

2022 сылы көрсө бигэргэммит «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр бултуур сирдэри тыырыы, харыстааһын уонна туһаныы схематын» чэрчитинэн, 27 ОППТ-га 75 бултуур сир баара быһаарыллыбыта.

ОППТ.jpeg

13-с ыстатыйа

Ол эрээри, өрөспүүбүлүкэтээҕи уонна олохтоох (муниципальнай) суолталаах ураты харыстанар сирдэри көрүү-истии боппуруоһа өрөспүүбүлүкэ сокуоннарынан сүрүннэммэт. Ол курдук, бултанар булт көрүҥүн кэрискэтэ быһаарыллыбат эбит. Ону учуоттаан, «Саха Өрөспүүбүлүкэтин «Бултааһын уонна булт ресурсаларын туһунан сокуон» 13-с ыстатыйатыгар уларытыылары киллэрэр туһунан» сокуон барыла Бырабыыталыстыбаҕа көрүллэн, олунньу 7 күнүгэр Ил Түмэҥҥэ киллэриллибит.

Саҥа сокуон барылыгар ураты харыстанар айылҕа территорияларыгар бултааһын көҥүллэнэр көрүҥүн кэрискэтигэр уонна көҥүлү биэриигэ саҥа балаһыанньалар, чуолаан булт болдьоҕун, миэстэтин уо.д.а. чопчулуур пууннар эбиллэн биэрбиттэр. 13-с ыстатыйаҕа маннык этиллибит: «Өрөспүүбүлүкэтээҕи уонна олохтоох суолталаах ураты харыстанар айылҕа территорияларыгар бултааһын маннык территориялары тэрийии сыалын-соругун итиэннэ эрэсиимин утарбат буоллаҕына, булт болдьоҕун кэмигэр уонна бултуур сирдэргэ көҥүллэнэр». Судургутук эттэххэ, ураты харыстанар сирдэр эрэсиимнэрин уратыларын учуоттаан туран, бэйэ утарынан сииригэр, научнай-чинчийэр, спортивнай, көтөр-сүүрэр ахсаанын сүрүннүүр, булт ресурсаларын атын килиимэккэ үөрэтэр, көһөрөр уонна гибрид таһаарар сыалтан бултааһын хоту дойду, Сибиир, Уһук Илин төрүт олохтоох, аҕыйах ахсааннаах норуоттарыгар итиэннэ онно олорор, булдунан иитиллэр дьоҥҥо көҥүллэммит.  

Ураты харыстанар сирдэргэ бултааһыҥҥа көҥүлү биэрии РФ Айылҕа ресурсаларыгар уонна экологияҕа министиэристибэтэ 2014 сыллаахха таһаарбыт 379 №-дээх бирикээһинэн бигэргэммит Бэрээдэккэ олоҕурар. Ону сүрүннүүр, тэрийэр үлэ айылҕа харыстабылын тэрилтэлэригэр сүктэриллибит.

Сис кэмитиэт сокуон барылын көрөн-истэн баран, улуустар уонна куораттааҕы уокуруктар дьаһалталарыгар, дьокутааттар улуустааҕы сэбиэттэрин бэрэссэдээтэллэригэр дьүүллэһиигэ ыыталаабыт. Билиҥҥи туругунан, 14 улуус бэйэлэрин этиилэрин киллэрбиттэр.

зал.jpeg

Утарааччы да, өйөөччү да баар

Төгүрүк остуол кыттыылаахтара үгүс ыйытыылары биэрдилэр. Тыл этиитигэр сокуон барылын утарааччы да, өйөөччү да баар буолла. Счетнай балаата аудитора Октябрина Никонова 13-с ыстатыйа 3-с, 4-с пууннарыгар үлэни сүрүннүүр боломуочуйалаах тэрилтэ ыйыллыбытын биһириирин биллэрдэ, Хаҥалас улууһуттан Сэбиэт дьокутаата Александра Александрова хас биирдии ОППТ уратытын учуоттуурга итиэннэ тиэхиньикэнэн сылдьан, бултааһыны боборго эттэ. Төрүт хотугу омуктар өрөспүүбүлүкэтээҕи ассоциацияларын кырдьаҕастарын сүбэтин бэрэссэдээтэлэ, В.Г. Дьячков аатынан аҕа ууһун общинатын баһылыга Татьяна Сивцева (Үөһээ Халыма) этэринэн, кини общината үлэлиир-хамсыыр сиригэр икки ОППТ баарыттан биирэ «төрүт тыытыллыбат сир» диэн ыстаатыстаах, кыыл-сүөл төрүүр-ууһуур биһигэ эбит.

– Сыһыарыллыбыт сирбитигэр биһиги кубуота быһыытынан бултуубут, күндү түүлээххэ былааммытын толоробут. Ааспыт икки сылга ойуур баһаардара тураннар, биология ресурсатыгар улахан охсуу таҕыста. Билигин ким баҕарар бултууругар көҥүл биэрдэххэ, бөртөлүөтүнэн кэлэн, бу сыллар усталарыгар ууһатан кэлбит, общиналар сөбүн көрөн бултуур кыылларбытын начаас эһэн барыахтара. Биһигини төрүт да билиниэхтэрэ суоҕа. Онон, мин сокуон барылын утарабын, – диэтэ.

Ааспыт ыҥырыыга норуот дьокутаата Руслан Федотов сокуон барылын сүнньүнэн өйүүрүн биллэрдэ, «сиикэй» өттүн ситэрэн-хоторон биэрэргэ, чуолаан тустаах ОППТ тус уратытын учуоттуур пууннары, онно бултааһын болдьоҕун кылгатан, кубуотатын аҕыйатан көрөргө эттэ. Холобур, Аммаҕа сааскы кустааһыны көҥүллээн баран, күһүн  хаастааһыны бобор көдьүүстээҕин бэлиэтээтэ. Тоҕо диэтэххэ, хоту сайылаабыт хаастар, ол иһигэр «Кыһыл кинигэҕэ» киллэриллибит хоҥор хаас (гуменник), хаҥалас хаас (пискулька), соҕуруу айанныылларыгар Амма өрүс арыыларыгар сынньанан ааһаллар, олору сааһыттар имири эһэн кэбиһэр кутталлаах эбиттэр.

Норуот дьокутаата Андрей Находкин кэпсэтиини түмүктүүрүгэр, бултааһын уонна ураты харыстанар сирдэри араҥаччылааһын эйгэлэригэр сүрүннээһини эрэйэр боппуруос элбэҕин бигэргэттэ. Муус устар 11 күнүгэр ыытыллар сис кэмитиэт мунньаҕар сокуон барылын Ил Түмэн пленарнай мунньаҕар киллэрэр-киллэрбэт туһунан боппуруоһу көрүөхпүт диэтэ.

Хаартыскаҕа Василий КОНОНОВ (Ил Түмэн) түһэриилэрэ

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Уопсастыба

Кинилэр олоҕу киэргэтэллэр

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хаптаҕай нэһилиэгин олохтоохторо Гаврил Семенович Самсонов уонна…
02.11.24 10:31