Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -18 oC

Өлүөнэ сүнньүнээҕи управление пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, бүгүҥҥү туругунан Ленскэй куорат аннынан Өлүөнэ өрүс мууһа  хаһааҥҥытааҕар да эрдэ (10 күн иннинэ) хамсаата.

Өлүөнэ сүнньүнээҕи управление пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, бүгүҥҥү туругунан Ленскэй куорат аннынан Өлүөнэ өрүс мууһа  хаһааҥҥытааҕар да эрдэ (10 күн иннинэ) хамсаата.

Нүүйэтээҕи гидропуоска  уу суукка иһигэр 2,5 м үрдээтэ уонна муус көтөҕүлүннэ. Онон Нүүйэ эргин сотору муус хамсыаҕа. Өлүөхүмэ улууһугар уу таһыма биллэрдик үрдүү турар  (30 см-тан 90 см-га диэри), киини улуустарга 20 см-тан 40 см-га диэри үрдээтэ. Өлүөхүмэ өрүскэ Дьиикимдэ гидропуос (Өлүөхүмэ улууһа)  аттынан 9 суукка эрдэлээн, муус хамсаата.  Ыам ыйын 1 күнүгэр Нүүйэ өрүстэн муус киириэхтээх бастакы долгуна биллибитэ. Алдан өрүс баһыгар Суон-Тиит гидропуоска  уу таһыма 1,4 м үрдээн, муус хамсаата. Онон бу күннэргэ Алдан өрүс мууһа  эстиэҕэ, эмиэ 9 күн иннинэ эрдэлиир.  Алдан өрүскэ Алдан уонна Уус Маайа улуустарын аттынан уу таһыма 15 см-тан 30 см-га диэри, Томпо улууһун  аттынан 5 см-тан 10 см-га  диэри  үрдээтэ.  Биир суукка иһинэн ити эргин өрүс мууһа хамсыаҕа.  Амма өрүскэ Бууйа учаастагын эргин уу таһыма 40 см-тан 60 см-га диэри үрдээн,  ыам ыйын 5 күнүттэн ити эргин муус хамсыыра күүтүллэр.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением