— Үтүө күнүнэн! Ил Түмэн – Саха өрөспүүбүлүкэтин сокуону оҥорор соҕотох уонна мэлдьи үлэлиир былааһын уоргана буолар. Онон, сокуонун да быһыытынан, хайа да ыксаллаах быһыыга-майгыга Ил Түмэн үлэтин тохтоппот. Бүгүҥҥүттэн, балаҕан ыйын 10 күнүттэн, Судаарыстыбаннай Мунньах күһүҥҥү сиэссийэтэ саҕаланна. Аан дойдуну барытын аймаабыт кутталлаах коронавирустан сылтаан, элбэх киһи биир сиргэ тоҕуоруһар кыаҕа суох. Ол да иһин биһиги эмиэ мунньахтарбытын, тэрээһиннэрбитин барытын кэтэхтэн ыытарга күһэлиннибит, саҥа хайысхалары тобуллубут. Кэлэр нэдиэлэҕэ балаҕан ыйын 14-15 күннэригэр уочарата суох пленарнай мунньаҕы “дистанционнайдык” ыытар туһунан дьаһалга илии баттаабытым.
Саҥардыллыбыт регламент быһыытынан, “ыраахтан” ыытыллар мунньахха Ил Дархан киллэрбит, дьон-сэргэ олоҕор-дьаһаҕар быһаччы сабыдыаллыыр-дьайар суһал эрэ боппуруостары көрөбүт. Норуот дьокутааттара бырабыыталыстыба көҕүлээн киллэрбит сокуонун барылларын, ирдэбил быһыытынан, пленарнай мунньахтарга сирэй көрсөн, атах тэпсэн олорон, ырытыһан-илдьиритэн ылыныахтаахпыт. Бүгүҥҥү туругунан, сүүсчэкэ кэриҥэ боппуруос сис кэмитиэттэргэ дьүүллэһиллэн, бигэргэнэн баран коронавирус хаптайарын күүтэн, бэлэм сыталлар. Ыксаллаах быһыы-майгы намыраата да, мустан мунньуллубут боппуруостары көрүөхпүт, ону таһынан бырабыыталыстыба саҥа чилиэннэрин, мөрөбүөй судьуйалары бигэргэтиэхпит, отчуоттары истиэхпит.
Төһө да дьаҥ үлэҕэ-хамнаска барытыгар күүскэ дьайбытын иһин, үлэбит тэтимин ыһыктыбакка кэллибит. Тэҥнээн көрдөххө, былырыын сааскы сиэссийэҕэ 4 пленарнай мунньах ыытыллыбыта. 80 сокуон (ол иһигэр 3 базовай) уонна 160 уураах ылыныллыбыта. Оттон быйыл коронавирус кэмигэр 6 пленарнай мунньах ыытыллан, 42 сокуон (ол иһигэр 10 базовай) бигэргэннэ.
Хомойуох иһин, былааннаммыт сорох тэрээһиннэрбитин кыайан ыыппатыбыт. Ол иһигэр бүтүн Арассыыйа үрдүнэн суолталаах боппуруостарга туһуламмыт мунньахтары. Холобур, Ленскэй уонна Мииринэй оройуоннарыгар үлэлиир сир баайын хостооччулар Саха сирин сайдыытыгар туох өҥөлөөхтөрүн билиһиннэрэр, хонтуруоллуур Госдума сис кэмитиэтин мунньаҕын тэрийиэхтээх этибит. Иркутскай уобалас дьокутааттарын кытта Өлүөнэ эбэбитин харыстааһыны уонна национальнай бырайыакка киллэриини кэпсэтиэхтээх, туруорсуохтаах этибит. Дьокутааттар Дьокуускайга, өрүс сүнньүнэн тарҕанан олорор улуустарга сылдьан үлэлиэхтээх этилэр. Тэрээһиннэрбитин сороҕун көһөрдүбүт, сороҕун форматын уларыттыбыт.
“Куһаҕан да үчүгэйдээх” диэбиккэ дылы, саҥа инновация хайысхаларын тобулан үлэбитигэр күннэтэ киэҥник туттар буоллубут. Ол курдук, былырыын Ил Түмэн официальнай саайтын саҥардыбыппыт таһыттан үлэлиирбитигэр олус туһалаах буолла. Тустаах модуль тэриллэн, дьокутааттар ханнык баҕарар улуустан саайка киирэн, этэргэ дылы атах тэпсэн олорон, сокуоннары дьүүллэһиигэ туох да харгыһа суох кыттар, куоластыыр кыахтаннылар. Ону сэргэ, саайка баар тус кэбиниэттэригэр киирэн дьон этиитин, туруорсуутун кытта быһаччы үлэлиэхтэрин сөп. Киһиргээбэккэ эттэххэ, маннык саайтаах уонна модуллаах парламеннар Арассыыйаҕа өссө суохтар. Бу — Саха сирин IT эйгэтигэр идэтийбит исписэлиистэрбит дьоһун таһымнарын, итиэннэ кинилэр Арассыыйаҕа инники күөҥҥэ сылдьалларын туоһута.
Коронавирустан сылтаан Ил Түмэн үлэтин бэрээдэгэ уларыйда. Онуоха, биллэн туран, биир сүрүн ыйытык турар: “Коронавирус дьаҥа намыраабатаҕына кэтэхтэн, “дистанционнай” формакка сокуоннары барытын ылыныахха сөп дуу, биитэр хайаан да пленарнай мунньахха, сирэй көрсөн олорон куоластааһын ирдэнэр дуо?” Ыксаллаах быһыы-майгы биллэриллибит кэмигэр биһиги өрөспүүбүлүкэ парламеныгар сокуоннары “дистанционнай” мунньахха ылынар быраап бигэргэнэрин туруорсабыт. Федеральнай сокуоҥҥа итиннэ кэккэ моһоллор бааллар. Ол иһин Госдума Бэрэссэдээтэлэ Вячеслав Володиҥҥа, бэйэбит дьокуутааттарбытыгар Галина Данчиковаҕа, Федот Тумусовка этии киллэрбиппит, сокуон барылын бэлэмнээбиппит. Туруорсуубутун Госдума Федеративнай тутулга уонна олохтоох салайыныы боппуруостарыгар сис кэмитиэтигэр өйөөтүлэр уонна бу күһүҥҥү сиэссийэҕэ көрүөхтээхтэр. Атын субъектар уонна олохтоох салайыныы дьокутааттара биһиги киллэрбит көҕүлээһиммит сокуоҥҥа киирэрин номнуо кэтэһэн олороллор.
— Билигин эрэгийиэннэр парламеннарыгар сүрүн үлэ, биллэн турар, Арассыыйа Төрүт сокуонун уларытыыларыгар олоҕуран, эрэгийиэннэр сокуоннарын сөп түбэһиннэрии үлэтэ барара буолуо диэн сабаҕалыыбын. Манна эн туох көрүүлээххиний?
