Сэһэргэһиини «Ил Түмэн» издательскай дьиэ генеральнай дириэктэрэ Мария Христофорова, «Ситим» медиабөлөх шеф-эрэдээктэрэ Владимир Степанов салайан ыыттылар. Ил Түмэн дьокутааттара, биэдэмистибэлэр салайааччылара, эппиэттээх үлэһиттэрэ, улуустар, нэһилиэктэр баһылыктара кытыннылар.
25 сыл!
Бастакынан тылы ылбыт тутуу миниистирэ Виктор Романов Үтүө дьыала хамсааһын төрүттэммит устуоруйатын билиһиннэрдэ:
– Үтүө дьыала хамсааһына 1999 с. Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын көҕүлээһинэн, Бэрэсидьиэн Михаил Николаев өйөбүлүнэн саҕаламмыта. Мэҥэлэр ол сыл «Улууспут 70 сылынан – 70 эбийиэги!» ыҥырыыны таһааран, нэһилиэк ахсын араас эбийиэктэри туппуттара холобурга туруоруллубута. Михаил Николаев 1999 с., алтынньы 14 күнүгэр Үтүө дьыала хамсааһынын туһунан ыйааҕы таһаарбыта, онно олоҕуран, сэтинньи 18 күнүгэр «2000 сылга – 2000 үтүө дьыала» өрөспүүбүлүкэтээҕи хамсааһын биэдэмистибэлэр икки ардыларынааҕы толоруулаах дириэксийэтэ тэриллибитэ. Онтон ыла лоп-курдук 25 сыл ааста. Өрөспүүбүлүкэ социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар сүҥкэн оруолу ылбыт, ылар «Мин Сахам сирэ ХХI үйэҕэ» Үтүө дьыала хамсааһын билигин Тутуу министиэристибэтин иһинэн үлэлиир.
Бу кэпсэтии саамай тоҕоостоох кэмҥэ тэрилиннэ, онон үчүгэй кэпсэтии тахсарыгар эрэнэбин. Түмүккэ резолюция ылынан, хамсааһыҥҥа тирэх буолар ырычаахтары өссө тупсарар, уларытар, байытан биэрэр туһунан толкуйдуохпут. Ил Түмэн дьокутааттара баалларынан эттэххэ, Үтүө дьыала хайысхатыгар кэлэр сылга бастаан тутулла турар эбийиэктэри ситэрэргэ да тиийбэт харчы тыырыллыбыта, онтон дьокутааттар өйөбүллэринэн эбиллэн, 300 мөл. солк. көрүллэрэ ситиһилиннэ. Ити иһин махтанабын, кэлэр да сылларга үбүлээһин намтатыллыа суоҕар эрэнэбин.
Салгыы миниистир Үтүө дьыала бэтэрээннэригэр, көхтөөх кыттааччыларыгар наҕараадалары туттарда. Ол курдук, «Мин Сахам сирэ ХХI үйэҕэ» Үтүө дьыала хамсааһын мэтээлинэн Юрий Николаев, Иннокентий Бочкарев, Иван Емельянов, Розалия Евсеева, Владимир Степанов, Петр Сивцев, Иннокентий Аммосов, Иван Горохов, Андрей Новгородов бэлиэтэннилэр.
Култууралар саҕалаабыттара
Култуура миниистирин солбуйааччы Мария Турантаева Үтүө дьыала хамсааһын өрөспүүбүлүкэҕэ улахан үлэни оҥорбутун бэлиэтээтэ.
