Николай Николаевич Мочкин 58 саастаах. Кэргэнинээн Екатерина Егоровналыын Таатта киинигэр Ытык-Күөлгэ олороллор. Кини өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр, 40 сыл ыстаастаах суоппар. Ол курдук, аармыйаттан кэлээт да суһал көмөҕө суоппардаабыт. Онтон суол тутуутугар, итиэннэ кэтэх тэрилтэҕэ үлэлээбит. Ол кэннэ «АйанДальТранс» тэрилтэни арыйбыт уонна Саха Сиригэр улахан уйуктаах массыынанан тиэйэр-таһар өҥөнөн дьарыктаммыт. Билигин ити тэрилтэтин сабан, урбаанньыттыыр. Икки уоллаах. Улахан уола Алексей түөрт, кырата Ньургун икки оҕолоохтор. 2022 сылтан Анал байыаннай дьайыы кирбиитигэр өрөспүүбүлүкэттэн сылдьар буойуттарга күүс-көмө буолар.
— Николай Николаевич, эн туох санааттан байыаннай дьайыы буола турар сиригэр үһүс сырыыгын баран эрэҕиний?
— 2022 сыл алтынньы ыйын саҥатыгар кыра уолум Ньургун Николаевич Мочкин Анал байыаннай дьайыыга кытта барбыта. Кини аармыйаҕа сылдьыбатаҕа, онон хомуур быһыытынан ылбатахтара, бэйэтэ баҕа өттүнэн мобилизацияланан барбыта.
Уолум кыра эрдэҕиттэн пинболу сөбүлээн оонньуура, араас бырааһынньыктарга, төрөөбүт күннэргэ бииргэ үөрэнэр оҕолорун, доҕотторун мунньан оонньоторо. Бэлиитикэни интэриэһиргиирэ, ол туһунан элбэҕи умсугуйан туран ааҕара. В. Путин бэлиитикэтин биһириирэ, «Арассыыйаны көмүскүүр» диирэ. Патриоттуу иитиилээх, санаалаах этэ. АБДь-га барыан иннинэ Таатта Кыйытын оскуолатыгар үлэ учууталынан үлэлээбитэ уонна информационнай технология уруогун биэрэрэ. Кэргэнэ Анналыын икки оҕолоохтор.
Оччотооҕу хомуур кэмигэр үс ыйга сулууспалыы бараҕыт дииллэрэ. Онон, аҕыйах кэмҥэ баран кэлиэм дии санаабыта быһыылаҕа даҕаны, мобилизацияламмыт дьон дьайыы бүтүөр диэри сылдьаллар. Бастакы мобилизацияламмыттар Хабаровскайга, Владивостокка тиийэн наһаа өр сыппыттара, онтон мин уоллаахпын тиийээттэрин кытта, төрдүс күннэригэр кыргыһыы бастакы кирбиитигэр киллэрбиттэрэ. Онно Ньургун сүтэн хаалбыта, сибээскэ тахсыбатаҕа. Сэтинньи ыйга уолбун көрдүү Украинаҕа барбытым. Урут бу дойдуга сылдьыбыт буоламмын, сирин-дойдутун син билэр этим, бэйэм улахан кыамталаах массыынабар Тааттаттан гуманитарнай көмө тиэнэн айаннаабытым. Хата, Украинаҕа тиийэрбэр уолум сибээскэ тахсыбыта. Онон быһа холоон ханна баарын билбитим уонна чугастааҕы иккис кирбиигэ тиийэммин, хамандыырын кытта кэпсэтэммин, уолбун көрсүбүтүм.Кинилиин ол бүтэһик көрсүһүүм буолбута.
Онно саха уолаттара бэйэлэрэ «Сиэгэн» диэн взвод тэриммит этилэр. Инники кирбиигэ чуҥнааһынынан, кимэн киириинэн дьарыктаммыттара. Уолум бүтэһик киирсиитигэр Өлүөхүмэттэн сылдьар доҕорун кытта миинэҕэ эстэн күн сириттэн күрэммиттэрэ.
