Даамба тутуута
Мунньахха Айсен Николаев Дьааҥыга уонна Кэбээйигэ халаан содулун туоратыы, айгыраабыт эбийиэктэри чөлүгэр түһэрии үлэтин туһунан иһитиннэрдэ итиэннэ Дьааҥы куоратыгар, Нам улууһун Граф биэрэгэр халаантан көмүскүүр даамбалар тутуллаллара наадатын эттэ. Бу эбийиэктэр бырайыактара судаарыстыбаннай эспэртиисэни ааспыттарын, федеральнай үбүлээһин көрүлүннэҕинэ итиэннэ судаарыстыбаннай бырагыраамаҕа хабылыннахтарына, олоххо киирэр кыахтаахтарын бэлиэтээн туран, үбүлээһини 2025 сылы кэтэспэккэ, 2023 сыл бүддьүөтүгэр көрөргө көрдөстө.
Кинини өйөөннөр, ЫБММ баһылыга Александр Куренков, айылҕа ресурсаларын уонна экология миниистирэ Александр Козлов Уһук Илиҥҥэ, ол иһигэр Саха сиригэр, халаантан араҥаччылыыр быһыттары тутар олус наадатын тоһоҕолоон бэлиэтээтилэр.
Онуоха Михаил Мишустин Айылҕа ресурсаларын уонна экология министиэристибэтэ Үп министиэристибэтин итиэннэ Уһун Илиҥҥи эрэгийиэннэри кытары бу хайысхаҕа ордук чорботуллар эбийиэктэри быһаарарга сорудахтаата. Онно хардаран Уу ресурсаларын федеральнай ааҕыныстыбатын салайааччы Дмитрий Кириллов Саха сиригэр былааннанар даамба чорботуллар эбийиэктэр истэригэр баарын туһунан иһитиннэрдэ.
Онкология киинигэр эбии үп
Иккис сүрүн боппуруос Онкология өрөспүүбүлүкэтээҕи киинин тутууга ананна. Айсен Николаев кэлиҥҥи кэккэ сылларга Арассыыйа Бырабыыталыстыбатын өйөбүлүнэн өрөспүүбүлүкэҕэ доруобуйа харыстабылын элбэх эбийиэгэ тутуллубутун, Кардиология киинэ үлэҕэ киирбитин, Онкология киинин тутуу 77 %-на түмүктэммитин кэпсээтэ. Бу сүҥкэн суолталаах эбийиэги ситэрэргэ 2,8 млрд солк. харчы эбии наадатын, ол иһигэр 2 млрд солкуобайга анал тэрил атыылаһыллыахтааҕын эттэ.
– Чахчы, тутуу ситэриллиэн наада. Ирдэнэр докумуоннары бэлэмнээҥ, сыл түмүктэниэр диэри экспертиза бигэргэтиитэ бэлэм буолуоҕа. Биһиги көмөлөһүөхпүт, – диэтэ Бырабыыталыстыба баһылыга.
Онкология киинэ ирдэбилгэ толору эппиэттиир аныгы мэдиссиинискэй тэриллэринэн хааччыллыаҕа, манна симиэнэҕэ 210 киһи көрдөрүнүөҕэ, 180 куойка баар буолуоҕа. Сыл устатыгар ортотунан 4 тыһыынча кэриҥэ эпэрээссийэ оҥоһуллуоҕа. Билигин блоктар ис өттүлэрэ ситэриллэр, электроуот уонна гаас ситимнэрэ таҥыллар. Саҥа эбийиэккэ эбии 653 үлэ миэстэтэ тахсыахтаах. Онон каадыры бэлэмнээһин үлэтэ барар. Эдэр эмчиттэргэ идэтийии үөрэхтэрэ М.К.Аммосов аатынан ХИФУ мединститутун онкологияҕа кафедратыгар, Москубаҕа уонна Санкт-Петербурга Медицинскэй чинчийиилэр национальнай кииннэригэр ыытыллар.
Ытык Күөлгэ -- саҥа оскуола
Үһүс боппуруос Таатта улууһун киинигэр, Ытык Күөлгэ, эргэ оскуола оннугар былааннанар лиссиэй 450 миэстэлээх, интэринээттээх саҥа куорпуһугар туһаайылынна. Ил Дархан бу тутуу ороскуотун сорох чааһын федеральнай бүддьүөт уйунарыгар көрдөстө.
– Өрөспүүбүлүкэҕэ тыа сиригэр инфраструктураны сайыннарыыга кэлим былаан үлэлиир. Спортивнай оонньууларга тирэҕирэн, тыа сирэ тупсар, инфраструктурата саҥардыллар. 2025 сылга Ытык Күөлгэ «Манчаары оонньуулара» ыытыллар, ол чэрчитинэн интэринээттээх саҥа оскуола тутуллара былааннанар, – диэн эттэ Айсен Николаев.
– Биллэн турар, оҕолор бары өттүнэн табыгастаах усулуобуйаҕа үөрэниэхтээхтэр. Эһиги үөрэхтээһиҥҥэ бэрт кыһамньылаахтык сыһыаннаһаҕыт, онон бырайыагы өйүөххэ наада. Баһаалыста, докумуоннаргытын бэлэмнээн киллэриҥ, – диэн Михаил Мишустин өйүүрүн биллэрдэ.
Ытык Күөллээҕи лиссиэй 1974 сыллаахха тутуллубут, саахалланар туруктаахтар эбийиэктэр испииһэктэригэр киллэриллибит дьиэҕэ үлэлиир. Оҕолор хас да сиринэн үөрэнэ сылдьаллар. Билигин тутуу бырайыага оҥоһуллан бүтэн эрэр, алтынньыга экспертизаҕа бэриллиэхтээх.
24 сылга диэри 1,2 тыһ. км суол өрөмүөннэнэр
«Суол – олох хорук тымыра» диэн мээнэҕэ этиллибэт. Айсен Николаев премьер-миниистиргэ суоллары өрөмүөннээһин былаанын, 2024 сылга диэри 1242 км усталаах эрэгийиэн таһымнаах суол оҥоһулларын билиһиннэрдэ.
– Суолу тутуу биэс сыллаах былаана бигэргэтиллибит. Былаан сүрүн сыалынан бары суолу-ииһи кэлим тиһиккэ түмэн, территориялар ситимнэрин күүһүрдүү буолар, бу туһунан Бэрэсидьиэн эмиэ этэн турар. Биһиги сирбит-уоппут олус киэҥ, Саха сирэ – Уһук Илиҥҥи уокурукка саамай улахан сирдээх-уоттаах. Өрөспүүбүлүкэ федеральнай да, эрэгийиэннээҕи да суолларга былаанын биһиги өйүүбүт, – диэтэ Михаил Мишустин.
«Куттала суох, хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак чэрчитинэн, өрөспүүбүлүкэҕэ ааспыт үс сылга 625 км усталаах суол өрөмүөннэммитэ, ити иһиттэн 554 км эрэгийиэннээҕи, 98 км Дьокуускай куораттааҕы суоллар. Быйыл 254 км усталаах эрэгийиэн таһымнаах суол, 34,6 км усталаах Дьокуускайдааҕы суол өрөмүөннэнэр. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 40,1 тыһ. км усталаах массыына суола баар (3,6 тыһ. км – федеральнай, 13,5 тыһ. км – эрэгийиэн, 23 тыһ. км – муниципальнай суолталаах).
- 3
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0