– Чуолаан улуустарга, суола-ииһэ суох кытыы нэһилиэктэргэ элбэх култуура эбийиэктэрэ бу хамсааһыҥҥа тирэҕирэн тутуллубуттара, тутуллаллар. Онон, Үтүө дьыаланы култууралар саҕалаабыттара диэн этэр омуннааһын буолбат. Кэлэр өттүгэр тустаах эбийиэк дьиэтин тутары таһынан, анал тэрилинэн хааччыллыытын эмиэ көрөр көдьүүстээх буолуоҕа. Оннук ырычааҕы киллэрэр наада. Урукку өттүгэр тутуу ороскуотун 30 %-ын Үтүө дьыала хамсааһын, 30 %-ын улуус уйуналлара, 30 %-ын бүддьүөтү таһынан үп быһаарара, инньэ гынан, улуус эбэһээтэлистибэ ылынара. Алампа Соппуруонап: «Холбоһор хотуулаах, кыттыһар кыайыылаах» диэбитинии, норуот көҕүлээһинэн ыытыллар хамсааһын өссө сайда-үүнэ турарыгар баҕарабын, – диэтэ, Култуура министиэристибэтин Махтал суругун Иван Емельяновка туттарда.
– Эдэр исписэлиистэри дьиэнэн хааччыйыы хайдаҕый?
– Үтүө дьыаланан эдэр исписэлиистэргэ олорор дьиэ 2014 сылтан тутуллар буолан, тыа сиригэр элбэх киһибит дьиэнэн хааччылынна. Аны «Уһук Илиҥҥи ипотекаҕа» култуура үлэһиттэрэ киллэриллэн, исписэлиистэрбит дьиэ-уот тутталларыгар, атыылаһалларыгар чэпчэтиинэн туһанар кыахтаннылар. Дьокуускайга Аартыка киинэ тутулларын билэҕит, ураһалаах тутуулар улуустарга бастаан Үтүө дьыаланан оҥоһуллубуттара, ол идиэйэ сайдан, итинник уораҕайга кубулуйан эрэр!
Алексей Петров, «Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ» Үтүө дьыала хамсааһын салайааччыта:
– Чахчы, култууралар биһиги тэрээһиннэрбитигэр көхтөөхтүк кытталлар, култуура элбэх эбийиэктэрэ, ол иһигэр Олоҥхо ыһыахтарын эбийиэктэрэ, Үтүө дьыала чэрчитинэн тутуллаллар. Успуорт өттүгэр эмиэ итинник. Ол барыта ыччаттарбыт төрүт үгэстэрин, култуураларын кыра саастарыттан иҥэринэ улааталларыгар, эт-хаан өттүнэн сайдыылаах дьон буолалларыгар ананар.
Виталий Григорьев, успуорт миниистирин солбуйаачы:
– Үтүө дьыала хамсааһын саҕаланыаҕыттан, успуорт 189 бөдөҥ эбийиэгэ тутуллан, күн бүгүн бары үлэлии-хамсыы тураллар. Билигин тутуу бырайыагын-симиэтэтин докумуонун оҥорторуу сыаната үрдүү турар. Онон кэлэр өттүгэр дьоҕус успуорт саалаларын тутууну Үтүө дьыала хамсааһыныгар киллэрэр буоллар сыаната быдан удамыр буолуо этэ.
Хотулары туспа көрүөххэ
Юрий Николаев, Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы-Ил Түмэн бүддьүөккэ, үпкэ, түһээн уонна сыана бэлиитикэтигэр, бас билии уонна приватизация боппуруостаргар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ:
– Киинтэн ыраах сытар, дьоҕус нэһилиэктэргэ социальнай эбийиэктэри тутуу Үтүө дьыаланан эрэ ыытыллар кыахтанна. Ити иһин бу хамсааһыны саҕалаабыт убайдарбытыгар махтал! Михаил Николаев аата үйэтитиллэрин тухары Үтүө дьыала салҕана туруоҕа. Мин санаабар, бу хамсааһыны «ыраастыахха» наада, сыана ыараата, бүддьүөттэн көрүллэр харчы баһа-атаҕа биллэр, онон хабыллар эбийиэктэр кэрискэлэрин чопчулуур ирдэнэр.
Мин бу хамсааһыҥҥа үлэлэспитим, Үтүө Уйбаан диэн ааттаах үтүөкэн киһини, Иван Емельяновы, кытары билсибитим балачча буолла. Ил Түмэн сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлинэн ананан баран, мэҥэ хаҥаластар сылга түөртүү-биэстии эбийиэги үлэҕэ киллэрэллэриттэн бэркэ сөҕөр этим, онуоха табаарыһым бокуонньук, тутуу миниистирин бастакы солбуйааччынан үлэлээбит, Ил Түмэн дьокутаата Александр Романов өйөбүлэ баара чахчы.
