Быраастар этэллэринэн, 35-н аастыҥ да тонометр атыылаһан, дабылыанньаҕын кэмиттэн кэмигэр көрүнэ сылдьыахтааххын. Эдэр сылдьан космонавт курдук 120/80 дабылыанньалаах дьон 40-чаларыгар тиийэн хааннарын баттааһына сыыйа үрдээн, гипертония диэн ыарыы олохсуйуон сөп.
Дабылыанньа истириэстэн, күнү супту офиска олорон үлэлиир эрээри, эт-хаан өттүнэн эмискэ хамсаннаххына, ньиэрбинэйдээтэххинэ, үлэҕэр ноҕоруускаланнаххына, көмпүүтэргэ аһара өр үлэлээтэххинэ, күн-дьыл, килиимэт уларыйдаҕына үрдүүр.
Нуорма быһыытынан, 20-40 саастаах дьон дабылыанньата 120/70-130/80 буолуохтаах, 40-60 саастаах дьон дабылыанньата 140/90 буолуохтаах, 60-н аҕа саастаах дьон киэнэ 150/90.
Өскөтүн дабылыанньаҥ нуорматтан өр кэм тухары үрдүк түгэнигэр бырааска көрдөрөн, хаан баттааһына тоҕо үрдүүр төрүөтүн билиэххин уонна сөптөөх эми анатыаххын наада. Быраастар этэллэринэн, дабылыанньа эмин биирдэ иһэн баран быраҕан кэбиспэккэ, олоҕуҥ тухары иһиллэр.
Намыһах дабылыанньалаах дьоҥҥо кофе, барбыт хара чэй көмөлөһөр, оттон хааннарын баттааһына үрдүк дьоҥҥо сэниэ киллэрэр утах көҥүллэммэт.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 1