Биэс хайысханы хабан
Естественнэй наукалар институтугар географияҕа профессиональнай тургутууну ааһарга абитуриеҥҥа маннык ирдэбиллэр тураллар: СЭДО МООDLE уонна Zoom видео-кэмпириэнсийэҕэ холбонон, сирэй көрсөн олорон, орто оскуола бырагырааматынан бэриллэр боппуруостарга эппиэттээн, предметин төһө билэрин көрдөрүөхтээх. Хардарыта сэһэргэһиигэ экологияттан уонна геоэкологияттан ыйтыылар баар буолуохтара. Билиэттэр биэс хайысханы хабаллар: Сир шарын уопсай географическай балаһыанньата, Арассыыйа географията, Арассыыйа экэнэмиичэскэй уонна социальнай географията, аан дойду уонна экология социальнай географията.
Собеседованиеҕа эппиэттээччи дириҥ билиитигэр, географическай каарталарынан, цифровой уонна графическай матырыйаалларынан сатаан туһанарыгар, аан дойду, Арассыыйа регионнарыгар географическай характеристиканы сөптөөхтүк биэрэригэр болҕомто ууруллар.
Айар дьоҕуру тургутан ХИФУ физико-техническэй институтугар «Технология обработки драгоценных камней и металлов» диэн идэҕэ абитуриент айар тургутууну СЭДО МООDLE көмөтүнэн ааһыаҕа.
Сорудаҕы толорорго абитуриент араас сымнаҕас, кытаанах харандаастаах, гелиевай уруучукалаах, сотор эрэһииҥкэлээх, А3 лиистээх, чертежтуур инструменнаах буолуохтаах. Туттарсааччы дистанционнай көрүҥүнэн айар уонна кэрэни кэрэхсиир дьоҕурун көрдөрүөхтээх. Оҥорор композициятын тиэмэтэ эрдэттэн бэриллэр, эксээмэн буолуо биир нэдиэлэ иннинэ консультацияҕа ханнык боппуруостар кэлиэхтэрин сөбүн этэллэр уонна барыл үлэлэри холобур быһыытынан көрдөрүөхтэрэ.
Төһө сайабылыанньа киирбитинэн, тутар хамыыһыйа туттарсааччыларга электроннай почталарыгар эбэтэр бассаабынан эбии иһитиннэриини уонна эксээмэн тиэмэтин ыытыаҕа.
Эксээмэннэр бары биир күн буолаллар, онно 3 академическэй чаас бэриллэр. Ыытар файлларын формата – jpeg уонна pdf.
Сэһэргэһии киэбинэн ыытыллыаҕа
ХИФУ Педагогическэй институтун оскуолаҕа киириэх иннинээҕи саастаах оҕолору бэлэмниир салаатыгар туттарсыы МООDLE уонна Zoom сыһыарыылар көмөлөрүнэн дистанционнайдык барар. Собеседование көрүҥүнэн. Тургутуу хас да түһүмэхтэн туруоҕа. Оскуолаҕа киириэх иннинээҕи саастаах оҕолору үөрэтиини тэрийииттэн уонна салайыыттан саҕалаан, педагогическай маастарыстыба тиэмэтигэр тиийэ боппуруостар баар буолуохтара. Туттарсааччы, холобура, бэйэтин бөһүөлэгэр педагогикаҕа ханнык саҥалыы үлэ уопута баарын кэпсиэн сөп.
Үөрэххэ киирии тургутууларыгар сыанабыл 100 бааллаах кээмэйинэн туруоруллар. Буукубаларынан эттэххэ, А ( 95-100 баал) -- уһулуччу туйгун; В (85 – 94,5 баал) -- туйгун; С (75–84,9 баал) – олус үчүгэй; Д (65 –74,9 баал) -- үчүгэй; Е (40 – 64,9 баал) – орто; F (35 – 41,9 баал) -- намыһах.
Онон саамай үрдүкү баалы ылар туһуттан абитуриент ыйытыыларга толору, сааһыламмыт хоруйу биэриэхтээх, сатабылын, дьоҕурун уонна матырыйаалын төһө баһылаабытын көрдөрүөхтээх.
Мария Кириллина
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0