— От ыйын 4 күнүгэр РФ Төрүт сокуонугар уларытыылары киллэрии сокуона күүһүгэр киирдэ. Мөккүөр барыта тохтуохтаах. Төрүт сокуон үрдүкү күүстээх, быһа дьайыылаах. Бэлиитикэ, экэниэмикэ, социальнай эйгэ барыта сокуоннарга тирэҕирэн олоххо киирэр. Онон дойду сайдыытын хааччыйар сокуоннарбыт уларыйан иһиэхтээхтэр. Биһиги, Арассыыйа уонна Саха сирин дьокутааттара, ити сокуоннары оҥоробут. Сайдыы суолун торумнааһыҥҥа араас көрүү баар буолуон сөп. Итини барытын түмэн, биир санааҕа кэлэн, сокуоннары ылыныах кэриҥнээхпит. Биллэн турар, ол сокуоннарбыт РФ Сүрүн сокуонугар сөп түбэһиэхтээхтэр, ардыгар өссө ситэрэн-хоторон биэриэхтээхтэр.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин сокуоннарыгар уларытыылары киллэрэргэ анаан Ил Дархан Айсен Николаев оробуочай бөлөх тэрийэн турар. Бу бөлөх үлэтигэр сокуону оҥорор былаас дьокутааттара киирэн төһүү күүс буолуохтара. Оробуочай бөлөххө Саха Өрөспүүбүлүкэтин Төрүт сокуонун уларытыыга этиилэр киирдэхтэринэ, экспертнэй үлэ бэрээдэгинэн ырытыллыан сөп. Манна биири бэлиэтээн ааһар тоҕоостоох. Бу оробуочай бөлөх бэйэтин түмүктэрин быһа Ил Түмэҥҥэ киллэрэр бырааба суох. СӨ Төрүт сокуонун 11-с баһын ирдэбилигэр олоҕуран, Ил Дархан, норуот дьокутааттара эбэтэр Конституционнай суут эрэ Төрүт сокуоҥҥа уларытыылары көҕүлүүр бырааптаахтар (125-с ыстатыйа).
Билигин өрөспүүбүлүкэ сокуоннарыгар уларытыылары киллэрэр ырытыһыы бара турар. Сис кэмитиэттэр уонна Ил Түмэн юристара кэтээн көрүү (мониторинг) түмүктэрин сүүмэрдииллэр. Ол чэрчитинэн, күһүҥҥү сиэссийэҕэ үлэбитин былааннаатыбыт. Аны туран, күһүҥҥү сиэссийэ саҕаланыан иннинэ дьокутааттар дьоҥҥо-сэргэҕэ тахсан бу туһунан санаа атастастылар, дьон-сэргэ этиитин хомуйдулар. Былаан быһыытынан, бэйэбит мунньах ыытар былаһааккаларбытыгар, Уопсастыбаннай-консультативнай сүбэбитигэр, Төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах норуоттар бэрэстэбиитэллэрэ – дьокутааттар ассамблеяларыгар, муниципальнай тэриллиилэр бэрэстэбиитэллээх уорганнарын сэбиэтигэр, Ыччат парламеныгар эмиэ сокуон уларытыыларын дьүүллэһиэхпит.
Кэккэ уустук боппуруостарга, ол эбэтэр, дьон-сэргэ мөккүөрүн-долгуйуутун таһаарбыт РФ Төрүт сокуонун 67-с ыстатыйатын маҥнайгы чааһыгар киирбит «федеральнай территориялар уонна онно былаас олохтонуутун туһунан” балаһыанньаны чопчулаарыбыт РФ Конституционнай Суутугар ыйытык ыытарга бэлэмнэнэбит. Биһиги санаабытыгар, федеральнай территориялар тэриллиилэрин бигэргэтэр Арассыыйа сокуона өрөспүүбүлүкэлэр, кыраайдар, уобаластар кыттыылаах бэлэмнэниллиэхтээх. Төрүт Сокуоҥҥа уонна Арассыыйа 184-с сокуонугар киирбит федеративнай тутул мэктиэлэниэхтээх, ис хоһооно кээрэтиллиэ, быһаҕастаныа суохтаах.
— Төрүт сокуоҥҥа Федерация субъектарын Конституционнай сууттара киирбэтэҕэр бэйэҥ дьиксиниигин урут эмиэ этэн тураҕын. Сорох субъектар дьокутааттара Конституционнай сууттарын суох оҥорор туһунан кэпсэтэллэр. Эн тус санааҕар хайдах буолуохтааҕый?
— Ханнык да судаарыстыбаҕа федеративнай сыһыаннаһыылар туруктара эриэ-дэхси буолбат. Олох хаамыытын кытары тэҥҥэ уларыйан иһэр. Политологтар 90-с сыллардааҕы “асимметричнэй” хабааннаах федерациябыт, кэлин “симметричнэй” буолбутун, субъектар бары тэҥ бырааптаммыттарын, киин былааһы кытта боломуочуйалар тыырсыытыгар кэккэ чопчулааһын киирбитин бэлиэтииллэр. Ол эрээри, Арассыыйа араас статустаах, бэйэлэрин икки ардыларыгар уратылаһар социальнай-экэнэмиичэскэй туруктаах субъектартан турар. Олортон биир саамай улахан иэннээх, тыйыс айылҕалаах — биһиги өрөспүүбүлүкэбит.
Арассыыйа субъектарын Конституционнай сууттарын дьылҕаларын тула кэпсэтиини өссө уларыйыылары дьүүллэһии бара турдаҕына көтөхпүтүм. Ол курдук, оробуочай хамыыһыйа чилиэннэригэр этиилэрбин ыыппытым. Мин дьиксинэр төрүөттэрбин бииргэ үллэстэр юрист идэлээхтэртэн Приволжье (Казанскай) федеральнай университетын Конституционнай быраабын кафедратын сэбиэдиссэйэ Евгений Султанов Арассыыйа Бэрэсидьиэнин иннигэр ити этиилэри мунньахха туруорбута. Хомойуох иһин, этиилэрбит толору өйөбүлү ылбатылар. Сонуну киэҥник тарҕатар сириэстибэлэргэ Госдума сис кэмитиэтин салайааччылара “эрэгийиэннэр Конституционнай сууттарын тохтотуу туох да иэдээн буолбатах, онон сис кэмитиэт сүрүн бэбиэскэтигэр киирбэт” диэн биллэрбиттэр. Маныаха мин тус санаабын кулун тутарга буолбут Ил Түмэн пленарнай мунньаҕар этэн турабын. Биллэн турар, Төрүт сокуоҥҥа киирбит уларытыылар юридическай күүстэригэр киирдилэр. Онон хас биирдии судаарыстыбаннай уорган кинилэр олоххо дьайыыларын ситиһэрэ, гражданнар тутуһаллара ирдэнэр.
РФ Конституционнай Суута кулун тутар ыйынааҕы быһаарыытыгар Арассыыйа Федерациятын суутун систиэмэтигэр туох киирэрин ыйбыта (РФ Конституционнай Суута, РФ Үрдүкү Суута, уопсай юрисдикция федеральнай сууттара, арбитраж сууттара, субъектар мөрөбүөй судьуйалара), “Төрүт сокуон атын ыстатыйаларын утарбат уонна бүтэһиктээх тиһик (исчерпывающий перечень)” диэбитэ. Ол иһин кэккэ субъектар парламеннара уставной (конституционнай) сууттарыттан аккаастанан эрэллэр. Холобур, Санкт-Петербург онно туһаайыллыбыт сокуонун үһүс ааҕыыга ылыммыта, күбүрүнээтэр эрэ илии баттыыра хаалла. Ол гынан баран, бу кыһалҕаҕа атын көрүү эмиэ баар. Ол курдук, “Конституционнай суут субъектарга хаалара ирдэнэр” диэн бу сайын мин кэллиэгэм, Татарстан Судаарыстыбаннай Сэбиэтин спикерэ Фарид Мухаметшин этэн турар.
Мин тус санаабар, өрөспүүбүлүкэбит конституционнай-правовой тутулун, сокуоннарын тосхоллорун быһааран биэрэр суут эбэтэр парламент тэрийэр судаарыстыбаннай уоргана хайаатар даҕаны баар буолуохтаах. Бу боппуруос хайдах быһаарылларын кэм-кэрдии көрдөрүө.
— Москубатааҕы судаарыстыбаннай университекка олохтоох салайыныыга диссертация көмүскээн тураҕын. 2002-2003 сылларга Арассыыйа экэнэмиичэскэй сайдыытын министиэристибэтигэр, онтон Судаарыстыбаннай Дуума сис кэмитиэтигэр «Олохтоох салайыныы сүрүн тосхоллоро» 131-с №-дээх федеральнай сокуонун барылын суруйууга кыттыбыккын билэбит. Саха сирин улуустарыгар, нэһилиэктэригэр былаас бу тутула олоххо киириитин тэрээһин үлэтигэр быһаччы кыттыбытыҥ. Арассыыйа саҥа Төрүт сокуонугар олохтоох салайыныы уорганнарыгар сыһыаннаах уларыйыылар туһунан тус санааҕын үллэстиэҥ этэ...
— Устуоруйа кэрэһилииринэн, ыраахтааҕы кэмигэр, XIX үйэ иккис аҥаарыгар, олохтоох былаас тутулун саҥардар земскэй реформа олоххо киирбитэ. Онтон салгыы “контрреформа” баран турар. Билиҥҥи кэми көрөр эбит буоллахха, 1995 сыллаахха олохтоох салайыныы туһунан бастакы федеральнай сокуон ылыллыбыта. Кэлин, 2003 сылга бу сокуон сорох өрүттэрэ чопчуламмыттара. Дьэ, быйыл Төрүт сокуоммутугар улахан уларыйыылар киирдилэр. Бөлүһүөктэр этэллэринэн, устуоруйа ханнык эрэ кэмҥэ тиийэн хатыланар үгэстээх. Арассыыйа курдук киэҥ нэлэмэн сирдээх, араас норуоттары бииргэ түмпүт дойду ханна да суоҕун кэриэтэ. Үөһэ этэн аһарбытым курдук, экэниэмикэтин, социальнай эйгэтин да таһымнарынан тэҥэ суох, айылҕатынан, үгэстэринэн да уратылардаах дойдуга муниципальнай былаас уорганнарын реформатын бэркэ сэрэнэн ыытыллыахтаах. Экэниэмикэҕэ, социальнай сайдыыга, бэлитиичэскэй да тутулга туһуламмыт судаарыстыбаннай бэлиитикэни, кини хайысхаларын олоххо киллэрииттэн олохтоох салайыныы уорганнарын туоратыы, быраабын хааччахтааһын, эбээһинэһин ууга суурайыы — табыллыбат. Урут диссертациябар даҕаны, бүгүн үлэбэр да тутуһар санаам – олохтоох салайыныы муниципальнай уорганнарыгар көҥүллэрин мэктиэлиир, үп-харчы, экэниэмикэ сайдыытын түстүүр кыахтарын, судаарыстыбаннай бэлиитикэни толору олоххо киллэрэр боломуочуйаларын быһыа суохтаахпыт.
Нолуогу үллэрии нөҥүө үбү сөпкө тыыран, дьаһайар дуоһунастаах дьон эппиэтинэһин күүһүрдэр туһугар сокуоннары оҥоруох тустаахпыт. Онон, сүнньүнэн, олохтоох салайыныыга киирбит уларыйыылары сөптөөҕүнэн ааҕабын. Ол да буоллар, икки түгэнтэн дьиксинэбин. Бастакытынан, РФ Төрүт сокуонун таһымыгар үйэ чиэппэрэ мэктиэлэнэн кэлбит нэһилиэнньэ уонна муниципальнай тэриллиилэр бырааптара аны билигин “федеральнай сокуонунан быһаарыллар” диэн буолла. Күн бүгүнүгэр диэри олохтоох салайыныы быраабын мэктиэтэ Төрүт сокуоҥҥа киирэ сылдьыбыт буоллаҕына, аны федеральнай сокуоннарга олоҕуран, тосту уларыйан хаалар куттала үөскээтэ. Мин санаабар, ити олохтоох былаас уорганнарын үлэтигэр кэнэҕэскитин бэрдэ суохтук дьайыан сөп. Иккиһинэн, Төрүт сокуоммут саҥа ис хоһоонун ырыттахха, олохтоох бэрэстэбиитэллээх уорган, о.э. нэһилиэнньэ талбыт дьокутааттарын туһунан биир да быһа туһаайыы суох. Ол эбэтэр, “бэрэстэбиитэллээх уонна ситэриилээх былаас икки ардыларыгар балаанса кэһилиннэ” диэххэ сөп.
