Тускул билгэтэ
Тарас Лукич Тарасов-Тускул айылҕа уларыйыытын эндэппэккэ билгэлиир. Онон кини билгэтиттэн саҕалаатыбыт.
– Тохсунньу 25 күнүттэн үгүс улууска халлаан сыыйа сымнаабытынан, сылыйбытынан барыа. Онуоха диэри хабыалас тымныылар туруохтара. Сүрүннээн түүҥҥү өттүгэр күүскэ тымныйыа. Үгүс киһи тымныыны дьиэ таһынааҕы кыраадыһынан мээрэйдиир үгэстээх. Үксүгэр бу кыраадыс ртута хамсаан хаалбыт, үөһэ тахсыбыт эбэтэр аллараа түспүт буолар. Ол иһин сир-сир аайы көрдөрүүлэр араастаһаллар. Бэл диэтэр, биир нэһилиэк иһигэр халбаҥныыллар. Онуоха кыраадыһы тэҥниэххэ, көннөрүөххэ наада. Күһүн солуурдаах уу үрдэ тоҥорун, мууһунан бүрүллэрин саҕана, кыраадыһы онно уган ртутун миэстэтин буллараҕын. Оччоҕо кыраадыс көрдөрүүтэ чопчуланар. Билигин элбэх киһи Угаров шкалатын сыыһа өйдүүр. Ити шкаланан цельсийгэ 4 кыраадыс эбиллэр. Онон дьиҥнээх кыраадыһы билэргэ, итинтэн 4-дү көҕүрэтиэххэ наада. Саамай дьиҥнээх билгэни гидромет-киинэ биэрэр. Исписэлиистэр билимҥэ олоҕуран, халлаан чопчу туругун иһитиннэрэллэр. Олунньу урут да, билигин да кыһыҥҥы ыйынан биллэр. Онон аҥаарыгар диэри тымныы буолуо. Оттон сыыйа сылыйбытынан барыа. Кэлин күһүн хойутуур, саас эрдэлиир буолла. Быйыл эмиэ итинник буолара сылыктанар. Аны туран, элбэх киһи Дьыл Оҕуһун муоһа хаһан тосторун булкуйар буолла. Аныгы дьон бастакы муос олунньу 12 күнүгэр тостор диэн билэллэр. Ол гынан баран, былыргылар бастакы муоһу тохсунньу 31 күнүгэр тоһуталлар этэ. Ити булкуллуу юлианскай халандаартан григорианскайга көһүү кэмигэр тахсыбыт. Итилэр бэйэ-бэйэлэриттэн 12 күн араастаһаллар. Онон бастакы муос тостуута эмиэ 12 күн хойутаан биэрбит. Былыргы халандаарынан, Дьыл Оҕуһун бастакы муоһа тохсунньу 31 күнүгэр тостор. Күнү-дьылы аны үргэл сулуһунан билгэлииллэр. Билигин ити сулус кый ыраах сылдьар. Онон кэлэр сайын кураан уонна өҥүрүк куйаас буолар чинчилээх. Тоҕо халлаан уһуннук тымныйда диэ? Ити күн эргиирин кытта ыкса ситимнээх. Билигин күн 25-с эргииригэр олоробут. Онтубут 12 сыл буола-буола хатыланар. Онон 2025 сылга диэри кыһынын олус тымныы, сайынын киһи тулуйбат сыралҕан куйааһа буолуо. Бу кэмҥэ аан дойдуга бэлитиичэскэй, экэнэмиичэскэй дьалхааннар күүһүрэллэр. Ол эбэтэр күн киһиэхэ биллибэтинэн төбөтүгэр дьайар. Ол иһин араас быһылааннар, катаклизмнар тахсаллар. Онно барытыгар бэлэм буолуохпутун наада. Бу эргиир муҥутуур оройо 2025 сылга сөп түбэһэр. Онтон ыла айылҕа сыыйа урукку хаатыгар түспүтүнэн барыа. Мин кэтээн көрөрбүнэн, Дьокуускайга 50 кыраадыс тымныы лоп курдук 12 сыл анараа өттүгэр буола сылдьыбыт. Ол да иһин, олохтоохтор: «10 сыл устата буолбатах хабараан тымныылар турдулар», – диэн сөпкө этэллэр. Ити курдук, күн эргиирэ айылҕаҕа улаханнык дьайар.
Уһулуччу тымныы дуо?
