Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -24 oC

Атырдьах ыйын 4-10 күннэригэр «Арассыыйа төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах норуоттара. Уопсастыбаннай дипломатия оскуолата» диэн үөрэтэр бырагыраама иккис түһүмэҕэ ыытыллыаҕа. Бу туһунан Ил Түмэн пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Атырдьах ыйын 4-10 күннэригэр «Арассыыйа төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах норуоттара. Уопсастыбаннай дипломатия оскуолата» диэн үөрэтэр бырагыраама иккис түһүмэҕэ ыытыллыаҕа. Бу туһунан Ил Түмэн пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

«Уопсастыбаннай дипломатия оскуолата» бырайыак төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах норуоттары өйүүргэ туһаайыллар. Бу туһалаах социальнай үөрүйэхтэри уонна лиидэр хаачыстыбатын сайыннарар, итиэннэ  бырайыактыыр үлэ уопутун тарҕатар платформа.  Оскуола сүрүн сыалынан аҕыйах ахсааннаах норуоттар интэриэстэрин туруулаһар саҥа көлүөнэ былааһы уонна урбааны кытта хардарыта сыһыаннаһыыларын үөскэтии буолар.

Санатан эттэххэ, тэрээһин үс түһүмэҕинэн ыытыллар. 2024 сыл ыам ыйыттан муус устарыгар диэри дистанционнай эрэсииминэн бастакы түһүмэҕэ буолан ааспыта. Бу түһүмэххэ «Төрүт омуктар бырааптарын эйгэтигэр аан дойдутааҕы ыстандаартар уонна бэбиэскэ», «Аан дойду социокультурнай эрэгийиэннэригэр төрүт омуктар», итиэннэ «Арассыыйа төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах норуоттарын национальнай бэлиитикэтэ уонна бигэ сайдыылаах туруга» диэн үс хайысханан дьарыктар ыытыллыбыттара.

Иккис түһүмэх үөрэҕин бырагырааматын чэрчитинэн бырайыак кыттааччылара араас дискуссионнай былаһааккаларга,  төгүрүк остуолларга, маастар-кылаастарга, көрсүһүүлэргэ, коуч-сиэссийэлэргэ сылдьыахтара.  Ону сэргэ, төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах норуоттар сыһыаннарыгар судаарыстыбаннай национальнай бэлиитикэни,  бырамыысыланнас киириитигэр олохтоох норуоттар бырааптарын көмүскээһин туһунан, төрүт омуктар култуураларын уонна үгэстэрин о.д.а. билсиэхтэрэ.

Ил Түмэн төрүт олохтоох, аҕыйах ахсааннаах хотугу омуктар боппуруостарыгар уонна Аартыка дьыалаларыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Елена Голомарева «Законодательное обеспечение гарантий прав коренных малочисленных народов Севера и приоритеты законотворческой деятельности на примере Республики Саха (Якутия)» диэн кэпсэтиини салайан ыытыаҕа.

Үөрэх бырагырааматын тэрийээччилэринэн Арассыыйа Федерациятын Хоту дойдутун, Сибиирин уонна Уһук Илинин төрүт олохтоохторун уонна аҕыйах ахсааннаах норуоттарын Ассоциацията уонна Арассыыйа тас дойдулар дьыалаларыгар министиэристибэтин Москубатааҕы норуоттар икки ардыларынааҕы сыһыаннаһыыларыгар судаарыстыбаннай үнүстүүтэ буолаллар. Үһүс түһүмэх быраакытыкаҕа дьоҕуру хаҥатар уонна федеральнай тэрилтэлэр үлэлэрин билиһиннэрэр сыаллаах балаҕан ыйыгар Москубаҕа ыытыллыаҕа.

Хаартыска, ЯСИА.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением