Өрөспүүбүлүкэ оперштаба иһитиннэрэринэн, бүтэһик суукка иһигэр Саха Сиригэр 75 киһиэхэ COVID-19 диагноһа бигэргэннэ. От ыйын 27 күнүттэн ыла суукка иһигэр бачча аҕыйах киһи ыалдьа илик, ол күҥҥэ 59 киһи ыалдьыбыта.
Дьокуускайга 22 киһи коронавирустааҕа билиннэ. Улуустарынан көрдөххө, Хаҥаласка - 8, Алдаҥҥа, Мирнэйгэ, Өлүөхүмэҕэ, Уус Маайаҕа - 5-тии, Орто Халымаҕа - 4 киһи ыалдьыбыт. Бу ыарыы уопсайа 22 улууска тарҕанара биллэр.
Балыыһаҕа сытыарыы эмиэ аҕыйыыр - баскыһыанньаҕа 2 эрэ киһи эмтэнэ киирдэ. Стационардарга ыарыһахтар 17,4%-нара эмтэнэллэр. Суукка иһигэр 53 киһи үтүөрдэ.
Өрөспүүбүлүкэ лабораториялара суукка иһигэр 617 коронавирус чинчийиитин оҥордулар. Пандемия саҕаланыаҕыттан 2 616 105 тест оҥоһулунна.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0