Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -12 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

Кэлэн иһэр кэлэн иһэрэ өтөн, халлаан улам тымныйар, түүн аайы сир кырсын туртата кырыардан хаһыҥ түһэр. Хонон турдах ахсын тула от-мас күкээрэн, хатыҥ чараҥ күөх солкото аалыы алтан көмүһүнэн бүрүллэн эрэр.

Кэлэн иһэр кэлэн иһэрэ өтөн, халлаан улам тымныйар, түүн аайы сир кырсын туртата кырыардан хаһыҥ түһэр. Хонон турдах ахсын тула от-мас күкээрэн, хатыҥ чараҥ күөх солкото аалыы алтан көмүһүнэн бүрүллэн эрэр.

Көмүс күһүн!
Маннык алыптаах кэрэ кэми хоһуйан, бастакы ыҥырыылаах Ил Түмэн Бэрэстэбиитэллэрин Балааталарын Бэрэссэдээтэлэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх юриһа, нарын тыллаах-өстөөх лиирик бэйиэт, талааннаах тылбаасчыт Афанасий Илларионов «Чараҥ вальса» диэн хоһоонун айбыта.

Көмүс 1

Бу хоһоону самодеятельнай композитор Николай Сибиряков ырыа оҥорон көтүппүтэ саха тыллаах биир саамай сөбүлүүр ырыата буолла. Саха Өрөспүүбүүкэтин үтүөлээх артыыһа Анастасия Готовцева репертуарыгар бигэтик киирдэ. 

көмүс 2

ЧАРАҤ ВАЛЬСА
Афанасий Илларионов тыла,
Николай Сибиряков матыыба

Көмүс кыымы ыhыахтанан
Күhүн манна саҕаланна,
Чараҥ кини солкотунан
Чараас-чараас былаат баанна.
Күhүн кэлиэн санаабакка,
Күннүүр-оонньуур буолуллара.
Сайын манна күөх тунахха
Санаа күүрэр көрө баара.

көмүс 5

Хос ырыата:
Тэлээриһэр сэбирдэхтэр
Тэҥҥэ-тэҥҥэ эргийдилэр,
Чахчы дьикти, чахчы кэрэ
Чараҥ вальстаан, вальстаан эрэр.

көмүс 4

Күhүн лыҥкыр музыкатын
Күүтэн турбут хаарыан хатыҥ
Хайдах эрэ хамсаан барда,
Хатыҥ аргыый наскылдьыйда.
Доҕоччугуом, сүрэх үөрэр,
Дууhам сырдаан кэҥээн кэлэр.
Тапталбытын таайар, билэр
Чараҥ бүгүн вальстаан эрэр.

көмүс 6

Хос ырыата:
Тэлээриһэр сэбирдэхтэр
Тэҥҥэ-тэҥҥэ эргийдилэр,
Чахчы дьикти, чахчы кэрэ
Чараҥ вальстаан, вальстаан эрэр.

ат

Хаартыскаҕа Владимир Григорьев түһэриитэ.

А к 01

  • 13
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0