Оччолорго хамандыыра уоппускаҕа барбытыгар Ньургуну взвод хамандыырынан анаабыттар этэ. Уолаттар кэпсииллэринэн, үгүс нациһы кырган, өстөөх тирэх пууннарын ылан хорсуннук быһыыламмыта элбэх. Ол эрээри, ону дакаастыыр видеоҕа да, докумуоҥҥа да бэлиэтээһинэ суох, бииргэ сылдьыбыт уолаттарын кэпсээннэрэ эрэ баар. Онон дьоруойдуу быһыытын кыайан дакаастаабатыбыт. Өлбүтүн кэннэ «Хорсунун иһин» уордьаны биэрбиттэрэ, ону таһынан «Суворов» уонна «Эр санаа» уордьаннарынан наҕараадаланна диэн сурук кэлбитэ эрээри, байыаннай чааһа билиҥҥигэ диэри биэрэ илик.
Уолбун дойдутугар аҕалан ийэ буоругар көмпүппүт. Анараа хаалбыт табаарыстара миэхэ тиһигин быспакка суруйаллара. Кинилэр бары кэриэтэ бааһырбыттара, дойдуларыгар кэлэн доруобуйаларын көннөрүнэн баран төттөрү барбыттара. 200-чэкэ киһиттэн билигин аҕыйах уол ордон хааллылар, уоннааҕылар өлбүттэрэ.
Бастаан уолбун көрдүү барарбар таарыйа гуманитаркаҕа көмөлөспүтүм. Онтон дойдубар төннөн кэлэн бараммын, уолум да эппитинэн, бэйэм да илэ харахпынан көрбүппүнэн, саха уолаттарыгар олох улахан өйөбүл наада эбит диэн толкуйга кэлбитим. Өйөбүл суох буоллаҕына иэдэйииһилэр дии санаабытым. Онон иккистээн барбытым уонна билигин үһүс сырыыбар бэлэмнэнэ сылдьабын.
— Үлэҥ тутулун сырдат эрэ?
— Мин үлэлиир тирэх пуунум Донецкай норуодунай өрөспүүбүлүкэ Новоазовскай куоратыгар баар. Ону таһынан Луганск уонна Ростов куораттарга тирэх пууннар бааллар.
Иккис барыыбар 2023 с. от ыйыттан 2024 с. олунньутугар диэри сылдьыбытым. Бастаан Москубаҕа Биир кэлим координациялыыр кииҥҥэ тиийбитим. РФ Бэрэсидьиэнин иһинэн СӨ бастайааннай бэрэстэбиитэлигэр, СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччытыгар А.С. Федотовка киирбитим, кинини бастакы сырыыбыттан төннөн иһэн эмиэ көрсүбүтүм, уонна: «Көмө быһыытынан үлэлии барыам этэ, уолаттар тиэхиньикэлэрэ суох, антах тиийдэхпинэ тугу эмит биэриэххитин сөп дуо?» - диэн ыйыталастым. Онуоха Андрей Сандаминович: «Тирэх пууҥҥа автопарката тэрий», - диэбитэ. Инньэ гынан, гуманитарканы тарҕатарга уонна тиэхиньикэни оҥорорго анаан автопарк аспыппыт. Ол курдук, инники кирбиигэ гуманитарнай таһаҕаһы тиэйэр массыыналары бэлэмниибит уонна бойобуой сорудахха сылдьар уолаттар тиэхиньикэлэрин өрөмүөннээн оҥоробут. Саха Сиригэр оҥоһуллар квадрацикылларга элбэх сакаас киирбитэ, олору Дьокуускайтан Украинаҕа илдьэргэ үлэлэспитим. Квадрацикыллары байыаннай чаастарга биэрэн бараммын, хонтуруоллуур этим, холобура, алдьаннахтарына оҥоробун.
Тирэх пууммутугар ис дууһаларыттан үлэлиир, үтүө санааларынан сүүрэр-көтөр уолаттар бааллар. Кинилэр волонтердар буолбатахтар, нууччалыы эттэххэ «прикомандированные от Единого координационного центра Якутии» диэннэр. Тус-туспа дуоһунастаахтар, суоппардар, кладовщиктар бааллар, онтон мин мэхээнньик-суоппар буолбутум. Бары бииргэ сылдьан үлэлиибит. Өрөспүүбүлүкэ улуустарыттан кэлэр дэлэгээссийэлэри массыынанан таһабын. Гуманитарка кэллэҕинэ тирэх пуунтан Луганскай, Донецкай норуодунай өрөспүүбүлүкэлэргэ, Херсонскай уобаласка, Запорожьеҕа илдьэн биэрэбин. Итинник сарсыарда 5 чаастан киэһэ 11-12-гэ диэри үлэлиибит. Ол тухары массыынабытынан кэлэ-бара 1 тыһыынчалыы км. сүүрэбит. Инники кирбиигэ кытта киирэн тахсабыт. Биллэн туран, ыарахан. Онтон саамай ыарахана сураҕа суох сүппүт буойуттары көрдөөһүн буолар. Байыаннайдары кытта ыкса үлэлэһэн, уолаттарбытын көрдөөн уонна толоонтон таһааран, ийэ буордарын булларыахпытын наада. Маныаха, биллэн туран, сүтүктээх ийэлэр-аҕалар олус айманаллар. Мин төлөпүөнүм оргуйан олорор, онон бардахпына көрдөөһүҥҥэ күүс-көмө буолар былааннаахпын. Инники көрдөөһүҥҥэ эмиэ үлэлээбитим. Маннык үлэни эдэр киһи тулуйбат, өлбүт дьон ортотуттан киһигин буларыҥ ыарахана бэрт. Онтон мин эрдэ суһал көмөҕө үлэлээбит буоламмын уонна кырдьаҕас киһи буоларым быһыытынан, итиэннэ киириитин-тахсыытын билэрбинэн бу үлэҕэ бэлэммин.
— Бу айанныыргар, онно тиийэн үлэлииргэр ким үбүлүүрүй эбэтэр барытын бэйэҥ кыаххынан уйунаҕын дуу?
— Бастакы сырыыбар бэйэм баҕа өттүбүнэн бардаҕым дии, туох да үбүнэн өйөбүлэ суох. Иккис сырыыбар Таатта улууһуттан бэрэстэбиитэл буолан барбытым. Онон үс ый хамнастаммытым. Бииргэ төрөөбүт бырааттарым, Иван уонна Андрей Мочкиннар барсыбыттара. Бэйэлэрэ баҕа өттүлэринэн баран, үс ый устата хамнаһа суох үлэлээн, күүс-көмө буолан абыраабыттара.
Бу үһүс сырыыбар эмиэ хамнастаах буолар гына барбыт киһи диэн баҕа санаалаахпын. Маныаха, Тааттаттан «Защитники Отечества» судаарыстыбаннай пуонда социальнай координатора Агафья Петровна Ионова үлэлэһэ сылдьар. Хамнаһым атырдьах ыйын ортото быһаарыллыаҕа, онтон мин эрдэ барыам. Тоҕо диэтэххэ, уолаттар наһаа кэтэһэллэр. Кинилэр, бастатан туран, араас тиэхиньикэҕэ наадыйаллар (матасыыкыллар, квадрацикыллар, УАЗ массыыналар, квадракоптердар, антидроннар). Манна кыбытан эттэхпинэ, атын эрэгийиэннэргэ холоотоххо, биһиги өрөспүүбүлүкэбит көмөтө быдан үрдүк таһымнаах. Билигин барарбар араас тиэхиньикэни уонна гуманитарнай баһыылкалары илдьиэхтээхпин. Бэйэм кэтэх массыынабынан барабын. Антах тиийдэхпинэ массыынабын туруорабын уонна тирэх пуун массыынатынан сылдьан үлэлиибин.
— Эн курдук, баҕа өттүлэринэн күүс-көмө буолар дьон төһө элбэхтэрий?
— Барыан баҕалаах элбэх, мин курдук сүтүктээхтэр эҥин эбэтэр ис дууһаларыттан көмөлөһөр санаалаахтар. Адьас барабын диир буоллахха, ханнык эмит тэрилтэттэн командировкаланан барыахха сөп. Тоҕо диэтэр, бэйэҥ барар буоллаххына, бастатан туран, элбэх үп-харчы наада. Украинаҕа аҥардас ас-үөл сыаната наһаа үрдүк. Аны АБДь кирбиитигэр мээнэ дьону чугаһаппаттар. Анал «Тирэх пуун исписэлииһэ» диэн туоһулуур суругу (дастабырыанньа) көрдөрдөххүнэ эрэ сүүһүнэн блокпуостары ааһаҕын.
Маннык сырыы олус сүүрүүлээх, киириилээх-тахсыылаах. Тирэх пуун үлэһиттэрэ бэйэ-бэйэбитин кытта куруутун сибээһи тутабыт. Ханна туох буола турарын биллэрэн, “онно кииримэ, маны тумун, онно кэл, манна бар” дэһэн сүбэ-соргу буолабыт. Аны тирэх пуун үлэһиттэрин, гуманитарщиктары укронацистар анаан «бултаһаллар». Онон олус кутталлаах уонна сэрэхтээх.
