Семен Новгородов 1913 сыллаахха ахсынньыга Санкт-Петербурдааҕы университет илиҥҥи тыллар факультеттарыгар үөрэнэ сылдьан, Бүтүн Арассыыйатааҕы норуот учууталларын сийиэстэригэр оҕону төрөөбүт төрүт тылынан үөрэтии хайаан да ыытыллыахтааҕын туһунан дакылаат оҥорбута. Ити кэнниттэн 1917 сыллаахха Семен Андреевич 4 тыһ. ахсаанынан саха букубаарын бэлэмнээн таһааттарбыта. Ити кэмтэн оскуолаларга төрүт тылынан үөрэтии акылаата түһэриллибитэ. 1923 сыллаахха Семен Новгородов чахчы тулуурдаах үлэтинэн, сыратынан Петроградка кини алпаабытынан саха шрибэ кутуллан оҥоһуллубута. Онон Семен Андреевич саха төрүт тыла сайдарын туһугар үлэлээбитэ тугунан да кэмнэммэт сыаннаһынан буолар. Кини саха норуотугар үтүөтүн сыаналаан бүгүн Чурапчы улууһун уопсастыбаннаһа убаастабылы биллэрэн, кини пааматынньыгар сибэккэ дьөрбөтүн уурда. Тэрээһиҥҥэ улуус баһылыга Андрей Ноговицын кытынна.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0