Грипп ыарыыта тарҕаныан иннинэ быhыыны ылар наадалаах. Онуоха билигин саамай тоҕоостоох кэм. Быhыыны олорор сиринэн эмп тэрилтэлэригэр ылыахха сѳп. Бу күҥҥэ грипп утары быhыыны 71 471 киhи ылбыт, ол иhигэр 22 149 оҕо, 49 260 улахан дьон. СѲ доруобуйатын харыстабылын министиэристибэтэ биллэрэринэн, бу күhүн вакцинациянан нэhилиэнньэ 60 бырыhыанын хабар сорук турар.
Эмчиттэр уопсастыбаннай сирдэргэ, автобуска мэдиссиинискэй маасканы кэтэ, илиини мыылалаах уунан сууна сылдьарга уонна антисептическэй сириэстибэлэри туттарга, ичигэстик таҥнарга, оттон тымныйан ыалдьыы бэлиэлэрэ билиннэхтэринэ, бырааhы ыҥырарга сүбэлииллэр.
Саҥа коронавируснай инфекция (COVID-19) эмиэ биhиги олохпутуттан ханна да сүппэтэҕин ѳйдүүр наадалаах.
Билигин дойдуга хамсыгынан ыалдьыы саҥа долгунугар бэлэмнэнэллэр. Хамсыгынан ыалдьыы элбээhинэ атырдьах ыйын ортотуттан бэлиэтэнэр. Холобур, ааспыт нэдиэлэҕэ Арассыыйа үрдүнэн коронавируhунан сутуллуу 11,5 тыh. түбэлтэтэ ргеистрацияламмыт. Ол бу иннинээҕи нэдиэлэ 7,7 тыh. ахсааннаах кѳрдѳрүүтүн 50% кэриҥэ куоhарбыт. Балыыhаҕа хамсыгынан ыалдьыбыт 2 тыh. курдук киhи киирбит, ол бу иннинээҕи кѳрдѳрүүттэн 20,6%-нан ордук.
Оперативнай штаб дааннайдарынан, хамсыгынан ыалдьыы үрдээhинэ 70 эрэгийиэҥҥэ бэлиэтэммит, оттон 42 эрэгийиэҥҥэ бу ыарыынан балыыhаҕа киирэн эмтэнээччи ахсаана элбээбит.
Хас да эрэгийиэҥҥэ олохтоох былаастар эпидемияны утары хааччахтааhыннары, холобур мааска эрэсиимин, киллэрэр туhунан толкуйдууллар.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0