Манна сиэттэрэн эттэххэ, мин санаабар, РФ субъектарын парламеннарын иннигэр сыал-сорук чопчу – олохтоох салайыныы боломуочуйалара федеральнай сокуоннарга киирэллэригэр бэйэбит этиилэрбитин сүүмэрдээн, ылыннарыылаахтык туруорсарбыт ирдэнэр. Куораттарга, улуустарга олорор дьоммут интэриэстэрин көмүскүөх тустаахпыт. Бу үлэҕэ бэлэмнэнии бэрээдэгинэн, балаҕан ыйын 22 уонна 30 күннэригэр Ил Түмэҥҥэ улуустар бэрэстэбиитэллээх итиэннэ ситэриилээх былаастарын салайааччыларын кытары сүбэ мунньахтары тэрийэн ыытаары олоробут. Ол мунньахтарга киирбит этиилэргэ олоҕуран, федеральнай сокуоннар барылларыгар көрүүлэрбитин бэлэмниэхпит.
— Быйыл 6-с ыҥырыылаах Ил Түмэн Арктикаҕа урбаан сайдыытыгар туһуламмыт федеральнай сокуоҥҥа күүскэ үлэлэстэ. Маны Госдума сис кэмитиэттэрэ да, сокуон барылын оҥорбут Уһук Илини сайыннарар Арассыыйа министиэристибэтэ да бэлиэтээн тураллар. Арктикаҕа уонна Уһук Илиҥҥэ туһуламмыт бэлиитикэҕэ Ил Түмэн ситиһиилээх үлэтин холобура туохханый?
— Дойдубут Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Арктика уонна Уһук Илин сайдыытыгар болҕомтотун хатаабыта – сэҥээрдэр. Бэс ыйын 26 күнүгэр Уһук Илин социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар туһуламмыт 427 №-дээх Ыйаахха илии баттаммыта. Араас мунньахтар буоллулар, ону таһынан Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин салалталаах ситэрилээх былаас улахан бөлөҕүн оробуочай сырыыта түмүктэннэ. Бу сотору кэминэн РФ Бырабыыталыстыбата 2024 сылга диэри Уһук Илин сайдыытын национальнай бырагырааматын бигэргэтиэҕэ.
Саха өрөспүүбүлүкэтэ Арктика сайдыытыгар ураты сыһыаны олохтуур туһунан өссө Сэбиэскэй Сойуус ыһыллар кэмнэриттэн ыла туруорсар. Оччоттон баччаҕа диэри киин былаас уорганнарыгар бэйэбит этиилэрбитин киллэрэн, федеральнай былааһы кытта ыкса үлэлэһэн, Арассыыйа атын эрэгийиэннэрин кытта биир санаанан салайтаран, Уһук Илиҥҥэ, Арктикаҕа туспа сыһыан ирдэнэрин дакаастаатыбыт дии саныыбын. 2018 с. өрөспүүбүлүкэ Ил Дарханынан талыллыбыт Айсен Николаев уонна 6-с ыҥырыылаах Ил Түмэн дьокутааттара бу хайысхаҕа үлэни өссө күүһүрдүбүппүт. Манна даҕатан эттэххэ, Айсен Николаев Арассыыйа таһымыгар Саха сирин кыһалҕаларын «федеральнай бэбиэскэҕэ» туруорсууга уонна ол үлэ ис хоһоонун тэтимирдиигэ үлэни күүһүрдэр туһунан этэн турардаах. Бүгүҥҥү туругунан, итиннэ туһаайыллыбыт үлэ үтүө түмүктэрдээх буолла. Ол курдук, биир дьоһун ситиһиибит — норуот дьокутааттара көҕүлээн туруорсубут «Арктика оҕолоро» диэн бырайыакпыт. Бу көҕүлээһиммит Уһук Илини сайыннарыы национальнай бырагырааматыгар киирэрэ быһаарылынна. Балаҕан ыйын 28 күнүгэр Дьокуускайга ыытыллар Хотугу Форум биир былаһааккатыгар, РФ Уһук Илини сайыннарыы министиэристибэтин кытта, «Арктика оҕолоро» бырайыагы билиһиннэриэхпит. Бу туруорсуубутун атын эрэгийиэннэр парламеннара күүскэ өйөөтүлэр. Манна Федерация Сэбиэтин иһинэн Арктика уонна Антарктика Сэбиэтэ, чуолаан сенатор Александр Акимов дурда-хахха буолла.