Хотугу улуустартан сайаапка киириитэ олус аҕыйах. Ити улуустарга үчүгэйдик тутар тэрилтэни булар уустук, тоҕо диэтэххэ, мантан тиэхиньикэтин илдьэ көһөн тиийэн, бааза тэриниэн, карьер булуон наада. Биир эбийиэги туппутун кэнниттэн атын эбийиэгэ суох буоллаҕына, төттөрү көһөн кэлэригэр тиийэр. Итинтэн олуйтаран, куонкурус биллэрилиннэҕинэ, ким да кытта сатаабат. Ону барытын учуоттаан, хотугу улуустары туспа көрөргө биһиги өссө былырыын этэн турабыт.
Үтүө дьыаланы дьокутааттар бары өйүүллэр. Ханна, туох эбийиэк тутуллара наадатын билэр буоланнар, харчыны быһаарыыга көхтөөхтүк үлэлээтилэр. Бүддьүөтү таҥыы уустугун өйдүүгүт, инвестбырагырааманан уонна национальнай бырайыактарынан ыытыллар тутууларга үп эмиэ тыырыллыахтаах. Көрүллэр харчы уопсай суумата арыый аччатылынна эрээри, кэлэр сиэссийэлэргэ салгыы үлэлэһиэхпит. Дьэ онуоха хамсааһын бэйэтэ түһэн биэримиэн наада – тутуулар үчүгэй хаачыстыбалаах буолуохтаахттар, кэмигэр бүтэриллиэхтэхтэр.
Урут нэһилиэк бэйэтэ мас кэрдэн тутуу ыытар буоллаҕына, билигин ирдэбил атын, мас тутуу көҥүллэммэт, оччотугар нэһилиэк уонна улуус тутууга тугунан кытталларын, төһө үбү көрөллөрүн чопчулуур наада. Мария Турантаева министиэристибэни куоттарар курдук эттэ да, мин санаабар, саҥа тутуллубут эбийиэк тэрилин тустаах биэдэмистибэ хааччыйыахтаах, бэйэтин бырагырааматын иһинэн. Силигэ толору сиппит эбийиэк үлэҕэ киллэриллиэхтээх.
Үлэ тула түмсүү
Барардаах дьоҥҥо тыл эрдэ бэриллэн баран, кэпсэтии салгыы бэбиэскэ быһыытынан ыытылынна. Үтүө дьыала хамсааһын дириэксийэтин дириэктэринэн 1999 с. ананан, 2002 с. диэри үлэлээбит Иннокентий Бочкарев хамсааһыны Бастакы Бэрэсидьиэн тус хонтуруолугар туппутун бэлиэтээтэ:
– Михаил Николаевич кэмиттэн кэмигэр ыҥыран кэпсэтэр, ханна, туох тутуу барарын, министиэристибэлэр хайдах, тугунан кыттыһалларын ыйытар этэ. Бастакы сыллартан үлэ күүскэ ыытыллыбыта. Сопхуос саҕана тутуллан иһэн быраҕыллыбыт эбийиэктэр балачча элбэх этилэр. Дьэ олору ситэрэн уонна эргэни хапытаалынайдык өрөмүөннээн итиэннэ саҥаттан тутан, мин үлэлиир сылларбар 301 эбийиэк, бөдөҥүттэн эттэххэ, 80 үөрэхтээһин, 88 култуура, 48 доруобуйа харыстабылын дьиэлэрэ, 76 успуорт саалата тутуллубуттара. Оччолорго аҥардас тутуу эрэ буолбакка, тыа хаһаайыстыбатын, дьиэ кэргэн экэниэмикэтин эйгэлэринэн үлэ уонна спонсорство эмиэ киирэллэрэ. Михаил Николаев нэһилиэктэр сайдыыларыгар олохтоохтор көхтөөх кыттыыны ылыахтаахтар, тугу тутары бэйэлэрэ быһаарыахтаахтар, ким эрэ кэлэн оҥорон биэрэригэр сэлээннэниэ суохтаахтар диирэ. Дьону үлэҕэ түмэр, үлэнэн иитэр соругу туруорара.
