- РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Анал этиитин дьон бары да долгуйа кэтэспитэ. Мин Владимир Владимирович анал этиитигэр Арассыыйа тутулуга суох буолуутугар сүрүн суолтаны урбааңңа уурбутун, үлэһит дьон суолтатын бэлиэтээбитин сэргээтим.
Маны таһынан, урбаан эйгэтигэр сыһыаннаах көҕүлээһиннэр элбэхтик ахтыллыбыттарын биһирээтим. Былырыыҥҥы уустук кэмнэргэ урбаанньыттар сөптөөх хайысханан үлэлээн элбэҕи ситистилэр диэн ахтан туран, дойдубут сайдыытыгар улахан оруоллааҕын эттэ.
Бэрэсидьиэн Анал этиитэ Арассыыйа эйэлээх сайдыытыгар туһуламмытын, бары өттүнэн бэйэбитин бэйэбит бас билинэр, хааччынар буолуохтаахпытын туһунан эппитин хайгыы бэлиэтээтим.
Анал байыаннай эпэрээссийэҕэ кытта сылдьар буойуннарга, эмсэҕэлээбит саллааттарга, итиэннэ ѳлбүт буойуннар дьиэ кэргэттэригэр көмөнү тус болҕомтоҕо уурда.
Суол тутуутун үлэтин салгыы сайыннарыы туһунан этиитэ, бу экэнэмиичэскэй өттүнэн сайдыы тохтообокко, салгыы баран иһэригэр туһуланар.
- 1
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0