— АБДь-га Саха Сириттэн төһө элбэх киһи сулууспалыырый уонна бойобуой туруктара хайдаҕый?
— Саха Сириттэн Нерюнгри, Мирнэй, Ленскэй, Алдан бырамыысыланнай оройуоннартан элбэх киһи сулууспалыы сылдьар. Олору омугунан көрөн тэҥнээтэххэ, сахалар аҕыйахтар. Мин быһа холоон көрөрбүнэн, уопсайа Саха Сириттэн барбыт хас да тыһыынча киһиттэн сахата аҕыйах, тыһыынчаҕа тиийбэт ахсааннаах, буолуон сөп.
Мантан оҕолоро АБДь-га барбыт дьон үксэ «уолаттарбытын барыларын сэриигэ ыыттыгыт, саха аҕыйыыр буолла» диэн бырабыыталыстыбаны, Ил Дарханы буруйдаан саҥараллар. Бу дьон антах сахалар эрэ сэриилэһэ сылдьалларын курдук саныыллар. Манна хоруйдаан эттэхпинэ, чахчыта оннук буолбатах ээ. Антах байыаннай чааска биир-икки эрэ, ханна эрэ биэс, ханна эрэ уон саха баар буолар. Мантан барбыт «Боотур» этэрээккэ элбэхтэр уонна аан бастаан хомуурунан тиийбит уолаттар элбэх буолан сылдьыбыттара. Ол эрээри, кэнники барыларын араартаабыттара. Онон билигин 100-түү, 200-түү саха биир сиргэ суох.
Эрдэ хомуурунан уонна баҕа өттүлэрин хантараак баттаһан барбыт, кыргыһыы уоттаах толоонугар сылдьар уолаттар киэҥ холку көҕүстээхтэр, бойобуой туруктара бөҕө. Кинилэр хаһан да санаалара түһэн ытыы-соҥуу сылдьалларын көрбөккүн. Аны оннук наада, маннык наада диэн тугу да көрдөөбөттөр.
Контрактник наһаа элбэх. Миигиттэн АБДь-га бараары сылдьар уолаттар ыйыталааһыччылар, ону: «Тугуй ол, харчы оҥоро бараары гынаҕын дуо?! Ол оннугар баахтаҕа бараҥҥын үлэлээ», - диэччибин. Онуоха, тоҕо эрэ бары: «Ээ суох, харчы туһуттан буолбатах, дойдум туһа диэн санаабынан барыахпын баҕарабын», - дэһэллэр. Ону санаан көрдөхпүнэ, антах тиийээччилэр улахан аҥаардара чахчы патриоттуу тыыннаахтар. АБДь-га тиийдэхтэринэ уолаттар эйгэлэрэ, өйдөбүллэрэ уларыйан хаалар эбит диэн көрөбүн. Холобура, «Иннибэр өстөөх, кэннибэр Ийэ дойдум» диэн санааҕа киирэллэр. Онтон саха хаһан даҕаны кэннин диэки чугуйбат идэлээх уонна уот кирбииттэн соҕотох тахсыбат, хайаатар да бэйэтин кытта кими эмит кыбынан таһаарар. Маны таһынан, саха хайдах да түгэҥҥэ туһалааҕын, барыстааҕын көрөн дьаһанар, нууччалыы эттэххэ «практичный человек». Ол иһин антах саха уолаттарын олус сыаналыыллар.
— Николай Николаевич, туох баҕа санаалааххыный?
— Мин улаханнык бааһырбыт буойуттарбытын кытта өрөспүүбүлүкэбит үрдүкү салалтата күүскэ ылсан үлэлэһэрэ буоллар диэн баҕа санаалаахпын. Биһиги бааһырбыт буойуттарбыт түргэнник байыаннай быраас хамыыһыйатын ааһан, "салгыы сулууспалыыр кыаҕа суох" диэн быһаарыы ылан, дойдуларыгар төннөллөрүгэр кыһалла сатыыбыт. Кистээбэккэ эттэхпинэ, илиитэ-атаҕа суох да буоллун, кулгааҕынан истибэт да буоллун, аҥар хараҕа көрбөт да буоллун, улахан бааһырыылаах уолаттары төттөрү, хаттаан ыытан иһэллэр. Онон, улаханнык бааһырбыттар элбэх харгыһы көрсүбэккэ, түргэнник ББХ-ны ааһа охсон, дойдуларыгар төннөр кыахтаналларыгар өрөспүүбүлүкэ өттүттэн улахан туруорсуу наада дии саныыбын.
