Мин маныаха Семен Данилов үлэ туһунан уот харахха хоһуйбутун саныыбын: “Үлэ – олох ис хоһооно, үлэтэ суох олох суох, үлэ диэн дьол доҕуһуола, үлэтэ суох дьол да суох”.
Бииргэ үөрэммит доҕорум Анатолий билигин массыына оҥорор улахан мастарыскыайдаах, ону таһынан сыбаарка үлэтэ баар буоллаҕына, кинини нэһилиэгин дьоно былдьаһа-тарыһа ыҥыраллар. Нэһилиэгэр оннук тутаах киһи буолар. Тимир көлөнү өрөмүөннүүр, дьиэҕэ-уокка сылаас ситими тардар, харчыны да үчүгэйдик өлөрөр. Кини Ньурба улууһун Маар сэлиэнньэтигэр баар техникумҥа “слесарь-автомеханик”, ол кэнниттэн Ленскэйгэ сыбаарсык идэлэригэр үөрэммитэ. Онно ылбыт билиитин хото туһанан, билигин уопуттаах автомеханик, сыбаарсык бэрдэ.
Бу толкуйбун салгыы сайыннараммын, орто үөрэх кыһаларыгар үөрэххэ киирии билиҥҥи туругун билиэхпин баҕардым.
Орто анал үөрэх икки саҥа кыһата Быйыл үөрэххэ туттарсыы хампаанньата аан дойдуга сатыылаабыт COVID-19 ыарыы пандемиятынан уратытык ааһан эрэр.
Орто анал үөрэххэ докумуону тутуу бэс ыйын 20 күнүттэн саҕаламмыта. Хааччахтааһын ирдэбилинэн орто анал үөрэххэ докумуону тутуу электроннай ньыманан ыытыллар. Быйыл өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн орто анал үөрэх кыһаларыгар барыта 6422 бүддьүөт миэстэтэ көрүллүбүт, ол онтон 3288 миэстэтэ орто уопсай үөрэхтээһин базатыгар тыырыллыбыт.
Саха сиригэр уопсайа 48 орто анал үөрэх кыһата баар, итиннэ эбии икки саҥа үөрэх тэрилтэтэ аһыллыаҕа. Ол курдук, аны күһүн Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи профессиональнай-педагогическай колледж аанын арыйыаҕа. Үөрэх бу кыһата Бүлүүтээҕи педколледжы уонна Бүлүүтээҕи техникуму холбоон тэрилиннэ. Маны таһынан “Арктика” диэн оробуочай идэлэри бэлэмниир киин үлэтин саҕалыаҕа. Манна Тиксиитээҕи, Эдьигээннээҕи, Үөһээ Дьааҥытааҕы СПТУлар холбоһуохтара. Үөрэх дьылыттан өрөспүүбүлүкэ бары улуустарыгар бу саҥа киин бэрэстэбиитэлистибэлэрэ аһыллыахтара. Оччотугар тыа сирин ыччата миэстэтигэр оробуочай идэлэри баһылыыр кыахтанар.
Сайабылыанньа атырдьах ыйыттан күүскэ киирээччи Биһиги улуустарга баар орто анал үөрэх кыһаларыгар үөрэххэ ылыы үлэтэ хайдах баран иһэрин туһунан ыйыталастыбыт.
Ньурба улууһун техникумун тутар хамыыһыйатын эппиэттээх сэкирэтээрэ Надежда Васильева:
—Биһиги техникуммут Маар сэлиэнньэтигэр баар. Уопсай үөрэх 11 кылааһын кэнниттэн маннык идэлэринэн үөрэххэ ылабыт: “Мастер общестроительных работ”, “Машинист на открытых горных работах”, “Продавец, контролер-кассир”.
Үөрэхтэр 10 ыйдаахтар. Билиҥҥитэ абитуриеннартан 8 эрэ сайабылыанньа киирдэ. Ол онтон 4 сайабылыанньа — “машинист”, 3 – “продавец”, 1 – “мастер общестроительных работ” идэлэргэ. Үгэс курдук, сайабылыанньа атырдьах ыйыттан күүскэ киирээччи.
Биһиги техникуммут үөрэтэр идэлэрэ аныгы кэмҥэ ирдэниллэр идэлэр дии саныыбын. Холобур, “машинист на открытых горных работах” баһылаабыттар экскаватор, булдьдозер ыытааччыларынан буолаллар, “мастер общестроительных работ” идэҕэ үөрэммиттэр арматурщик эбэтэр сыбаарсык квалификациялаах тахсаллар. Хас биирдии идэлэргэ 25-тии бүддьүөт миэстэлээх. Биһиги Ньурбаҕа бэйэтигэр уонна Маарга үөрэх тэрилтэлэрдээхпит. Атыылааччы-кассир идэтигэр Ньурбаҕа үөрэниэхтэрэ. Устудьуоннарбыт олорор уопсайынан, истипиэндьийэнэн хааччыллаллар. Социальнай истипиэндьийэ тустаах устудьуоннарга эмиэ көрүллэр.
