Күрэх, номнуо, ахсыс сылын улуус бастыҥ 4 кылааһын үөрэнээччилэрин түмэр. Тэрээһин өрөспүүбүлүкэҕэ – Үлэ, улууска – Төрөөбүт тыл, оскуолабыт бастакы учууталыгар Парфений Никитич Самсонов – 125, бастакы дириэктэрбит Анатолий Константинович Акимов – 70 сылларыгар ананна.
Күрэххэ кэтэхтэн 32 үөрэнээччи ситиһиитин түмүгүнэн, 15 уһулуччу үчүгэй ситиһиилээхтэр талыллан, Күүкэй оскуолатын Самсоновтар педагогическай династияларын аатынан Духуобунас уонна үөрэхтээһин киинигэр киэҥ түһүлгэҕэ буолла. Куонкурус түөрт түһүмэҕинэн барда. Кыттааччылар киэҥ ис хоһоонноох бэйэни билиһиннэрэр, ситиһиилэрин сырдатар альбома оҥоһуллан тиһилиннэ. Онтон 15 мүнүүтэлээх киэҥ билиини, өркөн өйү тургутар түһүмэҕи аастылар. Маныаха оҕолор таһымнара арааһа биллэн таҕыста. Билиҥҥи кэм олох сайдыытын тэтиминэн дакылаат, бырайыак көмүскээһинэ олус сэргэхтик ааста. Кыттыбыт эрэ барыта талбыт тиэмэлэрин кыайа-хото, лоп-бааччы кэпсээн сөхтөрдүлэр.
Никита Никитин «Уникальные песни и голоса птиц», Камилла Никифорова «Якутские серьги», Злата Чойнова «Влияние газированных напитков» диэн дакылааттара ордук чорбойдулар. Оскуола түмэлигэр Сунтаар В.Г. Павлов аатынан алын сүһүөх оскуолатын 4 «в» кылааһын үөрэнээччитэ Саша Емельянов, кылаас салайааччыта Т.И. Герасимова, Сунтаарга «Үлэ Дьоруойдара» дакылаатын бэлэх уунна. Бу дакылаатынан Үлэ сылыгар Сунтаар улууһугар үлэлээн дьоруой аатын ылбыт үлэһит дьоннорбут тустарынан толору билиэхпит. Маны сэргэ, кыттааччылар оҥоһуктарынан быыстапка туруорулунна, бэлэх быһыытынан түмэлгэ харайылла хаалла. «Ийэ тылым – мин киэн туттуум» диэн уус-уран ааҕыы түһүмэҕэ төрөөбүт тылбыт уостан устан тахсарыныы ылбаҕайдык, өрө көтөҕүллүүлээхтик, киэҥ туттуулаахтык ааҕан истээччилэр дохсун ытыстарын тыаһынан биһирэннилэр.
Сынньалаҥҥа нэһилиэк устуоруйатын, Самсоновтар педагогическай династияларын кэпсиир түмэл хосторун көрдүлэр, оонньуу-тургукка көхтөөхтүк кытыннылар. Олохтоох бибилэтиэкэ тыл нэдиэлэтигэр Новгородов алпабыытынан суруллубут кинигэни ааҕыы аахсыйатыгар кытыннылар. Маны таһынан, сахалыы тыын өрө көтөҕүллүүтүнэн оһуокайдаатылар.
Никита Никитин, Элгээйи орто оскуолатын үөрэнээччитэ олус дьикти дьарыктаах эбит. Ол курдук, араас көтөрдөр саҥаларын үтүктэн саҥарар. Бэйэтэ этэринэн, «көтөрдөрү кытта өйдөһөр» эбит. Никита бастаан суор саҥатын үтүктэ үөрэммит. Кини маннык диэн санаатын үллэстэр: «Улаханнык долгуйбаппын, маннык күрэхтэргэ, тэрээһиннэргэ сылдьарга үөрүйэхпин. Араас чыычаахтар куоластарын, саҥарар саҥаларын, ыллыылларын сэргээн үөрэтэби, «Уникальные голоса птиц» диэн дакылааппын кэпсээтим». Маны таһынан, Никита олус үчүгэйдик уруһуйдуур, көтөрдөр мончууктарын (чуучала) олус маарыҥнатан оҥорор дьарыктаах, онуоха эбэлээх эһэтэ күүс-көмө, сүбэ-ама буолаллар. Быйыл Ытык Күөлгэ сүтэн эрэр көтөрдөрү үөрэтэр экспэдииссийэҕэ Е.В. Шмякин диэн учуонайы кытта бараары бэлэмнэнэр. Улааттаҕына орнитолог буолар былааннаах.
Никитаҕа инникитин үрдүк ситиһиилэри баҕарабыт. Тута оскуола «Кустук» пресс-киинэ үлэлээн өйдөбүнньүк анал хаһыаттары түҥэттэ, хас биирдии кыттааччы сойбот сонуннаах, хаһыат кэһии тутуурдаах бардылар. Үрдүк таһымнаах куонкурус түмүгүнэн «Саҥа үйэ бастыҥ үөрэнээччитэ - 2023» гран-при хаһаайынынан Никита Никитин ааттанна, оттон лауреаттарынан – Алима Саввинова (Күүкэй), Саша Емельянов (СНОШ), Даниил Рожин (ССОШ№ 2), дипломаннарынан –Злата Чойнова (Хадан), Максим Петров (СНОШ), Ариан Петров (Бордон), о.д.а. үрдүк ситиһиилээхтэргэ анал ааттар иҥэрилиннилэр.
Үөрэҕирии салалтатын методиһа Маргарита Попова тэрээһин үрдүк таһымнаахтык ыытыллыбытын, кыттааччылар бэлэмнэрэ үчүгэйин бэлиэтээтэ. Инники сылларга кылаан кыайыы аатын ылбыт үөрэнээччилэр билигин да ситиһиилээхтэр кэккэлэриттэн түспэккэ сылдьалларын киэн тутта билиһиннэрдэ. Бу күрэх хас биирдии оҕоҕо аартыгын аһан ситиһиилээх суолу кэҥэтэрэ итэҕэтилиннэ. Маннык кыайыылаах саҕахтар арылла турдуннар.
«Кустук» пресс-киинэ, Күүкэй
- 4
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0