Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -36 oC

Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев 85 сыллаах үбүлүөйүгэр эҕэрдэлэр киирэ тураллар.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев 85 сыллаах үбүлүөйүгэр эҕэрдэлэр киирэ тураллар.

Ил Түмэн аҕыйах ахсааннаах норуоттар дьылаларыгар сис кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ, норуот дьокутаата Елена Голомарева:

- Саха Сирин дьонугар-сэргэтигэр бүгүн дьоро күн. Өрөспүүбүлүкэ Бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев 85 сааһын туолар үөрүүлээх күнэ. Биһиги Сахабыт Сирин дьолугар Михаил Ефимович Николаев улахан үрдүк таһымнаах салайааччы быһыытынан чочуллан, 90-с ыһыллыы сылларыгар үтүмэн элбэх үлэни тэрийэн, үөрэх, култуура, доруобуйа харыстабылын сайдар суолларын тобулан, дойду таһымыгар холобур буолар кирбиилэргэ тахсыбыппыт.

Сүгүрүйэбит, дойдугар, дьоҥҥор-сэргэҕэр муҥура суох тапталгар! Сүгүрүйэбит, оҕо аймах, ыччат туруктаах, инникигэ эрэллээх буоларыгар ыыппыт үлэҕэр. Махтанабыт 100 аспирант бырагырааматын оҥорон, наука эйгэтигэр саха ыччата күргүөмнээхтик киирсэн, билигин күн сайдыы боппуруостарын бары омуктары кытта тэҥҥэ киирсэр кыаҕы биэрбиккитэр. Ыччаттарбыт үөрэхтээх буолууларын бары өттүнэн көрөн аттарбыккытыгар. Инники көлүөнэ үөрэхтээх буолуутун Департамена үтүмэн элбэх үлэни кэлэр кэлүөнэ ыччата үөрэхтээх буолууларын тэрийбиттэригэр. Компьютернай технология оскуола салаатыгар киириитин икки сыл иһигэр тэрийэн, бу хайысхаҕа балысхан хамсааһын түмүгэр билигин Саха Сирэ IT-технологияҕа үтүмэн ситиһиилэрэ.

Без названия

Махтал, Михаил Ефимович, билигин ыытар үлэҕит иһин. "Билиинэн кыайыаҥ!", "Музыка барыбытыгар!", "Бары уруһуйдуубут" бырайыактарыҥ киһи олорорун тухары ис туругун сайыннарарга барыбытыгар ирдэбиллэри туруораллар. Бу кини ыыппыт үлэтин сорохторугар эрэ тохтоотум. Хас биирдии бөһүөлэккэ кэтэх дьиэлэри тутуу тус кэлим бырагырааманан саҕаламмыта. Бу дьиэ кэргэҥҥэ улахан дьол этэ. АЛРОСА хампаанньа хоту алмаас хостонор оройуоннарыгар дивидент биэриитин ситиһэн, кинилэр олохторо туруктаах буолуутун ситиспиккит. Учуутал аата үрдүк таһымҥа тахсарын сокуонунан бэлиэтээбиккит. Учуутал үрдүк аатын кэлэр көлүөнэ билиитин кытта, дойду инники сайдыытын кытта сибээстээҕин ирдэбил быһыытынан туруораҕыт. Саҥа саҕалааһын, олоххо кииллэрии, эппиэтинэһи сүгүү Михаил Ефимович хас биирдии киһитин ирдэбилэ. Бүҥүҥҥү күн ситиһиилэрэ эһиги сабалааһыннаргыт ситиһиилэрэ буолаллар. Сүгүрүйэбит, махтанабыт!!!
Дириҥ убаастабылы кытта, Хоту эргимтэ улуустарыттан норуот дьокутаата

  • 3
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Общество

Как распознать мошенников

«Как только мы начинаем задавать вопросы, мы начинаем думать, поэтому всегда задавайте…
10.12.24 09:34
Уопсастыба

«Үрүччэ» 35 сыла!

Ааспыт нэдиэлэҕэ Дьокуускайга «Сырдыкка, кэрэҕэ тардыһан» диэн тылынан уус-уран айымньы…
10.12.24 09:22