Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -35 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) Бэрэссэдээтэлин 2026 сыл от ыйын 6 күнүнээҕи 85 №-дээх дьаһалынан кыраасданнары кытта тус көрсөн кэпсэтии кыраапыга бигэргэммитэ.

СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) Бэрэссэдээтэлин 2026 сыл от ыйын 6 күнүнээҕи 85 №-дээх дьаһалынан кыраасданнары кытта тус көрсөн кэпсэтии кыраапыга бигэргэммитэ.

Ол курдук, ахсынньы 2 күнүгэр Ил Түмэн хонтуруоллуур кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Андрей Николаев, Ил Түмэн мандаакка уонна регламеҥҥа хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ Игорь Григорьев кыраасданнары кытта тус көрсөн кэпсэтиилэрэ буолар.
    Салгыы ахсынньы 3 күнүгэр Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы – бүддьүөт, үп, нолуок уонна сыана бэлиитикэтигэр, бас билии уонна приватизация боппуруостарыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Юрий Николаев, ону тэҥэ, Ил Түмэн култуура уонна иһитиннэрэр-биллэрэр сириэстибэлэр боппуруостарыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Вячеслав Куличкин, Ил Түмэн урбааҥҥа уонна туризмҥа сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Алексей Корнилов уонна Ил Түмэн ыччат дьыалатыгар, физическэй култуураҕа уонна успуорка сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Георгий Балакшин кыраасданнары кытары атах-тэпсэн олорон кэпсэтиэхтэрэ.
 Ахсынньы 10 күнүгэр Ил Түмэн тыа хаһаайыстыбатыгар уонна аграрнай бэлиитикэҕэ сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Александр Атласов, Ил Түмэн сир сыһыаннаһыыларыгар, айылҕа ресурсаларыгар уонна экологияҕа сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Андрей Находкин тус кэпсэтиигэ кыттыахтара. Ахсынньы 11 күнүгэр Ил Түмэн тутууга, олох-дьаһах хомунаалынай хаһаайыстыбатыгар уонна энэргиэтикэҕэ сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Александр Корякин уонна Ил Түмэн социальнай бэлиитикэҕэ, үлэҕэ уонна дьарыктаах буолууга сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Алена Атласова кыраасданнары кытара тус көрсөн кэпсэтиэхтэрэ-ипсэтиэхтэрэ.

  Норуот дьокутааттарын кытары тус көрсүһүүгэ эрдэттэн Ил Түмэн Уопсастыбаннай приемнайдарыгар: Дьокуускай куорат, Ярославскай уулусса, 24/1 №-дээх дьиэтигэр, 117-с кэбиниэккэ итиэннэ https://www.iltumen.ru/reception. интэриниэт-приемнайыгар суруйтарыллар. Сиһилии 8 (4112) 43-53-74 төлөпүөнүнэн эрийэн билсиэххэ сөп.
Көрсүһүүгэ пааспаргытын илдьэ кэлэргитин умнумаҥ. Дьокутааттары кытары тус көрсүһүү кыраапыгын Ил Түмэн саайтыттан билсиҥ.

  • 1
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0