Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -24 oC

Билиҥҥи кэмҥэ сайдыы тэтимэ, уларыйыыта түргэнэ бэрт буолан, оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолорго ураты сыһыан ирдэнэр. Маныаха бэлэм билиини иҥэрии эрэ буолбакка, оҕо дьоҕурун арыйарга дьулуһуу уонна киһилии сыһыаҥҥа иитии олохсуйуохтаах.

Билиҥҥи кэмҥэ сайдыы тэтимэ, уларыйыыта түргэнэ бэрт буолан, оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолорго ураты сыһыан ирдэнэр. Маныаха бэлэм билиини иҥэрии эрэ буолбакка, оҕо дьоҕурун арыйарга дьулуһуу уонна киһилии сыһыаҥҥа иитии олохсуйуохтаах.

Үлэбит сүрүн хайысхатынан оҕо тулалыыр эйгэтин тэрийии, тупсарыы, киһититии буолар. Биһиги, иитээччилэр, кырачаан киһи билиэн-көрүөн баҕатын болҕомтоҕо ылан, сэргиир, сонургуур таһымҥа тахсарын ситиһиэхтээхпит. Салгыы оҕо ситиитин батыһа, айымньылаахтык толкуйдуур өйүн, сатабылын сайыннарыахтаахпыт. Оҕо баҕа санаатын, туһааннаах дьарыгын ситиһэргэ туруммутун биһирээн өйүөхтээхпит.

IMG-20210902-WA0050.jpg

Кырачаан экологтар бырайыактара

Уус-Алдан улууһугар оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕо тэрилтэлэригэр тулалыыр эйгэни, аар айылҕаны харыстааһыҥҥа бастакы оҥкуллары тиэрдэр сыаллаах былааннаах үлэ ыытыллар. Онтон быһа тардан, бар дьоммутугар, күндү ааҕааччыларбытыгар, билиһиннэрэргэ сананныбыт.

2017 сылтан Бүтүн Арассыыйатааҕы «Эколята-дошколята» бырайыагынан ситиһиилээхтик үлэлии олорор тэрилтэлэринэн: Мүрүтээҕи Сардаана 17 №-дээх оҕону сайыннарар киин (сэбиэдиссэй Альбина Борисова) уонна Чараҥнааҕы 36 №-дээх «Кэрэчээн» оҕо саада (сэбиэдиссэй Татьяна Бурцева) буолаллар.

Бырайыак ис хоһооно – тулалыыр айылҕа оҕоҕо туох суолталааҕын быһааран кэпсээһин, айылҕа кэрэ көстүүлэрин, көтөрүн-сүүрэрин, хамсыыр харамайын, утары уунар күндү бэлэхтэрин билиһиннэрии. Маныаха оҕо маҥнай тулалыыр айылҕа киһиэхэ дьайар кыаҕын туһунан бастакы өйдөбүлү ылыахтаах. Онтон тулалыыр эйгэни харыстааһыҥҥа, айылҕа баайыгар эппиэтинэстээх сыһыаҥҥа киириэхтээх.

Бырайыак сыала: оҕолор айылҕа харыстабылын туһунан кэлимсэ үөрэҕи ылалларыгар табыгастаах усулуобуйалары тэрийии, оҕолорго уонна төрөппүттэргэ бу үөрэх систиэмэтэ биэрэр кыаҕын өйдөтүү. Итиэннэ оҕолор төрөөбүт дойдуларын тулалыыр айылҕатыгар болҕомтолоох, харыстабыллаах сыһыаннарыгар иитии уонна оҕо саадын тиэргэнигэр айылҕа харыстабылыгар сөптөөх эйгэни тэрийии.

IMG-20210902-WA0044.jpg

Төрөппүт сүбэтин холбоотоххо

Мүрүтээҕи «Сардаана» 17 №-дээх оҕону сайыннарар кииҥҥэ аҕа сүбэтин көмөтүнэн оҥоһуллубут экология кэбиниэтэ баар. Манна үлэһиттэр сыллата бэйэлэрэ бүөбэйдээн, оҕуруот аһын үүннэрэллэр, онтон дьиэ таһыгар кулуумбаларга дьэрэкээн сибэккилэри олордоллор. Оҕолор сылы эргиччи чыычаахтары кэтээн көрөллөрүгэр анаан, төрөппүттэрдиин кормушка оҥорбуттара. Дьэ, ити курдук айылҕаны харыстыыр аналлаах үлэ оҕо саадын биир сүрүн хайысхата буолар.

Экология кэбиниэтигэр сиртэн хостонор араас баай түмүллүбүт коллекцията оҕолор билиэн-көрүөн баҕаларын үксэтэр. Онтон библиотека уонна релаксация зоналара чуумпуран, иһийэн олорон, дьарыктаналларыгар олус табыгастаах миэстэнэн буолар.

Сылын аайы былаан быһыытынан араас таһымнаах куонкурустары, аахсыйалары, тэрээһиннэри ыыталлаллар. Холобура, «Экосумка» диэн полиэтиленовай пакеттан аккаастанар сыаллаах таҥас мөһөөччүктэри тигэн, нэһилиэк дьонугар-сэргэтигэр тарҕатарга төрөппүттэр уонна оҕо саадын үлэһиттэрэ, ону таһынан нэһилиэк атын да тэрилтэлэрэ хабыллыбыттара. Икки сылга биирдэ улуустааҕы «Эко-книжка» куонкурус, «Умный взгляд на мусор» диэн улахан бөлөх оҕолоругар аналлаах научнай-практическай кэмпириэнсийэ ыытыллар.