Үтүө дьыала хамсааһын сыалын-соругун сиппитэ, Арассыыйаҕа биһирэммитэ, 10 бастыҥ бырайыак иһигэр киирбитэ. Ол кэнниттэн олохтоох көҕүлээһини өйүүр федеральнай бырагыраамалар оҥоһуллубуттара. Хамсааһын билигин Үп министиэристибэтин иһинэн үлэлиир «Олохтоох көҕүлээһини өйөөһүн» бырагырааманы, «Тыа сирин кэлимник сайыннарыы» бырагырааманы кытары алтыһан, үлэтэ-хамнаһа кэҥээн турар.
Саҥа технологиянан сэбилэниэххэ
Иван Емельянов, 2002-2017 сс. Үтүө дьыала хамсааһынын салайааччы:
– 1993 с. Култуура министиэристибэтигэр тутуу салаата тэриллэн, онно үлэлии кэлбитим. Култуура улуустардааҕы управлениеларын салайааччылара (бары дьахталлар) бэйэбитигэр тутааччы баар буолла диэн олус үөрбүттэрэ, араас бырайыактардаах кэлбиттэрэ. Инньэ гынан, төһө да үп-харчы кырыымчыгын, бэл, хамнас хастыы да ый хойутаан кэлэрин, сыана күннэтэ үрдүү турарын үрдүнэн, миниистир Андрей Борисов, кини солбуйааччыта Климент Корякин көҕүлээһиннэринэн, улуустарга хаһаайыстыбаннай ньыманан араас эбийиэктэри туппуппут. Тутуу миниистирэ Сергей Дереповскай өйөөбүтүн махтана ахтабын, билигин кини дойдутугар бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор. Иннокентий Бочкарев 2002 с. улуус баһылыгынан талыллыбытыгар, мин Үтүө дьыала хамсааһын дириэксийэтин салайааччынан ананан, 15 сыл үлэлээбитим. Бэрт элбэх эбийиэк үлэҕэ киллэриллибитэ, сорохтор төһө да баайысталлар, олохтоохтор бэйэлэрэ тутар буоланнар, хаачыстыба куһаҕана суох этэ диибин. Билигин биэнсийэҕэ олоробун, иллэҥ киһи арааһы саныыбын. Аныгы матырыйааллары туһаныахха наада итиэннэ хотугу улуустар сайаапкаларынан дьоҕус эбийиэги манна оҥорон баран, тиэйэн илдьэн таҥан биэриэххэ сөп. Билигин талбыт матырыйаал, тиэхиньикэ, технология баар, дьэ, онон сэбилэниэххэ, ол туһунан дьоҥҥо өйдөтүөххэ-биллэриэххэ наада.
Мария Христофорова:
– Сөптөөх этии киирдэ, «Кыым» хаһыакка рубрика арыйан, Үтүө дьыала хамсааһын устуоруйатын, билиҥҥитин уонна тутуу матырыйаалларын туһунан сырдатар көдьүүстээх буолуоҕа.
