– Ытыктабыллаах Айсен Сергеевич, өрөгөйдөөх үбүлүөйгүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!
Эдэр сааскыттан дойдум, өрөспүүбүлүкэм туһа диэн, аҕыйах ахсааннаах сахаҥ норуотун аан дойду таһымыгар таһаарар сыаллаах үтүмэн үгүс үлэни, дириҥ толкуйу ыытаҕын. Мындыр өйгүнэн, модун санааҥ кыаҕынан, норуотуҥ сайдар суолун тускулаан, сүрүн олугу уураҕын. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит, Арассыыйа атын эрэгийиэннэрин кытта тэҥнээн көрөр буоллахха, бэйэтин өбүгэтин сирин, төрүт дьарыгын, култууратын, духуобунай баайын тутан, харыстаан хаалларбыт. Дьон өйө-санаата айгыраабакка, аныгы олох тэтиминэн дохсуннук хардыылыырыгар, тыа сирин олоҕун харыстабылыгар, бырамыысыланнай экэниэмикэ сайдыытыгар, олох бары эйгэтигэр балысхан үлэни ыытаҕын, сайдыыга дьулуһаҕын.
Туппут илиигин ыһыктыбакка, тэппит атаххын кубулуппакка, олох оргуйар үөһүгэр, килбэйэр киинигэр сырыт. Сүүһүнэн сылларга оҥоһуллубатаҕы оҥор, ситиһиллибэтэҕи ситис, кыаллыбатаҕы да кыай. Судаарыстыбаннас устуоруйатын силиһэ-мутуга чиргэл, чэгиэн буоллаҕына, киниттэн силигилээн тахсар Аал Луук Мас күөх уонна чөл буолуоҕа. Хара тыаҕа Байанай тосхойорун курдук, олох бары эйгэтигэр ситиһиинэн баай-байылыат буол. Ыарыы ыалласпатын, тумуу тумуннун, дьаҥ-дьаһах дьалбарыйдын. Олоҕуҥ устун айанныыр Дьөһөгөйүҥ суола күөх отунан симэннин, айана көнө, тэтимнээх буолуохтун!
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0