Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -20 oC

1993 сыл ахсынньы 12 күнүгэр дойдубут сүрүн докумуона – РФ Конституцията – норуот куоластааһынан ылыллыбыта.

 Дойду Конституцията диэн тугуй? Бу – дойду олохтооҕун быраабын, көҥүлүн түстүүр уонна мэктиэлиир судаарыстыба сүрүн сокуона. Маны таһынан Конституция судаарыстыба тутулун, салайыы көрүҥүн, сирин-уотун тутулун уонна дьарылыгын, былааҕын, өрөгөйүн ырыатын сүрүннүүр.

1993 сыл ахсынньы 12 күнүгэр дойдубут сүрүн докумуона – РФ Конституцията – норуот куоластааһынан ылыллыбыта.

 Дойду Конституцията диэн тугуй? Бу – дойду олохтооҕун быраабын, көҥүлүн түстүүр уонна мэктиэлиир судаарыстыба сүрүн сокуона. Маны таһынан Конституция судаарыстыба тутулун, салайыы көрүҥүн, сирин-уотун тутулун уонна дьарылыгын, былааҕын, өрөгөйүн ырыатын сүрүннүүр.

Чахчылар

         1993 сыл ахсынньы 12 күнүгэр норуот референдума буолбута. Онно 58,2 мөл. дойду олохтооҕо РФ Төрүт сокуонун ылынарга сөбүлэспитэ. Төрүт сокуон тиэкиһин 3,5 сыл устата тыһыынчаттан тахса киһи бэлэмнээбитэ. Референдум буолуон биир ый иннинэ тиэкис барылыгар оччотооҕу Бэрэсидьиэн Борис Ельцин илии баттаабыта. Онон судаарыстыбаннай хаһыаттарга бэчээттэммитэ, дьон-сэргэ Төрүт сокуон ис хоһоонун кытта билсэр кыахтаммыта. Референдум буолбут сылын эһиилигэр бу күнү сүрүн судаарыстыбаннай бырааһынньыгынан официальнайдык биллэрбиттэрэ.

 ССРС Төрүт сокуонун 1936 сыллаахха ылыммыттара уонна 1977 сыллаахха диэри ахсынньы 5 күнүгэр бэлиэтэнэр этэ. 1977 сыллаахха, дойдуну Брежнев салайар кэмигэр, сүрүн докумуону уларыппыттара уонна бэлиэтиир күнүнэн алтынньы 7 күнүн анаабыттара.

  РФ Төрүт сокуона киирии тылтан, икки салааттан уонна 9 бастан, 137 ыстатыйаттан уонна 9 параграфтан турар.  Конституция тиэкиһигэр атын  омук тылыттан киирбит бэлиитикэ өйдөбүлүн биэрэр тыллар суохтар. Холобур, “парламент”, “импичмент”, “сенатор” , о.д.а.

  Төрүт сокуону дойду Бэрэсидьиэнэ мэктиэлиир. Ол курдук Бэрэсидьиэн инаугурациятын тиэкиһэ Төрүт сокуоҥҥа сурулла сылдьар уонна дойду баһылыктара бу сиэргэ-туомҥа ананан оҥоһуллубут Төрүт сокуон кинигэтигэр илиилэрин даҕайан туран андаҕайаллар.

  Кэнники сылларга РФ Төрүт сокуонугар көннөрүүлэр киирбиттэрэ. Онтон саамай суолталаах уларытыыларынан Бэрэсидьиэн салайар болдьоҕун улаатыннарыы (түөрт сылтан алта сылга диэри уһатыы) уонна Крым, Севастополь РФ састаабыгар киирэллэрин туһунан буолбуттара.  Оттон 1991 сылтан 1992 сыл ахсынньытыгар диэри Конституцияҕа 400 көннөрүү киллэриллибитэ.

2020 сыл от ыйын 1 күнүгэр РФ Төрүт сокуонугар киирэр уларыйыыларга куоластааһын буолбута. Ол түмүгэр Төрүт сокуон тиэкиһигэр 206 уларыйыы киирдэ. 

Конституцияны ылыммыт күнтэн 12 сыл устата ахсынньы 12 күнэ өрөбүл күнүнэн буолара. Онтон 2005 сылтан бу күнү үлэ күнүнэн биллэрбиттэрэ. 2004 сыллаахха 201-с №-дээх федеральнай сокуонунан бу даата судаарыстыбаннай бырааһынньыктар испииһэктэриттэн таһаарыллыбыта уонна судаарыстыба өйдөбүнньүк даататынан буолбута. Онон бу күн билигин үлэ күнэ.

  Конституция күнүгэр араас тэрээһиннэр дойду үрдүнэн ыытыллаллар. Биир үтүө үгэһинэн 14 саастарын туолбут Арассыыйа олохтоохторугар пааспардарын үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарыы буолар.