Розалия Евсеева, бэтэрээн:
– Өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарыгар урут анал рубрика баара, онон бу этиини биһирии иһиттим. Үтүө дьыала дириэксийэтигэр 2001-2018 сс. үлэлээбитим. Мин ааҕарбынан, Чурапчыга 117, Мэҥэ Хаҥаласка 100, Уус Алдаҥҥа 70, Намҥа 69, Сунтаарга 60, Аммаҕа 55, Бүлүүгэ 53, Дьааҥыга, Хаҥаласка 52-лии, Ньурбаҕа 47, Тааттаҕа 44, Үөһээ Бүлүүгэ 43, Горнайга 41, Кэбээйигэ 34, Өлүөхүмэҕэ 33, Орто Халымаҕа, Томпоҕо 28-тыы, Өймөкөөҥҥө 27, Муомаҕа 18, Өлөөҥҥө 16, Абыйга 14, Усуйаанаҕа 13, Уус Маайаҕа 12, Үөһээ Халымаҕа 11, Эдьигээҥҥэ, Ленскэйгэ 10-нуу, Нерюнгрига, Эбээн Бытантайга 9-туу, Булуҥҥа 8, Алдаҥҥа, Аллайыахаҕа, Дьокуускайга, Мирнэйгэ 7-лии, Анаабырга 6, Аллара Халымаҕа 2 эбийиэк тутуллубуттара. Чахчы дьону-сэргэни түмэр баһылыктаах улуустарга элбэх тутуу ыытыллыбыта.
Үтүө дьыалаҕа тирэҕирэн
Алексей Петров:
– Онлайн киэбинэн улуустар холбонон олороллор, кинилэри истиэҕиҥ.
Василий Филиппов, Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыгын тутууга солбуйааччы:
– Биһиги улууспут көҕүлээһининэн, Үтүө дьыала хамсааһына өрөспүүбүлүкэҕэ тарҕанан, сүҥкэн үлэ ыытылынна. Быйыл Өлөчөйгө, эһиил Бөкөҕө успуорт саалалара үлэҕэ киллэриллиэхтэрэ, эдэр исписэлиистэргэ олорор дьиэ тутуута саҕаланна. Үлэҕэ киллэриллэр эбийиэк тэрилинэн хааччыллыыта көрүллүөн наада диэн этиини өйүүбүн.
Иннокентий Аммосов, бэтэрээн, 1994-2002 сс. Төлөй нэһилиэгин, 2002-2008 сс. Чурапчы улууһун баһылыга:
– Тыа сиригэр бачча уһуйаан, оччо оскуола тутулунна диибит эрээри, олорго үөрэнэр оҕо суох буолар кутталлаах, нэһилиэнньэ ахсаана аҕыйыы, сүөһү-сылгы ахсаана көҕүрүү турар. Онон ыччат олохсуйарын туһугар Үтүө дьыала хамсааһыны тыа сиригэр үлэни-хамнаһы тэрийэргэ туһаайыахха наада.
Иван Горохов, бэтэрээн, 2000-2018 сс. Эбээн Бытантай улууһун баһылыга:
– Бу хамсааһын суоҕа буоллар, тыа сиригэр, чуолаан хотугу улуустарга социальнай эбийиэктэри тутуу төрүт хаалыа этэ. Биһиги бэйэбит холбутугар элбэх эбийиэги туппуппут билигин тигинэччи үлэлии тураллар. Иван Софронович Эбээн Бытантайга хаста да кэлэ сылдьыбыта, мэлдьи өйүүрэ, ол иһин махтал улахан. Хамсааһын аны да салҕана турарыгар баҕарабын.
Григорий Гуляев, Нам улууһун Түбэй нэһилиэгин баһылыга:
– Үйэ чиэппэрин устата өрөспүүбүлүкэ дьоно-сэргэтэ бу хамсааһыны олус биһирээн, көхтөөхтүк кытынна. Кэнники сылларга федеральнай сокуоҥҥа уларыйыы киирэн, тутар тэрилтэ тиэндэринэн быһаарыллар буолан, үп-харчы атын сиргэ халыйар. Михаил Николаев хамсааһыны төрүттүүрүгэр харчы нэһилиэккэ хаалан, сайдыыны түстүөхтээх диэбитэ. Онон улууска тутуу тэрилтэтэ баар буолуохтаах.
Бырайыак-симиэтэ докумуонугар кэллэххэ, тустаах эбийиэктэргэ биир типовой бырайыак оҥоһуллара көдьүүстээх буолуоҕа. Билигин баһылыктар эбийиэк аайы саҥа бырайыагы оҥорторон түбүгүрэллэр, харчыларын онно тэбииллэр.
Иннокентий Аммосов этиитин өйүүбүн, чахчы, үлэлиэн баҕарар киһи көрсөр кыһалҕата элбэх: олорор дьиэ суох, ходуһа үллэһиллэн бүппүт, онтон сиэттэрэн ыччат киин сиргэ барар. Онон ыччаты олохсутар үлэ кэлимник тэриллэрэ наада.
Алексей Петров:
– Үчүгэй этиилэр киирдилэр, барытын бэлиэтэнэ олоробут. Сокуон атахтыыра кырдьык баар, ол иһин бэдэрээччити кытары нэһилиэктэн бачча киһини үлэҕэ ылаҕыт диэн сөбүлэһии түһэрсэ сылдьыбыппыт. Эдэр исписэлиистэргэ олорор дьиэни тутууга 2014 сылтан үлэлиибит, ону таһынан тутуллан иһэн быраҕыллыбыт эбийиэги атыылаһан ылан, олорор дьиэҕэ анаан тутар буоллубут. Билиҥҥи туругунан, оннук 43 кыбартыыраны атыылаһарга дьаһал таҕыста. Үтүө дьыалаҕа үлэ эбийиэктэрин (хотон, сылгы баазатын, тэпилиисэ) тутууну киллэрэргэ этиини бэлиэҕэ ыллыбыт, үлэлэһиэхпит. Биллэрии кэриэтэ эттэххэ, үбүлүөйдээх 25 сылбытын көрсө үлэбит-хамнаспыт, үлэлээбит дьоннорбут тустарынан кинигэ таһааран эрэбит, биһирэмин ахсынньы 7 күнүгэр «Россия – моя история» түмэлгэ ыытарга былаанныыбыт.
Мария Христофорова:
– Киирбит этиилэринэн көрдөххө, хамсааһын үлэтигэр Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтин кытыннарыахха наада эбит.
Алексей Петров:
– Сөп, өйдөөтүбүт. Биһиги үлэҕэ киллэрэр эбийиэктэрбитин тэрилинэн, миэбэлинэн хааччыйыыга үөрэх, култуура, доруобуйа харыстабылын, успуорт министиэристибэлэрин, сырдыгы-сылааһы киллэриигэ ОДьКХ-ны кытары ыкса үлэлиибит. Оттон Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтин кытары «Тыа сирин кэлимник сайыннарыы» бырагыраама бэһис хос бырагырааматын чэрчитинэн үлэлиибит.
Мария Христофорова, Владимир Степанов:
– Тыа сиригэр ыччаты олохсутуу бүгүҥҥү кэм тирээн турар соруга. Ил Түмэн ааспыт пленарнай мунньаҕар Алексей Еремеев тыа сиригэр хамнас намыһаҕын, олорор дьиэ суоҕун, сүөһү ахсаана көҕүрүү турарын бэлиэтээн: «Балаһыанньа көммөтөҕүнэ, биһиги болдьохпут бүтүүтэ 100 тыһыынчаны кыайбат сүөһү хаалара буолуо», – диэн дьиксинэрин биллэрбитэ. Манна биири эбэбит: Дьокуускай куорат 400 сылын көрсө 202-с түөлбэттэн Хатаска диэри кэлим тутуу былааннанар. Улуустар кииннэригэр тутуллар толору хаачыллыылаах кыбартыыра сыаната куорат сыанатыттан итэҕэһэ суох. Дьэ ити курдук ыччаты куоракка угуйуу элбээн, тыа сиригэр ыччат хаалбат балаһыанньата үөскээн эрэр. Онон Үтүө дьыала хамсааһын биир хайысхата тыа хаһаайыстыбатыгар туһаайыллара ирдэннэ. Кэпсэтиигэ кыттыбыккытыгар, санааҕытын эппиккитигэр махтанабыт.
Хаартыскалар Владлена Охлопкова түһэриитэ уонна Тутуу министиэристибэтин саайтыттан.
- 3
- 0
- 0
- 0
- 0
- 1