Туһанааччы ахсаана эбиллэр
2012 сылтан үлэлиир сокуон чэрчитинэн, босхо юридическай көмөнөн туһанааччы ахсаана сыллата элбиир. Ол курдук, 2022 с. -- 19 833 киһи, 2023 с. – 15 704 киһи, быйыл алтынньы 1 күнүгэр диэри 18 332 киһи туһаммыт. Босхо юридическай көмөнөн Аҕа дойду сэриитин бэтэрээннэрэ, ССРС, РФ Дьоруойдара уонна тиийинэн олоруу алын таһымыттан намыһах дохуоттаахтар, инбэлииттэр, тулаайах оҕолор уонна кинилэр сокуоннай бэрэстэбиитэллэрэ, төрүт олохтоох хотугу омуктар, олох уустук түбэлтэлэригэр итиэннэ ыксаллаах-быһыыга майгыга түбэспит дьоннор туһанар бырааптаахтар. 2023 сылтан өҥө бу көрүҥэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтара, кинилэр кэргэттэрэ итиэннэ Украинаттан Арассыыйаҕа көһөн кэлбит дьон хабылыннылар. Онуоха босхо юридическай көмө оҥоһуллар боппуруостарын кэккэтэ сокуонунан хааччахтанар (тустаах түбэлтэлэр сабыылаах кэрискэлэрэ баар).
Урукку өттүгэр босхо юридическай көмө Үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтин чэрчитинэн тэриллэр буоллаҕына, быйылгы 2024 сыл кулун тутарыттан Юстиция судаарыстыбаннай кэмитиэтин боломуочуйатыгар киирбит. Бу кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Павел Иванов иһитиннэрбитинэн, өҥө тарыыба өр сыллартан уларытыллыбакка турарынан ситимнээн, босхо көмөнү оҥорбут албакааттар ороскуоттарын толуйуу боппуруоһа быһаарыны эрэйэр. Ил Түмэн тохсус (уочараттаах) пленарнай мунньаҕар тустаах сокуоҥҥа кэккэ уларытыыны киллэрэр туһунан сокуон барыла бастакы ааҕыыга ылыллыбыта. Уларытыыга босхо юридическай көмөнөн туһанар кыраасданнары суукка, судаарыстыбаннай, муниципальнай уорганнарга кинилэр интэриэстэрин көмүскүүр албакаакка оҥорторбут дэбиэринэстэрин нотариус бигэргэтэрин иһин биэрэр төлөбүртэн босхолуурга этиллибитэ, онон, босхо юридическай көмөнү оҥорууга нотариус дьайыытын толуйуу сокуонунан сүрүннэниэхтээх. Бу хайысханан бүддьүөккэ сыллата 5 мөл. солк көрүллүөхтээх.
Юстиция судаарыстыбаннай кэмитиэтэ босхо юридическай көмөнөн туһанааччыларга тупсаҕай буоллун диэн, аан дойду уонна Арассыыйа таһымнаах тэрээһиннэргэ сөп түбэһиннэрэн, «биир түннүк» бириинсибинэн быйылгы үлэ кыраапыгын оҥорбут. Инньэ гынан, от ыйын 12 күнүгэр Таптал, дьиэ кэргэн уонна эрэллээх буолуу күнүн, алтынньы 1 күнүгэр Сааһырбыт дьон аан дойдутааҕы күннэрин, алтынньы 11 күнүгэр күһүҥҥү бултааһын, идэһэ кэмин чэрчилэринэн, тустаахтарга көмө оҥоһуллубут.
Дойдуга бу хайысханан улахан үлэ ыытыллар, идэтийбит юридическай көмө көдьүүһүн үрдэтэр сокуоннар ылыллыбыттар, массыына баазатыгар оҥоһуллубут толору хааччыллыылаах дьоҕус офистар, судургутук этиллэринэн «правомобиллар», кэккэ эрэгийиэннэргэ бэриллибиттэр, «Быраабы билиигэ көмө» судаарыстыбаннай иһитиннэрэр ситим, анал чат-боттар оҥоһуллубуттар.
Анал бюро тэриллэрэ наада
РФ Юстицияҕа министиэристибэтин Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр управлениетын начаалынньыга Алексей Носов этэринэн, Босхо юридическай көмө киинигэр 48 албакаат үлэлиир. Кииҥҥэ былырыын 377 кырасданьыын сылдьыбытыттан көмө 125 киһиэхэ, быйыл 173 кырасданьыын сылдьыбытыттан көмө 129 киһиэхэ оҥоһуллубут. Дьиҥинэн, маннык көмөнү бары министиэристибэлэр, биэдэмистибэлэр, судаарыстыбаннай былаас толоруулаах уорганнара эмиэ оҥоруохтаахтар. Ол эрээри, сорохтор олус көһүүннэрин көрдөрбүттэр.
Ону бэлиэтээн туран, дакылааччыт судаарыстыбаннай уонна судаарыстыбаннайа суох босхо юридическай көмө тиһигин кыттыылаахтара (толоруулаах былаас уорганнара, албакааттар, нотариустар, судаарыстыбаннай уонна муниципальнай өҥөнү оҥорор кииннэр уо.д.а.) нэһилиэнньэҕэ өйдөтөр-сырдатар үлэни күүһүрдэллэрэ ирдэнэрин ыйда. Албакааттар балааталара уонна Элбэх өҥөнү оҥорор киин босхо юридическай көмөнөн туһанар бырааптаах кыраасданнар ордук туох ыйытыктаах кэлэллэрин ырытан баран, көмө оҥоһуллар кэрискэтин кэҥэтэри толкуйдуулларыгар сүбэлээтэ. Түмүгэр, судаарыстыба юридическай бюротун тэрийэр туһунан боппуруоһу хамсатарга ыҥырда.