Бу хайысхаҕа тэриллэр айымньылаах уонна үгүс сыраттан тахсар кэрэхсэбиллээх үлэ үрдүктүк сыаналанан кэлэктиип «Конкурс экологических сказок» диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи экологическай куонкуруска бастакы миэстэни ылбыта. М.К.Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет көҕүлээбит «Отходы в доходы» диэн тохсус төгүлүн ыытыллар научнай-практическай кэмпириэнсийэҕэ айылҕа харыстабылыгар аналлаах видеоролик куонкуруһугар эмиэ бастаан тураллар.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин «Үүнэр көлүөнэ» тус сыаллаах пуондата тэрийэн ыыппыт «Эстафета чистоты» диэн экологическай субуотунньугар (куонкуруһугар) бастааннар, 100 000 солк. суумалаах сэртипикээти тутан, экологическай кэбиниэттэригэр миэбэл ылбыттара. Бүтүн Арассыыйатааҕы «Сыл бастыҥ оҕо саада» диэн 2021 сылы түмүктүүр куонкуруска «Лучшие практики в управлении дошкольного образования» уонна «Гордость отечественного образования» диэн анал ааттар хаһаайыннара буолбуттара.

IMG-20210902-WA0047.jpg

Соруктаах үлэ ситиһиилээх

Айылҕа харыстабылын тиэмэтигэр эмиэ ситиһиилээхтик үлэлиир тэрилтэнэн Чараҥнааҕы 36 №-дээх «Кэрэчээнэ» оҕо саада буолар. «Оҕону кыра эрдэҕиттэн айылҕа кэрэтин болҕойон көрөргө, харыстыырга үөрэтэр өбүгэлэрбит үтүө үгэстэрин умнубакка, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ тиэрдэн иһиллиэхтээх. Кэнчээри ыччат үгэстэри үөрэтэн, билэн-көрөн, этигэр-хааныгар иҥэриннэҕинэ эрэ айылҕабытыгар, тулалыыр эйгэбитигэр сыһыаммыт уларыйыа. Айылҕаҕа туох барыта бэйэбитин кытта ситимнээх, сибээстээх диэн өйдүөхтээхпит», – диир бас иитээччи Майя Неустроева.

«Кэрэчээнэ» оҕо саада үлэтин сүрүн хайысхатынан түөрт бөлөҕүнэн халандаарынан-тиэмэнэн араарыллыбыт «Хатыҥчаан» диэн бырагыраама буолар. Салайаччы кэпсииринэн, оҕолорго сөптөөх усулуобуйа тэриллибит. Бөлөхтөргө «Айылҕа муннуктарын», «Тыыннаах муннуктары», онтон тиэргэҥҥэ «Экология ыллыктарын» оҥорбуттар. Холобура, оҕо саадын 544 кв. миэтирэ иэннээх территориятыгар кыра уонна орто бөлөхтөргө анаан 5 туочукалаах экологическай ыллык олохтоммут. Улахан уонна бэлэмнэнии бөлөх оҕолоругар 17 галаах сиргэ «Нэлээҥҥэ» диэн харыстанар зонаҕа 12 экология туочуката арыллыбыт.

Ааспыт үөрэх сылыгар тиэргэҥҥэ кэлэктиип бэйэтин кыаҕынан метеостанция тэриммит. Оҕолор уонна иитээччилэр айылҕа, дьыл кэмин уларыйыытын кэтээн көрөн, бэлиэтээһиннэри онороллор эбит. Маны таһынан оҕолорго анаан, Саха сирин кыылларын чуучулатын оҥорон, зоология ыллыга диэн тэриллибит.

Айымньылаах үлэ улуус уонна өрөспүүбүлүкэ таһымыгар кэккэ ситиһиилэрдээх эбит. Ол курдук, 2020 уонна 2021 сылларга Бүтүн Арассыыйатааҕы дьыссааттар аһаҕас күрэхтэригэр кыайыылаах үрдүк аатын ылан үөрүүлэрэ үрдээбит. Ону тэҥэ 2020 сыллаахха өрөспүүбүлүкэҕэ оҕо саадтарын икки ардыларыгар ыытыллар көрүүгэ кыайыылаах аатын ылбыттар. Онтон өрөспүүбүлүкэтээҕи экология тиэмэтигэр туруоруллубут остуоруйалар видеоларын күрэҕэр үһү миэстэ буолбуттар.

IMG-20210902-WA0051.jpg

*     *     *

Дьэ, ити курдук улууспутугар ситиһиилээх икки оҕо саадын холобуругар олоҕуран, айылҕаҕа харыстабыллаах сыһыаны иҥэрии, олохсутуу үлэтэ кыра эрдэхтэн саҕаланыахтааҕын кэпсээтибит. Туох да күүркэтиитэ суох, айылҕа – биһиги дьиэбит, кэлэр көлүөнэ ыччаппытыгар хаалларар барҕа баайбыт. Онон түмүктээн эттэххэ, айылҕабытыттан, тулалыыр эйгэбититтэн биһиги инники кэскилбит быһаччы тутулуктаах.

IMG-20210902-WA0041.jpg

Галина МАТВЕЕВА,

уопсастыбаннай кэрэспэдьиэн,

Уус-Алдан улууһа

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Ааҕааччы суруга

Ыйытыылаахпын!

Евгений Кривошапкин диэн хаһыаппыт ааҕааччыта биһиэхэ тахсан бу телеграм каналыгар…
13.11.24 16:18
Общество

Архитектор Новой Якутии

Десятилетие деятельности Михаила Николаева на посту Первого Президента Республики Саха…
13.11.24 14:44