Түгэнинэн туһанан, норуот дьокутаата Михаил Эверстовтан ыйытыласпыппытыгар, «Кэргэним Татьяна бу иккис киинэтэ буолар. Элбэх бэстибээллэргэ кытынна. Бу киинэни прокат оҥорон таһаараары Саха сирин дьонугар-сэргэтигэр көрдөрдүбүт. Санатар буоллахха, бастакы «Его дочь” диэн киинэтэ 2016 сыллаахха “Окно в Европе” диэн Выборг куоракка ыытыллыбыт киинэ бэстибээлигэр грант-при аатын ылбыта. Бу бэстибээл таһыма олус улахан, Арассыыйаҕа, аан дойдуга биллэр-көстөр киинэ кириитиктэрэ, режиссердар дьүүллүүр сүбэҕэ кытталлар. Холобур, 2015 сыллаахха буолбут бэстибээлгэ төһө да элбэх киинэ кыттыбытын үрдүнэн биир да киинэҕэ грант-при аатын биэрбэтэхтэр этэ. Оннук кытаанахтык, дириҥник көрөн киинэни сыаналыыллар. Онон 2016 сыллаахха кэргэним киинэтэ грант-при аатын ылбыта элбэҕи туоһулуур. “Его дочь» уонна «Замыкание» киинэлэр авторскайдар, кэргэним олоҕун көрдөрөллөр. Маҥнайгы киинэҕэ кыра эрдэҕинээҕитэ көрдөрүллэр буоллаҕына, иккискэ кини улааппытын кэннинээҕи олоҕо ойууланар. Иккис киинэ Уус Алдаҥҥа уһуллубута. Кэргэним Татьяна киинэтэ бүгүн Дьокуускайга сүрэхтэммитинэн киэн туттабын, олус диэн үөрдүм. Кэлиҥҥи кэмҥэ саха киинэлэрэ аар-саарга лаппа аатырдылар», - диэн санаатын үллэһиннэ.
Киинэ сүрэхтэниитэ норуот дьокутаата Михаил Эверстов бүгүн төрөөбүт күнүгэр буолбута эмиэ мээнэҕэ буолбатаҕа буолуо. Түгэнинэн туһанан, “Ил Түмэн” издательскай дьиэ” кэлэктиибэ Михаил Ильиһы күн сирин көрбүт үтүө күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиир.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0