- Кэнники уонча сылга тутуу элбэхтик барда. Оройуон кииннэригэр эрэ буолбатах, туох баар нэһилиэктэргэ барыларыгар. Кытыы сытар үгүс нэһилиэктэргэ суол, оскуолалар, оҕо саадтара, культура кииннэрэ, спортивнай саалалар, ФАП-тар, уопсай дьиэлэр тутулуннулар, оптика утаҕа тардыллан сибээспит лаппа тубуста. Эргэрбит, хаарбах туруктаах дьиэлэр оннуларыгар саҥа таас дьиэлэри тутуу барарын хараҕа суох эрэ киһи көрбөт ини.
Маннык балысхан сайдыы Владимир Путин дойдуну салайан олордоҕуна буолла ээ. Мин санаабар, саха норуота саамай баайдык-тоттук олорор кэмэ бу билиҥҥи кэм. Конституцияҕа киирбит уларыйыылары нуучча норуота син биир ылыныаҕа. Оччотугар бу куоластааһын биһиги омукка "тест на лояльность" буолан тахсарыгар тиийэр. Путины төһө өйүүрбүт көстөн тахсар. Ама да бырыһыаммыт уопсай ахсааҥҥа адьас кыратын да иһин, хас бырыһыан киһи кыттыбыта уонна хас бырыһыан өйөөбүтэ болҕомтоҕо ылыллыаҕа. Билигин үп-харчы бүддьүөккэ урукку сыллардааҕар аҕыйах кэмигэр Өлүөнэ өрүһү туоруур муостабыт, онкодиспансер, кардиоцентр курдук хастыы эмэ миллиардаах тутууларбыт тустарынан санаан туран куоластыахха наада дии саныыбын. Билиҥҥи тирээн кэлбит аан дойду атыйахтаах уу курдук айманан эрдэҕинэ, "лошадей на переправе не меняют" диэн өс хоһоону саныахпытын наада.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0