«Быйылгы кыһыммыт уһулуччу тымныы дуо?» диэн ыйытыкка Саха сиринээҕи гидромет-киинин начаалынньыгын э.т. Татьяна Маршалик хоруйа:
– Дьиҥинэн, Саха сирин кыһына сүнньүнэн маннык буолуохтаах. Ол гынан баран, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн күннээҕи орто температура 5-6 кыраадыһынан тымныы. Билиҥҥитэ саамай намыһах температура Үөһээ Дьааҥы улууһугар бэлиэтэннэ. Итиннэ, ортотунан, 50 кыраадыс тымныйда. Өймөкөөҥҥө быйылгы кыһын арыый сымнаҕас буолла. Онно, ортотунан, 45-50 кыраадыс тымныы буолар. Күн бүгүн илин эҥээр улуустарыгар температура өрө тахса илик. Баларга күнүһүн даҕаны 50 кыраадыс тымныыттан үөһэ тахсыбат. Урукку өттүгэр Саха сиригэр маннык кыһын нуорма этэ. Кэлин халлаан сылыйан, кыһыннарбыт сымнаабыттара. Ити барыта күндьыл эргиирин кытта ситимнээх. Бу уонна кэлэр нэдиэлэҕэ тымныы оннунан хаалыа. Онтон да сылыйыа диэн эрэннэрэр кыаҕым суох. Билигин өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар бүтүннүүтүгэр күүстээх тропосфернай циклон кэлэн турар. Онтубут эмискэ хамсыыра саарбах. Баҕар, Саха сирин киин циклона илин диэки сыҕарыйыа. Ол эрээри, ону чопчу кыайан эппэппит, – диэн Татьяна Маршалик иһитиннэрдэ.
Тымныы мөкү өрүттэрэ
Биллэн турар, күн-дьыл туруга дьон-сэргэ олоҕор, үлэтигэр-хамнаһыгар биллэрдик дьайар. Маныаха бытарҕан тымныы таһырдьа үлэлиир дьоҥҥо элбэх харгыстары үөскэттэ. Быйылгы уһун хабараан тымныылар туох кыһалҕалары үөскэппиттэрин билэр-көрөр туһуттан кылгас ыйытык оҥордубут.
«Сүүрүк ыттар кытта тоҥоллор...»
Дьокуускай куорат олохтооҕо Николай Попов көлүүр ытын спордунан дьарыктанар. Кыһыннары хаски уонна маламут ыттары сүүрдэр. Чочур Мырааҥҥа ыт көлүүрдээх анал экстрим-туурдары тэрийэр.
– Быйыл хабараан тымныылар хаһааҥҥытааҕар да уһуннук турдулар. Ол да буоллар, Саҥа дьыл кэннэ дьон син хатааһылаата. Санкт-Петербург айанньыттара кытта кэлэ сылдьыбыттара. Ол гынан баран, былырыыҥҥытааҕар киһи син биир аҕыйах. Тохсунньу ортотуттан биир да киһи биллэ илик. Бу үлүгэрдээх тымныыга дьон мээнэ таһырдьа быкпат буоллаҕа. Быйылгы кыһын үлэҕэ-хамнаска кэккэ уларытыылары киллэрдэ. Холобур, томороон тымныыга ыттар да сылайаллар, дьон да тоҥор. Ол иһин айаммыт суолун 8 көскө диэри кыччатан биэрдибит. Урут 18 көс усталаах суолунан сүүрдэр этибит. Билигин тымныылары, чуумпурууну туһанан сааскы үлэбитигэр аа-дьуо бэлэмнэнэбит. Тэриллэрбитин өрөмүөннүүбүт, саҥардабыт. Тымныыга ыттарбытын икки төгүл элбэхтик аһатабыт. Аччык ыт түргэнник тоҥор, – диэн Николай кэпсээтэ.
«Мууһу кытта кэбирэтэр...»
Арассыыйаҕа биллэр муус ууһа, худуоһунньук, аан дойду таһымнаах хас да муус оҥоһук күрэҕин кыайыылааҕа Егор Степанов хабыалас тымныы мууһу кытта кэбирэтэрин эттэ.
– Бастатан туран, тымныы муус хаачыстыбатыгар күүскэ дьайар. Кини кэбирэх, үлтүркэй буолан хаалар. Онон модороон оҥоһуктар тахсаллар. Быйыл мууһу мууска сыһыарарга сыра-сылба бара түстэ. Билэргит курдук, муус дэтээллэри бэйэ-бэйэлэригэр уу көмөтүнэн сыһыараллар. Онон кыра шприцтэринэн өлүүлээн уу кутан, уһуннук бодьуустаһан үлэлээтибит. Биир оҥоһугу оҥоруу күнэ-дьыла дэлби уһаата. Ол эбэтэр уһуннук таһырдьа сылдьарга күһэлиннибит. Дьиҥэр, сакаас аҕыйаабата. Арай хамсыгынан сибээстээн, күрэхтэһиилэр тохтоотулар. Билигин уолаттар Чочур Мырааҥҥа үлэлии сылдьаллар. Саас онно саҥа сынньалаҥ киинэ арыллар үһү. Биир бэйэм Дьокуускайга аҕыйах сакааһы оҥорон баран, тымныйан хааллым. Уһуннук тымныыга сылдьыы – доруобуйаҕа үчүгэйинэн дьайбат, – диэн Егор Егорович санаатын үллэһиннэ.