  Төрүт сокуон кинигэтин эксэмпилэрин иккитэ халлаан куйаарыгар  илдьэ сылдьыбыттара. 1999 сыллаахха “Мир” ыстаансыйаҕа космонавт Сергей Авдеев юридическай үөрэххэ киирэригэр бэлэмнэнээри илдьэ барбыта. 2005 сыллаахха норуоттар икки ардыларынааҕы космическай ыстаансыйаҕа (МКС) дойду сүрүн бэлиэтин быһыытынан илдьэ тахсыбыттара.

Сомоҕолуур күүс буолбута

 

Ил Түмэн судаарыстыба тутулугар уонна сокуону оҥорууга сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев:

Ереме1ев 1

— 1993 сыллаахха ахсынньы 12 күнүгэр Арассыыйа Төрүт сокуонун барылын но­руот дьүүлүгэр таһаарбыттара, “ылынабыт дуу, ылыммаппыт дуу?” диэн референдум ыыппыттара. Арассыыйа үрдүнэн дьон үксэ куоластаан, Конституция ылыныллыбыта. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит туһунан этэр буоллахха, нэһилиэнньэ 70%-на куоластаабыта. Ол саҕана дойдубутугар уопсастыбаннай-бэлитиичэскэй балаһыанньа сүрдээх уустук этэ. Балачча элбэх киһи Төрүт сокуон докумуонун утараллара. Ол да буоллар, “правовой судаарыстыбаны тутар буоллахпытына, Төрүт сокуон баар буолуохтаах” диэн санаанан салайтарбыттара. Ол Төрүт сокуоммутугар олоҕураммыт, са­ҥа Арассыыйабытын, саҥа сокуоннары оҥо­руохтаахпыт диэн өйдөөн туран, дьон куолаһын биэрбитэ. Манна диэн эттэххэ, сорох субъектар референдуму ыыппатахтара, аккаастаммыттара. Холобур, Чечня, Татарстан өрөспүүбүлүкэлэрэ.

“Төрүт сокуон биһиэхэ, дойду олох­тоохторугар туох туһалааҕый, тугу ситистибит?” диир буоллахха, бастатан туран, Арассыыйа судаарыстыбатыгар маҥнайгынан киһи уонна гражданин бырааба чопчуланан, бу Конституцияҕа киирэн турар. Киһи бырааба уонна гражданин бырааба өрө тутуллуохтаах диэн. Иккиһинэн, биһиги судаа­рыстыбабыт федеративнай буоларын туоһулаабыта. Феде­ративнай туоһулааһыҥҥа бу былаас федеральнай кииҥҥэ уонна субъектарга үллэһиллэр. “Боломуочуйаларын холбоон үлэлииргэ” диэн чуо­лаан Кон­ституция 71,72 ыстаты­йаларыгар суруллар. Үсүһүнэн, өрөс­пүүбү­лүкэлэр судаарыстыба быһыы­тынан РФ састаабыгар билинил­либиттэрэ, ол туһунан Төрүт сокуоҥҥа суруллар. Төрдүһүнэн, Арас­сыыйа сас­таа­быгар 21 национальнай өрөспүүбүлүкэ киирэр, олорго икки судаарыс­тыбаннай тыл баар буоларыгар көҥүл бэриллэн турар. Ол улахан кыайыы буолбута. Ол курдук, Арассыыйа ити саҕана сүрдээх ыарахан уопсастыбаннай-бэлитиичэскэй балаһыанньалаах олордоҕуна, дойдуну түмэр, сомоҕолуур уонна судаарыстыба буоларын ситиһэр докумуон – РФ Төрүт сокуона ылыныллыбыта. Бу туһунан дьон-сэргэ, ыччат билэрэ, Конституция суолтатын дириҥник өйдүүрэ наадалаах.

Өрөспүүбүлүкэ интэриэһин туруорсан

 

Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин уонна Ил Түмэнин үстүү ыҥырыытын дьокутаата Климент Иванов:

