"Украинаны нацизмтан уонна бандеровщинаттан ыраастыыр наадатын бары өйдүүллэр. Бэрэсидьиэн демилитаризацияны уонна денацификацияны ыытарга биэрбит сорудаҕа устуоруйалыы суолтаны сүгэр диэн бары билэллэр. Ол гынан баран, биһиги тохтоотохпутуна уонна дьыала урукку курдук нацистар илиилэригэр баар буоллаҕына, быһыы-майгы өссө куһаҕан буоларын бары өйдүүллэр", - диэн эттэ Геннадий Зюганов пленарнай мунньахха дакылааттыыр кэмигэр.
"Билигин биһиги онно Аҕа дойду улуу сэриитин түмүктээн эрэбит диэн санатыахпын баҕарабын. Ол саҕана бандеровщинаны кыайбатахпыт, сэрии кэнниттэн 10 сыл устата ону эһэ сатаабыппыт, 57 тыһыынча сэбиэскэй саллаат уонна эписиэр, судаарыстыба куттала суох буолуутун, баартыйа-хомсомуол сэбиэскэй уорганнарын үлэһиттэрэ өлбүттэрэ", - диэн бэлиэтээтэ Зюганов.
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
1