Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -37 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтэ сааскы халаан уутун хоромньута суох аһардар туһугар тустаах дьаһаллары сыллата эрдэттэн тэрийэн ыытар. 

Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтэ сааскы халаан уутун хоромньута суох аһардар туһугар тустаах дьаһаллары сыллата эрдэттэн тэрийэн ыытар. 

Ол курдук, нэһилиэктэр пааспардара, ууга барар кутталлаах эбийиэктэр испииһэктэрэ, сүөһүнү-сылгыны үөһэ, уу ылбат сиригэр таһаарыы былаана итиэннэ быстах хаайар пууннары көрүү-истии кыраапыга оҥоһуллар. Олохтоох дьаһалта, тэрилтэлэр, хаһаайыстыбалар салайааччыларыгар, үлэһиттэригэр халааны утары дьаһаллары тэрийиигэ үөрэх ыытыллар.

Кулун тутар ый бүтүүтүгэр Өлүөхүмэ улууһун Дьэлгэй, Дабаан, I Нөөрүктээйи, II Нөөрүктээйи, Кыыллаах, Троицкай уонна Хоро нэһилиэктэригэр олохтоох дьаһалта баһылыктарын, тыа хаһаайыстыбатын исписэлиистэрин, сүөһүлээх хаһаайыстыбалар кэлэктииптэрин кытары оробуочай көрсүһүүлэр тэрилиннилэр. Көмүөл мууһа ааһар кутталлаах кэмигэр сүөһүнү-сылгыны быстах хаайар пууннар бэрэбиэркэлэннилэр. Бу туһунан министиэристибэ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Хаартыска Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтин саайтыттан 

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
Уопсастыба

Үбүлээһин аччатыллыбат

Буолаары турар пленарнай мунньаҕы көрсө норуот дьокутааттара «Саха Өрөспүүбүлүкэтин 2027…
22.11.26 15:36
Уопсастыба

Куоркун турнирын түмүктэрэ

Сэтинньи 20-21 күннэригэр Дьокуускайга ыытыллыбыт Д.П. Куоркун кэриэһигэр көҥүл тустууга…
22.11.26 14:21