Билигин бары докумуоннары электроннай ньыманан тута олоробут. Абитуриеннар докумуоннарын сканерга түһэрэн, www/edu.e-yakutia.ru портал нөҥүө ыыталлар. Нэһилиэктэргэ барыларыгар Интэриниэт ситимэ баар буолбатах, сорохторго быстар мөлтөх. Ол иһин: "Бу порталынан сатаан ыыппатыбыт", — диэн эрийээччилэр эмиэ бааллар. Оччоҕо судургутук электроннай аадырыска ыыттарабыт уонна бэйэбит бу порталга кинилэр докумуоннарын угабыт.
Нам улууһун техникумугар үөрэххэ ылыы хампаанньатын эппиэттээх сэкирэтээрэ Анастасия Тимофеева:
—Биһиги техникуммут Граф Биэрэгэ сэлиэнньэҕэ баар. Быйыл 9 кылаастаах уопсай үөрэх кэнниттэн 2 сыл 10 ыйдаах “Мастер общестроительных работ”, 3 сыл 10 ыйдаах “Повар, кондитер” идэлэргэ, орто оскуола кэнниттэн “Сварщик ручной и частично механизированной сварки” , “Мастер по ремонту и обслуживанию автомобилей” идэлэргэ үөрэххэ ылабыт. Бу балар 10 ыйдаахтар, 25-тии бүддьүөт миэстэлээхтэр. Билиҥҥитэ абитуриеннартан 28 сайабылыанньа киирдэ. Өскөтүн миэстэбит туолбатаҕына, үөрэххэ ылыы үлэтэ сэтинньигэ диэри барыаҕа. Быйыл “автомеханик” үөрэҕэр элбэх докумуон киирэн эрэр.
Үөрэнэр, олорор усулуобуйалара үчүгэй. Уопсайдаахпыт, остолобуойдаахпыт, саҥа спорт саалата киирбитэ, икки үөрэтэр куорпус баар. Устудьуоннар күҥҥэ үстэ босхо аһыыллар. Уопсайга олороллоругар сылга 1 тыһыынча солуобайы төлүүллэр. Тулаайахтар босхо олороллор. Академическай истипиэндьийэбит кээмэйэ 1674 солк., оттон социальнай статустаах устудьуоннар 2511 солк. ылаллар. Биһиэхэ араас улуустан, Дьокуускайтан кытта кэлэн үөрэнэллэр.
Үөһээ Дьааҥытааҕы элбэх хайысхалаах лицейгэ туттарсыы хамыыһыйатын эппиэттээх сэкирэтээрэ Екатерина Сыромятникова:
—Биһиги лицейбит Баатаҕай бөһүөлэгэр баар. Билиҥҥи туругунан абитуриеннартан 7 сайабылыанньа киирдэ. Орто оскуоланы бүтэрбиттэри 10-нуу ыйдаах “Электромонтер по ремонту и обслуживанию электрооборудования” уонна “Сварщик ручной и частично механизированной сварки”, оттон IX кылаас кэнниттэн 2 сыл 10 ый устата үөрэтэр “Наладчик аппаратного и программного обеспечения” диэн идэлэргэ үөрэххэ ылабыт. Биһиэхэ үксүн улууспут эдэр дьоно үөрэххэ киирэллэр, сороҕор ыаллыы сытар улуустан кэлээччилэр, холобур, Эбээн-Бытантайтан. Сылын аайы миэстэбит туолааччы. Сороҕор миэстэ тиийбэккэ, сатаан киирбэтэх оҕолор эмиэ баар буолааччылар. Билигин аттестат түмүгүнэн үөрэххэ ылабыт. Докумуоннары анал порталынан ылыахтаах этибит да, нэһилиэккэ барытыгар күүстээх Интэриниэт суох. Онон барытын биирдэ электроннай почтанан эбэтэр “Почта России” көмөтүнэн ыыттаран баран, www/edu.e-yakutia.ru порталга бэйэбит киллэрэбит. Быйыл “Полимерметалл” ХЭУо-тан түргэтэтиллибит алта ыйдаах “электромонтер” идэтигэр үөрэтэргэ сакаас киирбитэ. Онно үөрэммит оҕолор бу тэрилтэҕэ тута үлэҕэ киириэхтээхтэр. Лицейбит улахан тэрилтэлэри каадырдарынан хааччыйар көдьүүстээх уопуту туһанар.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0