Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -7 oC

Федерация Сэбиэтигэр Саха сирин күннэрин иитинэн, бүгүн экэнэмиичэскэй бэлиитикэ кэмитиэтин киэҥ ыҥырыылаах мунньаҕа ыытылынна. Мунньах бэбиэскэтигэр «Об актуальных задачах устранения инфраструктурных ограничений социально-экономического развития Республики Саха (Якутия)» диэн боппуруос көрүлүннэ диэн Саха сирэ суруйар.

Федерация Сэбиэтигэр Саха сирин күннэрин иитинэн, бүгүн экэнэмиичэскэй бэлиитикэ кэмитиэтин киэҥ ыҥырыылаах мунньаҕа ыытылынна. Мунньах бэбиэскэтигэр «Об актуальных задачах устранения инфраструктурных ограничений социально-экономического развития Республики Саха (Якутия)» диэн боппуруос көрүлүннэ диэн Саха сирэ суруйар.

Мунньаҕы экэнэмиичэскэй бэлиитикэ кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Андрей Кутепов иилээн-саҕалаан ыытта. Ил Дархан Айсен Николаев  суол-иис, тырааныспар боппуруостарын көтөхтө. Биһиги эрэгийиэммитигэр суол-иис боппуруоһа сытыытык турар. Сайын өрүстэр, үрэхтэр хаайаннар, үгүс нэһилиэнньэлээх пууннар киин сиртэн сибээстэрэ быһылларыгар тиийэр. Арктическай оройуоннары киин сири кытта «автозимник» дэнэр кыһыҥҥы суол эрэ сибээстиир. Федеральнай таһымҥа «автозимник» диэн айан суолун туһунан өйдөбүл олох суох.

Без названия

 Манна туһаайан Айсен Николаев «кыһыҥҥы суол» (сезонная автомобильная дорога) диэн  өйдөбүл  федеральнай таһымҥа  баар буолуохтааҕын бэлиэтээтэ. Маннык өйдөбүл суох буолан, хотугу эрэгийиэннэр сайдыыларын атахтыыра чуолкай. Ил Дархан Саха сиригэр кыһыҥҥы суоллар  уопсайа 10 тыһыынча килэмиэтирдээхтэрин уонна ону көрүүгэ-харайыыга сыллата  1,5 млрд солк. кэриҥэ үп-харчы көрүллэрин этэн туран: — Кыһыҥҥы суол диэн өйдөбүл федеральнай сокуонунан бигэргэтиллиэхтээх. Оччотугар эрэ суолу оҥорууга, көрүүгэ-харайыыга үбүлээһин көрүллүөҕэ, — диэтэ. Экэнэмиичэскэй бэлиитикэ кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Андрей Кутепов Ил Дархан Айсен Николаев этиитин өйөөтө уонна  сокуон бырайыага дьүүллэһиигэ РФ бырабыыталыстыбатыгар киириэхтээх диэтэ.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Олохтоох салайыныы

Таатталар түмсэллэр

Муус устар 24 күнүгэр Таатта улууһун баһылыга Айаал Бурцев Дьокуускайга олорор биир…
26.04.24 13:24