Аны саха уолаттара дьоруойдуу быһыыланаллара дьиҥинэн наһаа элбэх. Ол эрээри, ол түгэни дакаастыыр бэлиэтээһин оҥоһуллубакка, Дьоруой үрдүк аатыгар тиксибэттэр. Холобура, «Алеша» тааҥка экипээһин хорсун быһыыларын түгэнэ видеонан чопчу бэлиэтэммит буолан дьоруой буолбуттара. Билигин Саха Сириттэн Арассыыйа Дьоруойунан тоҕус киһи буолла. Ол эрээри, атын өрөспүүбүлүкэлэргэ холоотоххо, бу ахсаан адьас кыра. Холобура, Бурятия, оннооҕор былырыын, 20-тэн тахса дьоруойдаах этэ. Тувиннар, калмыктар эмиэ элбэх дьоруойдаахтар. Биһиэннэрин буоллаҕына бэлиэтээһиннэрэ суох диэн хамандыырдар дьоруойга анньа сатаабаттар. Маныаха, сахалар ортолоругар 400-тэн тахса киһини кыргыһыы уотуттан массыынанан тиэйэн таһаарбыт уол баар. Санаан көрүҥ, 400-тэн тахса киһини быыһаабыт буойун кыайан дьоруой буолбата. Дьиҥинэн, дьоруойдуу быһыыта санчааска суруллан бэлиэтэммит ээ, киирсии кирбиититтэн бачча киһини аҕалла диэн. Ону Координациялыыр киин дьоруойга туруорса сатаан баран кыайбата. Бурхаат дьыалата эмиэ уһаата-кэҥээтэ, хаалаары гынна дуу диэн аймана саныыбын. Кини дьоруойдуу быһыыта Арассыыйа СМИ-тигэр кытта тахсан, бэлиэтэнэн турар. Дьэ, маннык түгэннэргэ өрөспүүбүлүкэбит бырабыыталыстыбата ылсыан, тиһэҕэр диэри туруорсуон наада. Салалтаттан туруорсуута суох дьоммутун дьоруой оҥоттуур кыаллыбат. Маны сэргэ, буойуттар өлбүттэрин кэннэ бэриллибит наҕараадаларын ирдэһэн, дьонноругар тиксэрэри ситиһиэххэ наада. Бу мин иккис баҕа санаам.
Үсүһүнэн, АБДь бүттэҕинэ үйэтитиигэ анал салаа тэриллиэн наада. Олохторун толук уурбут буойуттарга анаан миэстэтигэр өйдөбүнньүк паамытынньыктары туруорар, о.д.а. үйэтитэр үлэни ыытар киһи бэрт буолуо этэ.
Байыаннай дьайыы түргэнник бүтэригэр уонна уолаттарбыт эргиллэн кэлиэхтэригэр баҕарабын. Киирсэ сылдьар уолаттары саастаах киһи көрөрүгэр ыарахан буолар эбит, кинилэри оҕолорум курдук ылынабын. Санаабар бары кып-кыра оҕолор курдуктар, оннооҕор бэйэбиттэн уонча сыл балыс, 50-чалаах дьону уолаттар диэн көрөбүн. Төннөн кэллэхтэринэ, буойуттарбытыгар күүстээх уонна көдьүүстээх реабилитация наада. Маны сэргэ, АБДь кыттыылаахтара дьоруойдар, дойдуларын көмүскүүр уонна көмүскээбит буойуттар диэн дьон-сэргэ өйдүөн наада.
Николай Николаевич гуманитарнай көмөнү оҥорууга көхтөөх кырасдааныскай санаатын, АБДь кыттыылаахтарыгар уонна Луганскай НӨ эйэлээх олохтоохторугар өйөбүлүн иһин «От благодарного народа ЛНР» диэн бочуот бэлиэтинэн наҕараадаламмыта. Николай Мочкин бэйэтин харыстаммакка АБДь кыттыылаахтарыгар көмөлөһөрө, кинилэр тустарыгар туруулаһара чахчы амарах дууһалааҕын, эр санаалааҕын туоһулуур.
Антонина НЕУСТРОЕВА,
Хаартыскалар Н.Н. Мочкин архыыбыттан
- 6
- 1
- 0
- 0
- 0
- 0