Өссө ким киириэхтээҕий?
Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр киһи быраабыгар боломуочунай Сардаана Гурьева нэһилиэнньэ киэҥ араҥата бэйэтин быраабын билбэтин, онон босхо юридическай көмө олус наадалааҕын бэлиэтээтэ.
– Арассыыйа Конституциятыгар уонна федеральнай сокуоннарга сөп түбэһиннэрэн, дойду хас биирдии кырасданьыына идэтийбит юридическай көмөнү ылар бырааптаах. Нэһилиэнньэ социальнай өттүнэн көмүскэлэ суох араҥата юридическай көмөҕө тииһиниэхтээх уонна кэккэ тустаах боппуруостарынан ол көмө босхо оҥоһуллуохтаах, – диэтэ.
Босхо юридическай көмөнөн туһанар бырааптаахтар кэккэлэригэр биэнсийэҕэ тахсаллара чугаһаабыт дьону, биэнсийэҕэ олорор кырдьаҕастары (Үлэ Кодексатынан көрүллүбүт быраабы кэһии уонна социальнай өйөбүл боппуруостарынан), хаайыыттан босхоломмуттара алта ыйын туола илик дьону (социальнай өйөбүлгэ, биэнсийэҕэ, үлэҕэ уонна олорор дьиэҕэ быраап боппуруостарыгар) эбии киллэрэргэ эттэ.
«Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйаны өйүүр уопсастыбаннай ыстаап хос бэрэссэдээтэлэ Александр Ошурков судаарыстыба юридическай бюротун тэрийэри өйүүрүн биллэрдэ. Босхо юридическай көмөнү оҥоруу тиһигин кэҥэтэргэ юрист үөрэҕэр үөрэнэр устудьуоннары тардар эргиччи көдьүүстээх буолуоҕа, билиҥҥитэ бу үлэҕэ ХИФУ эрэ кыттыһар, дьиҥинэн АГАТУ, ДьТХА уонна ЯИПИ юристары эмиэ бэлэмнииллэр диэтэ. Босхо юридическай көмөнү оҥорууга биир кэлим ыстандаарты ырытан оҥорорго, көхтөөхтүк үлэлиир юристары көҕүлээһин ньымаларын күүһүрдэргэ ыҥырда.
Ыйытыы балачча элбэх буолла. Норуот дьокутааттара биирдиилээн улуустарынан төһө босхо юридическай көмө оҥоһуллубутун, албакаат өҥөтүн тарыыбын туһунан ыйытаннар, толору хоруйдары иһиттилэр.
– Судаарыстыба юридическай бюрота хайдах киэбинэн тэриллиэхтээҕий, судаарыстыба бүддьүөтүн тэрилтэтин быһыытынан дуу, аптаныамынай биитэр кэммиэрчэскэйэ суох тэрилтэ быһыытынан дуу? – диэн ыйытта Александр Атласов.
Онуоха сокуон судаарыстыба юридическай бюротун судаарыстыба хаһыанай тэрилтэтин быһыытынан, туспа юридическай сирэй оҥорбокко, баар тэрилтэ иһинэн тэрийэри көҥүллүүрэ, онон өрөспүүбүлүкэ 60-ча кэммиэрчэскэйэ суох тэрилтэлэрин үөрэтэн көрөн баран, бюрону Уопсастыбаннай балаата иһинэн тэрийэргэ быһаарыллыбыта этилиннэ.
Тыл – ыалдьыкка
«Төгүрүк остуол» ыалдьыта, Арассыыйа Федерациятын Юстицияҕа министиэристибэтин Приморья кыраайыгар сүрүн управлениетын начаалынньыга Эдуард Мухаметов маннык эттэ:
– Кэпсэтии көхтөөхтүк барбыта босхо юридическай көмөнү оҥорууга интэриэс улаханын көрдөрөр. Манна биири өйдүүр наада, бу социальнай өйөбүл биир көрүҥэ: ылар дьоҥҥо босхо, оттон оҥорооччуларга босхо буолбатах. Бэйэлэрин килийиэннэригэр босхо юридическай көмөнү оҥорор албакааттар үлэлэрэ төлөнүөхтээх. Босхо юридическай көмөнөн туһанар бырааптаах кыраасданнар араҥаларын кэҥэтиигэ үрдүттэн уопсайынан ылбакка, чопчу ханнык түбэлтэлэргэ көрүллэрин быһаарар ордук. Саха Өрөспүүбүлүкэтин территорията киэҥин учуоттаан, суола-ииһэ суох муниципальнай тэриллиилэргэ олорор кыраасданнары босхо юридическай көмөнөн хааччыйары күүһүрдэргэ «Правомобиль» массыынаны биэриини өйүүргэ бэлэммин.
Түмүккэ киирбит этиилэринэн Сүбэ ылылынна. Афанасий Владимиров кэпсэтии аны сис кэмитиэттэринэн ыытыллыаҕын этэ.
Хаартыскаҕа Василий Кононов (Ил Түмэн) түһэриитэ
- 1
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0