Арассыыйа Үөрэҕин министиэристибэтэ иһитиннэрэринэн, билигин дойдубутугар 2 тыһыынчаттан тахса оскуола иннинээҕи саастаах уонна 4 тыһыынча оскуолаҕа үөрэнэр саастаах оҕолор көс олохтоохтор, ыстаадаҕа олороллор. Төрөппүттэрин кытта көһө сылдьар оҕолор үөрэхтэрин туспа хайысхалаан сайыннарыахтаахпыт. Аны туран "Арктика учуутала" диэн бырайыак чэрчитинэн оскуолалар каадырынан хааччыллыыларын быһаарыах кэриҥнээхпит.
Манна даҕатан, Тыа сирин ипотекатын туһунан санаабын этиэхпин баҕарабын. Тыа сиригэр ипотекаҕа элбэх үп көрүллүбүтэ — үөрүүлээх суол. Итиннэ “үбү-харчыны өссө үгүөрүтүк көрүөххэ” диэн этиилээхпин. 2019 сыллаахха тыа сиригэр дьиэ тутуута 150 567 кв. м. тэҥнэспит эбит буоллаҕына, быйыл ити көрдөрүү сыл аҥаарыгар – 65 286 кв. м. тиийдэ. Ол аата, ортотунан, сылга 750 ыал саҥа дьиэ туттан киирэр. Оччотугар Саха өрөспүүбүлүкэтин үрдүнэн бэриллиэхтээх кирэдьиит суумата ортотунан 3-3,5 млрд. солк. тэҥнэһиэн сөп. Сыл саҕаланыаҕыттан «Россельхозбааҥҥа» 919 сайаапка киирбит, онтон 232-тэ бигэргэммит. Уопсайа 184 мөлүйүөн суумалаах 79 кирэдьиит бэриллибит. Оттон «Сбербаан» 24 сайаапкаттан 11-гэр сөбүлэспит, биир эрэ кирэдьиити биэрбит. Ол аата, бэриллэр ипотека ахсаанын элбэтэри уонна эбии үп-харчы көрүллэрин туруорсуохтаахпыт. Тыа сиригэр саҥалыы, толору хааччыллыылаах дьиэ-уот туттар дьоммутугар тыа сирин ипотеката төһүү күүс буолара саарбаҕа суох.
— Быйылгыттан Ил Түмэҥҥэ анал күннэр ыытыллар буоллулар. Аһаҕас былаһааккалар, кэпсэтии түһүлгэлэрэ элбэхтэр. Аны федеральнай таһымнаах эспиэрдэри ыҥыран дьоһун кэпсэтиилэри ыыттыгыт.Өр сылларга Саха өрөспүүбүлүкэтин салайбыт, үлэлээбит ытык-мааны дьоммутун мунньан эмиэ Сүбэ тэрийдигит. Бу төһө туһалаах буолла?
— “Сүгэ кыайбатаҕын сүбэ кыайар” диэн саха өһүн хоһооно баар. Ил Түмэн дьокутааттара — норуоттан тахсыбыт, норуот талбыт дьоно. Ол иһин кинилэр күннээҕи быһыыны-майгыны үөрэтэн, норуот туруорсар боппуруостарын тута быһааралларыгар көмө буоллун диэн маннык тэрээһиннэри ыыттыбыт.
«Аһаҕас парламент», «Муниципальнай чаас», «Эспиэр чааһа» диэн тэрээһиннэргэ араас эспиэрдэр этиилэрин, уопсастыбанньыктар туруорсууларын, олохтоох салайыныы дьокутааттарын санааларын истэбит. Быйыл саас Тыа хаһаайыстыбатын бастакы декадатын кэмигэр Намҥа, Мэҥэ Хаҥаласка тахсан тыа сирин сайдыытын дьүүллэспиппит.
«Кырдьаҕастан алгыһын, эдэртэн эйэтин ыл” диэн эмиэ саха өһүн хоһооно баар. Ити үтүө үгэһи тутуһан, Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтигэр уонна Ил Түмэн инники ыҥырыылаах мунньахтарын салайсыбыт, бас-көс дьоммутугар, дьокутааттарга тирэҕирэн Уопсастыбаннай-консультативнай сүбэни тэрийэн үлэлэтэбит. Онуоха эбии Ыччат парламена 10-тан тахса сокуон барылын бэлэмнэстэ. Биир оннук сокуон барылынан «О целевой контрактной подготовке специалистов с высшим и средним профессиональным образованием» буолар.
Билигин Арассыыйа Төрүт сокуонугар киирбит уларыйыылар чэрчилэринэн, сокуоннары уларытыыга бу тэриллибит уопсастыбаннай уорганнартан сүбэ-соргу ылыахпыт.
— Соторутааҕыта эн Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин эбээһинэһин толорооччунан анаммыт Андрей Тарасенколыын көрсүбүтүҥ туһунан информация тарҕаммыта. Уопсайынан, Ил Түмэн ситэриилээх былааһы кытары үлэтин хайдах сыаналыыгын?
— Айсен Сергеевич Николаев Ил Дарханынан талыллыаҕыттан, Ил Түмэн 6-с ыҥырыылаах мунньаҕа Владимир Солодов салайбыт Бырабыыталыстыбатын кытары биир санаанан ыкса үлэлээн кэллибит. Баһаам элбэх боппуруостары атах тэпсэн олорон, кэпсэтэн, сөбүлэспэт буоллахпытына ырытыһан быһаарыстыбыт. Ол курдук, Ил Түмэн туруорсан сарбыйыы туһунан 202 №-дээх уураах эрдэ көтүрүллүбүтэ. Ситэриилээх былаас салайааччылара дьокутааттар этиилэрин болҕойон истэн, тус үлэлэригэр туһаналлар. Аны бүддьүөтү көрүүгэ дьокутааттар эрдэттэн кыттар буоллулар. Ил Түмэҥҥэ «нулевой ааҕыы» ыытылларын ситистибит, онно сыһыаннаах анал сокуон таҕыста. Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба өйөөннөр, дьокутааттар киллэрбит хас да социальнай хайысхалаах сокуоннара күн сирин көрдө, ол иһигэр "Саха өрөспүүбүлүкэтигэр элбэх оҕолоох ыал статуһун туһунан". Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлин эбээһинэһин толорооччу Андрей Тарасенко туһунан этэр эбит буоллахха, кини улахан уопуттаах, дьоһуннаах салайааччы. Онон бырабыыталыстыбаны кытта көдьүүстээх үлэбит салҕаныа диэн эрэнэбин.
Дойдубут Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин, Ил Дархан Айсен Николаев этиилэрин, стратегическай былааннарын олоххо киллэрэн, биирдиилээн дьон олоҕо тупсарын туһугар Ил Түмэн дьокутааттара салгыы да биир санаанан салайтаран үлэлииргэ бэлэммит.
Кэпсэттэ Чокуур Гаврильев.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0