Туһааннаах уларытыылары суһал бэлэмнэнии эрэсиимин туһунан Ыйаахха киллэрилиннилэр. Ол туһунан, ахсынньы 3 күнүгэр, саҥа коронавируснай ыарыы тарҕаныытын утары Саха сиринээҕи суһал ыстаабын мунньаҕар Саха сирин баһылыга Айсен Николаев иһитиннэрдэ.
Ил Дархан бэлиэтииринэн, эпидемиологическай балаһыанньаны тупсарыыга былаас, уопсастыба уонна биисинэс бэрэстэбиитэллэрэ тиһигин быспакка бииргэ үлэлээһиннэриттэн, хааччахтыыр дьаһаллары тутуһууттан уонна ковид утары вакцинацияны ыытыыга дьоҕус тэрээһиннэри ыытыы түмүктэриттэн сабыдыаллаата. Дьокуускайга нэһилиэнньэҕэ ковид утары быһыы бастакы компоненын 70 %- тан тахса кили ылбытын тоһоҕолоото.
Баһылык QR-код киириэҕиттэн сибээстээн, нэһилиэнньэттэн уонна тэрилтэлэртэн киирбит үгүс этиилэри учуоттаан туран, Ыйаахха киллэриллибит сүрүн уларытыылары кэпсээтэ.
1.Саҥа ыйааҕынан, уопсастыбаннай аһылык атыылыыр тэрилтэлэрин үлэлэрин быраабылаларыгар кэккэ уларытыылар киирэллэр. Чуолаан, 100-тэн тахса кв. миэтэрэ иэннээх эбийиэктэргэ, QR-код көрдөрүү ирдэнэрин таһынан, үлэлиир болдьоҕо 06:00 чаастан саҕалаан 23:00 чааска диэри ыалдьытын ахсаанынан, биир киһи олорор сиринэн 2 кв.м буолбакка, 100-тэн тахса киһи киирэрэ көҥүллэнэр. Биир остуолга 10-тан тахса киһини олордуохтарын сөп буолла. Онуоха улахан дьон арыаллаабат 14-гэр диэри саастаах оҕолор ас-үөл тэрилтэлэригэр сылдьаллара бобуллар.
2. Маны сэргэ Роспотребнадзоры кытта сөбүлэһиннэрэн, физкултуурунай- чэбдигирдэр уонна успуортка маассабай, биир кэлим былааҥҥа киллэриллибит успуортка сыһыаннаах бары тэрээһиннэри уонна күрэхтэһиилэри ыытыы көҥүллэннэ.
3.Тыйаатырдар, киинэ, кэнсиэртиир саалалар, култуура дьиэлэрэ, култуурунай-сынньалаҥ тэрилтэлэр билигин саала миэстэтинэн 50% буолбакка, 70% толоруллуохтарын сөп. Бу тэрилтэлэргэ киирэргэ быһыы ылбытын туоһулуур QR-код эбэтэр ПЦР-тест ыспыраапканы көрдөрөр ирдэбиллэрэ оннунан хаалла.
4.Ону сэргэ дискотекалары, о.д.а. үҥкүү уонна интерактивнай бырагыраамалары ыытыы бобуулаах.
5.Парикмахерскайдарга, спа- салоннарга, фитнес-кулууптарга уонна эт-хаан чэбдигирдэр саалаларга QR-кодтаах дьоҥҥо өҥө оҥорор көҥүллэнэр.
6. Оҕо сынньанар-оонньуур кииннэрэ үлэлии иликтэр, кинилэр салгыы үлэлииллэригэр ОРВИ уонна грипп тарҕаныытын балаһыанньата тупсарыттан сөптөөх быһаарыы ылыллыаҕа.
СӨ баһылыга Айсен Николаев кылгас болдьох иһигэр бүттүүн нэһилиэнньэ иммунитетын үөскэтиигэ коронавирустан утары быһыыны көхтөөхтүк ыларга ыҥырда.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0