«Аппараат хам тоҥор...»
Тааттаттан төрүттээх хаартыскаҕа түһэрээччи Галина Давыдова кыһын кэрэ көстүүлэрин үйэтитэр. Ол эбэтэр кыһыннары таһырдьа элбэхтик сылдьар. Ол гынан баран, быйылгы кыһын хаһааҥҥытааҕар да үлэтин уустугурдубут.
– Фотоаппараат чыпчылыйыах бэтэрээ өттүгэр хам тоҥон хаалар. Онон тымныыга киһи бэлэмнэнэн, носторуойкатын, эрэсиимин эрдэттэн оҥостон барар. Куһаҕана диэн аппараат бытааран хаалар. Дэтээллэрэ, арыыта-сыата тоҥоллор. Онон суумкаттан хостоон баран, тута түһэриэххин наада. Быйыл кыһын элбэх сиргэ кыайан сылдьыбатым. Тымныыта бэрт. Аны хамсык мэһэйдэһэр. Арай ааспыт нэдиэлэҕэ «Эйгэ» бааһынай хаһаайыстыбаҕа тиийэн, биэ ыылларын түһэрэн кэллим. Ол иннинэ артыыс Дмитрий Артемьевы ойуун уобараһыгар түһэрбитим. Ити курдук, быйылгы үлэм ахсааннаах, – диэн сэһэргээтэ.
«Ороскуоту элбэтэр...»
Ил Түмэн тыа сиригэр уонна аграрнай бэлиитикэҕэ сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Андрей Находкин Сахабыт сиригэр өтөрүнэн буолбатах тымныылар турдулар диэн бэлиэтээтэ.
– Сахабыт сирэ барахсан тымныытын, дьэ, көрдөрдө. Урут кыра оҕо сырыттахха, таһырдьа киһи тыына сырдыргыыр, кулгаах иһэлийэн «тыс» гына тыаһыыр хабараан тымныылара буолаллара. Быйылгы уһун тымныы ити кэмнэри санатта. Бэл диэтэр, Арассыыйа киин тэлэбиидэнньэтигэр биһиги тымныыбытын хаста да көрдөрдүлэр. «Сахалар тымныыга үөрүйэхтэр. Ирбэт тоҥноро ирбэтигэр көмөлөһөр. Онон барыта үчүгэй», – диэх курдук кэпсииллэр. Ол гынан баран, тымныы аата тымныы. Балтараа ыйы быһа 50 кыраадыс тымныы турара – манан аҕай дьыала буолбатах. Киһи доруобуйатыгар, сүөһү-сылгы туругар улахан охсуулааҕа саарбаҕа суох. Оскуола үөрэҕэ тохтотуллар, айан-сырыы уустугурар, эбийиэктэри ититии күүһүрэр, оттук ороскуота улаатар, тиэхиньикэ айгырыыр. Билигин сылгы номнуо эбии аһылыкка киирдэ. Ити барыта норуот хаһаайыстыбатыгар ноҕуруусканы үөскэтэр. Онон бу күннэргэ бары да халлаан сымныырын ээр-сэмээр күүтэбит. Аны туран, өбүгэ билгэтинэн, тохсунньу бэс ыйыгар сөп түбэһэр. Дьэ, онон буоллаҕына, ардаҕа суох, өҥөрүк куйаас бэс ыйа иһэр. Ити сайыҥҥы ыйга сөбүгэр сөҥүү түспэтэҕинэ, сайыммыт кураан, аһыҥалаах буолар чинчилээх. Оччоҕо ходуһа үлэтин боппуруоһа эмиэ уустугурар.
Муос тостуута сылыйыыны аҕалыа
Этэргэ дылы, айылҕа күүһэ киһиэхэ бас бэриммэт. Бу тымныы – күн-дьыл эргиирин үгэскэ кубулуйбут көстүүтэ. Өбүгэ үгэһинэн, Дьыл Оҕуһун бастакы муоһа тосторун күүтэбит. Бастакы муос «тос» гынна эрэ, халлаан сымнаабытынан, сылыйбытынан барара саарбахтаммат. Оттон билигин күн кутуйах хаамыытынан уһууруттан үөрүөхтээхпит. Күн сыыйа уһаан, саас иһэрэ син биир биллэр.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0