Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -22 oC

 

Быйыл оскуоланы бүтэрээччилэргэ үөрэххэ туттарсыы COVID-19 пандемиятыттан сылтаан уратытык ааһар буолла. Бастатан туран, биир кэлим эксээмэн саҕаланар болдьоҕо биир ыйынан уһаан биэрдэ. Онон выпускниктар  үөрэххэ киирбиттэрин  күһүөрү сайын атырдьах ыйыгар  билиэхтэрэ.  

 

Быйыл оскуоланы бүтэрээччилэргэ үөрэххэ туттарсыы COVID-19 пандемиятыттан сылтаан уратытык ааһар буолла. Бастатан туран, биир кэлим эксээмэн саҕаланар болдьоҕо биир ыйынан уһаан биэрдэ. Онон выпускниктар  үөрэххэ киирбиттэрин  күһүөрү сайын атырдьах ыйыгар  билиэхтэрэ.  

Маны таһынан, тохсуc кылааһы бүтэрээччилэр үөрэх дьылын түмүктүүр сүрүн судаарыстыбаннай эксээмэни туттарбатылар. Сыаналара сыллааҕы түмүгүнэн таҕыстылар. Биир кэлим эксээмэни үрдүк үөрэх кыһатыгар киириэн баҕалаах эрэ оҕолор туттарыахтара. Орто анал үөрэххэ аттестат түмүгүнэн киириэхтэрэ.

Орто анал үөрэххэ докумуону тутуу бэс ыйын 20 күнүттэн саҕаланыаҕа. Быйылгы уустук балаһыанньа киллэрбит ирдэбилинэн орто анал үөрэххэ докумуону туттарыы электроннай ньыманан ыытыллыаҕа. Быйыл өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн орто анал үөрэх кыһаларыгар барыта 6422 бүддьүөт миэстэтэ көрүллүбүт, ол онтон 3288 миэстэтэ орто уопсай үөрэхтээһин базатыгар тыырыллыбыт.

 Саха сиригэр уопсайа 48 орто анал үөрэх кыһата баар, итиннэ эбии икки саҥа үөрэх тэрилтэтэ аһыллыаҕа. Аны күһүн Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи профессиональнай-педагогическэй колледж үлэлиэҕэ. Ол эбэтэр саҥа орто анал үөрэх кыһатын Бүлүүтээҕи педколледжы уонна Бүлүүтээҕи техникуму холбоон тэрийиэхтэрэ. Маны таһынан “Арктика” диэн оробуочай идэлэри бэлэмниир киин тэриллиэҕэ. Манна Тиксиитээҕи, Эдьигээннээҕи, Үөһээ Дьааҥытааҕы идэлээх  училищелар холбоһуохтара. Аны күһүн өрөспүүбүлүкэ бары улуустарыгар бу саҥа киин бэрэстэбиитэлистибэлэрэ аһыллыахтара. Оччотугар тыа сирин олохтоохторо миэстэтигэр оробуочай идэлэри баһылыыр кыахтаналлар.

Биһиги Дьокуускай куораттааҕы  орто анал кыһаларын  үөрэххэ тутар хамыыһыйаларын үлэлэрэ хайдах барыаҕын туһунан ыйыталастыбыт.

И.И. Фадеев аатынан Дьокуускайдааҕы үп уонна экэниэмикэ колледжа

Үөрэххэ ылыы хамыыһыйатын эппиэттиир сэкирэтээрэ Алена Трофимова: “Быйыл докумуоннары үөрэх өҥөлөрүн регионнааҕы порталынан, чуолаан https://edu.e-yakutia.ru аадырыһынан тутабыт. Ол инниттэн абитуриент Судаарыстыбаннай өҥөлөр порталларыгар регистрациялаах буолуохтаах.  Бүддьүөт миэстэтигэр докумуоннары атырдьах ыйын 25 күнүгэр диэри ылабыт. Өскөтүн, миэстэ тахсар түгэнигэр  докумуону тутуу сэтинньи 25 күнүгэр диэри уһаан биэриэҕэ», -- диэн быһааран биэрдэ.  

Докумуону өссө ханнык ньыманан туттарыахха сөбүй?

 

Эппиэттиир сэкирэтээр Алена Трофимова быһаарарынан, абитуриент докумуонун Арассыыйа почтатынан эбэтэр үөрэххэ ылыы хамыыһыйа электроннай почтатыгар (Адрес электронной почты защищен от спам-ботов. Для просмотра адреса в вашем браузере должен быть включен Javascript.) ыытыан сөп. Докумуоннарын  куоппуйалаан электроннай көрүҥүнэн  эбэтэр хаартыскаҕа түһэрэн ыытыахтаах. Докумуон тыла-өһө чуолкайдык ааҕыллар буолуохтаах.

Колледж ханнык идэлэргэ үөрэтэрий? 9-с уонна 11-с кылаастар базаларыгар экэниэмикэ уонна бухгалтерскай учуот; үп (финансы); 11-с кылаас базатыгар баан дьыалатын үөрэтэр.

Үөрэххэ киирэргэ ханнык докумуон ирдэнэрий? Пааспар, орто оскуола аттестатын эбэтэр атын  үөрэх кыһатын бүтэрбити туоһулуур докумуон куоппуйалара, 4 устуука хаартыска. Колледжка аттестат эбэтэр үөрэх кыһатын бүтэрбити туоһулуур диплом сыаналарын түмүктэринэн ылаллар. Маны таһынан, выпускник ситиһиитэ эмиэ учуоттанар. Холобур, олимпиадаларга,  куонкурустарга, спортивнай күрэхтэһиилэргэ ситиһиитэ, научнай чинчийэр үлэҕэ дьоҕурдааҕа биһирэнэр. “Абилимпикс” диэн инбэлииттэр профессиональнай маастырыстыбаларын куонкуруһугар уонна «Эдэр профессионаллар” (Ворлдскиллс Россия) күрэхтэһиилэргэ ситиһиилэрэ хайаан да учуокка ылыллар.  

Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын техникума

Тыа хаһаайыстыбатын техникумугар үөрэххэ ылыы хамыыһыйатын эппиэттиир сэкирэтээрэ Светлана Томская: “Быйылгы ирдэбилинэн абитуриеннары кытары үлэбит интэриниэт  көмөтүнэн ыытыллыаҕа. Ол иһин тыа хаһаайыстыбатын техникумугар туттарсарга санаммыт абитуриеннарга анаан саайпытыгар (http://ysxt.ru) үөрэх кыһатын кытары билиһиннэрэр виртуальнай экскурсия оҥордубут. Оҕолор дьиэлэригэр олорон эрэ техникум аудиториялара, лабораториялара, уопсайдара хайдахтарын көрүөххүтүн сөп. Абитуриеннар докумуоннарын https://edu.e-yakutia.ru диэн аадырыһынан киирэн биэриэхтэрин сөп.

   Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын техникума 9-с уонна 11-с кылаастар базаларыгар  25-тии бүддьүөт миэстэтигэр докумуоннары тутуоҕа. Төлөбүрдээх үөрэх сыллааҕы сыаната 50 тыһ. солк. Техникум Мэҥэ-Хаҥалас улууһугар Төҥүлүтээҕи филиала бүддьүөт миэстэтигэр эмиэ үөрэтэр.  Техникум иһинэн массыына ыытарга үөрэтэр анал оскуола үлэлиир. Устудьуоннар В уонна С категорияларга үөрэниэхтэрин сөп.

Улуустан кэлбит устудьуоннарга Курашов уулуссатыгар турар  уопсай дьиэҕэ 350 миэстэ көрүллэр. Биһиги абитуреннары техникумҥа туттарсарга ыҥырабыт», -- диэн быһааран биэрдэ.  

 

Дьокуускайдааҕы эргиэн уонна экэниэмикэ колледжа

Колледж туһунан дириэктэр Валентина Кривошапкина кэпсээтэ:

-К.О.Гаврилов аатынан Дьокуускайдааҕы потребительскай  эргиэн уонна  экэниэмикэ колледжа 1930 сыллаахха тэриллибитэ. Үөрэх кыһата потребкооперация, атыы-эргиэн, уопсастыбаннай аһылыгы, тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарар үлэһиттэри бэлэмниир. 2018 сыллаахха колледжка потребкооперация салаатын тэрийээччи, биллэр бэлиитик Кузьма Гаврилов аатын иҥэрбиттэрэ. Быйыл үөрэхпит кыһата тэриллибитэ 90 сылын бэлиэтиэхтээхпит. Биһиги коллеждпытыгар үөрэммит РСФСР үтүөлээх худуоһунньуга А.Н.Осиповынан, РФ эргиэнин үтүөлээх үлэһитэ И.И.Тарбаховынан, уо.да.а. киэн туттабыт.  

Биһиги устудьуоннарбыт идэлэригэр үрдүк бэлэмнээхтэр. Колледж 2013 сылтан “Ворлдскиллс Россия” чемпионатыгар кыттар. Устудьуоннарбыт Степан Кириллин, Дайаана Дьяконова чемпионат түмүк куонкуруһугар көмүс мэтээли ылбыттара. Онтон да атыттар бу чемпионакка үгүс ситиһиилээхтэр.

Колледжка устудьуоннар бары өттүнэн сайдалларыгар усулуобуйа оҥоһуллар. Саҥа кылаастар, лабораториялар, библиотека, компьютернай кылаастар, спортивнай саала бааллар, куруһуоктар, секциялар үлэлииллэр. Колледж 9 мэндиэмэннээх уопсай дьиэлээх.

Быйыл абитуреннартан докумуоннары бэс ыйын 20 күнүттэн атырдьах ыйын 25 күнүгэр диэри электроннай ньыманан ылабыт. Докумуоннары судаарыстыбаннай портал көмөтүнэн (https://edu.e-yakutia.ru) уонна  колледж Адрес электронной почты защищен от спам-ботов. Для просмотра адреса в вашем браузере должен быть включен Javascript. диэн электроннай почтатыгар  ыытыаххытын сөп. Үөрэххэ абитуриент аттестатын, атын үөрэх докумуонун сыаналарын түмүгүнэн  ылабыт. Эксээмэн буолбат.  Колледж 9-с кылаас аттестатынан алта идэҕэ, онтон 11-с кылаас аттестатынан 7 идэҕэ үөрэтэр. Маны таһынан кэтэхтэн үөрэххэ 9-с уонна 11-с кылаас аттестатынан иккилии идэҕэ үөрэххэ ылар. Холобур, СӨ бүддьүөтүттэн үбүлэнэр идэлэр (25-тии миэстэ): «Поварское и кондитерское дело», квалификация «Специалист по поварскому и кондитерскому делу», үөрэнии болдьоҕо 3 сыл, 10 ый.

«Технология хлеба, кондитерских и макаронных изделий», квалификация «Техник-технолог», үөрэх болдьоҕо 2 сыл, 10 ый.«Организация обслуживания в общественном питании», квалификация «Менеджер», үөрэх болдьоҕо 2 сыл, 10 ый.

Биһиги колледжпытыгар туттарсыан баҕалаахтар http://ytecpk.ru диэн саайпытыгар киирэн киэҥник билсиэххитин эбэтэр 8-914-2701937 диэн   нүөмэргэ эрийиэххитин сөп.  

Билиҥҥи балаһыанньаттан сылтаан орто анал үөрэххэ докумуону туттарыы электроннай ньыманан ыытыллар. Докумуону  туттарыах иннинэ абитуриеннар  ыйытыылардаах, мунаарар боппуруостардаах буоллаххытына, 8(4112) 50-60-44 диэн анал «быһа сибээс» нүөмэригэр эрийэн билсэргитигэр сүбэлиибит.  

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Общество

Архитектор Новой Якутии

Десятилетие деятельности Михаила Николаева на посту Первого Президента Республики Саха…
13.11.24 14:44