Климент Иванов 1

--Конституция диэн биһиги Төрүт сокуоммут, кини сүрүн соруга –гражданин көмүскэллээх буолуутун хааччыйыы. Арассыыйа Федерацията суверенитеты ылынан, туспа судаарыстыба буоллар даҕаны, 1992 сылга диэри 1977 сыллаахха РСФСР бигэргэппит Төрүт сокуонунан олорбута. Онон Арассыыйа Үрдүкү Сэбиэтэ саҥа Төрүт сокуону бэлэмнииргэ ылсыбыта. Бэрт ыксалынан Олег Румянцев салайааччылаах оробуочай бөлөх саҥа Төрүт сокуон барылын бэлэмнээбитин ордук автономнай өрөспүүбүлүкэлэр астымматахтара, элбэхтик кириитикэлээбиттэрэ. Ол курдук, Төрүт сокуон бастакы барылыттан астыммакка, А.А. Собчак уонна дойду биллиилээх юристара А.А. Алексеев, С.М. Шахрай буоланнар Төрүт сокуон альтернативнай бырайыагын бэлэмнээбиттэрэ. Онно өссө 1991 сыллаахха тэриллибит Б.Н. Ельцин баһылыктаах киэҥ састааптаах конституционнай хамыыһыйа үлэлээбитэ. Хамыыһыйа биир актыыбынай чилиэнэ биһиги маҥнайгы Бэрэсидьиэммит М.Е. Николаев этэ. Хамыыһыйа элбэхтик мустан мунньахтыыра, бырайыагы, киирбит этиилэри дьүүллэһэрэ. Онно Саха сириттэн оробуочай хамыыһыйа чилиэннэрэ В.В. Власов, Е.М. Ларионов уонна мин хаста да кыттан, бэйэбит санаабытын аһаҕастык этэн, өрөспүүбүлүкэбит судаарыстыбаннаһын көмүскэһэн турабыт. М.Е. Николаев Саха сирин аатыттан өрөспүүбүлүкэлэр статустарын, айылҕатын баайа олохтоох норуоттар бас билиилэригэр буолуохтаах диэн, икки сүрүн боппуруоһу туруорсан, РФ Төрүт сокуонун хамыыһыйатын мунньахтарыгар элбэхтэ тыл эппитэ. “Известия” хаһыат 1993 сыл бэс ыйын 30 күнүгэр тахсыбыт нүөмэригэр “Унитарному государству возврата нет” диэн киэҥ ис хоһоонноох ыстатыйаны бэчээттэппитэ. Онно Саха сирин дьокутааттара, уопсастыбынньыктар Төрүт сокуон барыла хайдах буолуохтааҕар эппит санаалара түмүллүбүттэрэ. Оччотооҕу РСФСР Үрдүкү Сэбиэтин чилиэннэрэ З.А. Корнилова, А.В. Кривошапкин, С.Д. Бубякин эмиэ конституционнай хамыыһыйа үлэтигэр көхтөөхтүк үлэлэспиттэрэ. 1993 сыллаахха Төрүт сокуон ылыллыытыгар үлэлээбит конституционнай хамыыһыйа мунньахтарын стенограммата 11 том буолан тахсыбыта. 1993  сыллаахха ахсынньы 13 күнүгэр Төрүт сокуон референдумунан биһирэммитэ. Саха сирин олохтоохторо референдумҥа көхтөөхтүк кыттан, дойду саҥа Төрүт сокуонун ылыммыттара.

Кэлэр кэнчээрилэрбит санаалара

Женя Тимофеева, Бүлүү улууһун Хампа оскуолатын XI кылааһын үөрэ­нээччитэ: 

--Бииртэн биир саҥа сокуон олоххо киирэн, норуот туһугар үлэ, сайдыы күөстүү оргуйар. Дьон интэриэһин көмүскүүр, хаһаайыстыбаны тэнитэр, олоҕу, доруобуйаны тупсарар сыаллаах араас өрүттээх үлэ барар. Ахсаан өттүнэн саха норуота элбиирин туһугар үгүс өрүттээх көмө оҥоһуллар. Кэнчээри ыччат, оҕо аймах сайдарын туһугар билиҥҥи олоххо бары усулуобуйа тэрилиннэ. Араас омуктары кытта тэҥҥэ күөн көрсөр, туруулаһар саха ыччата өйдүүн-санаалыын сайдан, билиигэ-көрүүгэ тардыһар кыахтанна.
Саха сирэ, норуота инникитин олох араас эйгэтигэр сокуон өттүнэн үгүс көмүскэллээх буолуута ирдэнэрэ өйдөнөр. Ол курдук, төрөөбүт тылбыт үчүгэй көмүскэллээх буолуон наада. Үйэттэн үйэҕэ бэриллэн кэлбит төрөөбүт тылбыт сүтэр, симэлийэр анала суох! Оҕону кыра эрдэҕиттэн төрөөбүт тылыгар, төрөөбүт эйгэтигэр күүскэ иитиэххэ, уһуйуохха наада. Өрөспүүбүлүкэбит иһигэр тастан киирии дьоҥҥо төрөөбүт тылбытыгар сыһыаннаах саҥа ирдэбиллэри толкуйдуохха. Тыл баарын эрэ тухары – норуот баар!
Арассыыйа биир уһук муннугар олох бары эйгэтэ, хайысхата аныгы олохтон хаалбакка сайда туруо диэн эрэллээхпин. Ол курдук, туризм да, үрдүкү технология да, о.д.а. тэнийиэ. Ол эрээри өбүгэ төрүт дьарыга умнуллуо суохтаах. Эдэр ыччат дойдубут, Сахабыт сирэ сайдарын туһугар ситиһиилээхтик олорорго кыһаллыахтаахпыт.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением