Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . 2 oC

   Петр Захаров, Таатта улууһун Дьохсоҕон нэһилиэгин баһылыга:

-РФ Төрүт сокуонугар, ЭН, МИН, БИҺИГИ Конституциябытыгар киллэриллэр уларытыылар туһунан боппуруос быйыл эрэ турбут, эмискэ күөрэйэн кэлбит буолбатах. Хас эмэ сыл инниттэн бэлэмнэммит, тустаах эйгэҕэ киэҥник ырытыллан, дьүүллэһиллэн, билиҥҥи олорор олохпутугар баар балаһыанньалары учуоттаан уонна дойдубут сайдыытыгар, толору бырааптаах сувереннай судаарыстыба буоларыгар олус наадалаах, сүҥкэн суолталаах тэрээһин буолар. Дьэ, онон, саас-сааһынан сааһылаан, санааларбын этиим.

   Петр Захаров, Таатта улууһун Дьохсоҕон нэһилиэгин баһылыга:

-РФ Төрүт сокуонугар, ЭН, МИН, БИҺИГИ Конституциябытыгар киллэриллэр уларытыылар туһунан боппуруос быйыл эрэ турбут, эмискэ күөрэйэн кэлбит буолбатах. Хас эмэ сыл инниттэн бэлэмнэммит, тустаах эйгэҕэ киэҥник ырытыллан, дьүүллэһиллэн, билиҥҥи олорор олохпутугар баар балаһыанньалары учуоттаан уонна дойдубут сайдыытыгар, толору бырааптаах сувереннай судаарыстыба буоларыгар олус наадалаах, сүҥкэн суолталаах тэрээһин буолар. Дьэ, онон, саас-сааһынан сааһылаан, санааларбын этиим.

-Бу сыл тохсунньу 15 күнүгэр дойдубут Аҕа баһылыга Владимир Путин дойду Федеральнай мунньаҕар туһаайыллыбыт тус этиитигэр дойду Төрүт сокуонугар уларытыылары киллэрэргэ кэмэ кэлбитин туһунан этиитин истэн турабыт. Ол кэннэ сүрдээх түргэн үлүгэрдик хамсанан, Төрүт сокуоҥҥа киириэхтээх уларытыылары ырытыһаннар, дьүүллэһэннэр, муус устар 22 күнүгэр бүтүн дойду үрдүнэн норуот уопсай куоластааһынын ыытарга болдьоҕо быһаарыллыбыта. Ол эрээри аан дойдуну бүтүннүү сутуйбут хоруона хамсыгын дьаҥа туран, куоластааһын биллибэт кэмҥэ көспүтэ. Төрүт сокуоннарга киирэр көннөрүүлэри, барыта 206 уларытыыны, ол иһигэр Төрүт сокуон үһүс баһыгар "Федеративное устройство" -- 51, "Президент РФ" диэн төрдүс баһыгар --19,  "Федеральное Собрание РФ" -- 33, "Правительство РФ" – 26, "Судебная власть и прокуратура" – 23, "Местное самоуправление" – 12, Төрүт сокуон киирии ыстатыйаларыгар (преамбула)  -- 9,  Бүтүн Арассыыйатааҕы куоластааһыҥҥа уонна сокуон олоххо киириитин бэрээдэгэр 33 уларытыы киллэриллибитэ.

 “Төрүт сокуоммутугар уларыйыылар тоҕо киирэн эрэллэрий, туох суолталаахтарый, оннук улахан төрүөт баар дуо?” диэн ыйытыгы бэйэбэр бэринэммин, Төрүт сокуоммутугар киириэхтээх уларытыылары кытта сыныйан билистим, биллэр-көстөр, олуһун диэн ытыктыыр, убаастыыр дьонум санааларын иһиттим, үгүс киһини кытта бу боппуруос тула кэпсэттим. Уонна маннык санааҕа бигэтик кэллим.

1991 сыл ахсынньы 25 күнэ. Аан дойду үрдүгэр эйэлээх олоҕу туппут, дьон барыта тэҥ бырааптаналларын ситиспит, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыайбыт, үлэһит киһи үрдүктүк тутуллубут, кырыы, кытыы сирдэргэ сайдыыны аҕалбыт, үөрэҕи төрүттээбит Сэбиэскэй Сойуус эстиитэ, Кириэмилгэ аалай кыһыл былаахпыт түспүт күнэ. Бу күн дойдубут оччотооҕу Бэрэсидьиэнэ Михаил Горбачев норуоту уонна олохсуйан кэлбит бастыҥ идеаллары таҥнарыыта, сэнэбиллээхтик уурайыыта, бырааттыы норуоттар сойууспутун эһиитэ -- Эмиэрикэ сценарийынан тохтооһуна буолбута мэлдьэх буолбатах. Ол видеолары Интэриниэттэн ситимиттэн ылан көрөммүн, наһаа да сааттым, харааһынным. Ол кэннэ 1993 сыл ахсынньы 12 күнүгэр ылыныллыбыт РФ Конституциятынан хайдах олох саҕаламмытын саастаах өттүгүт өйдүүр буолуохтааххыт.  90-с сыллары. Ол кэмнэргэ ыытыллыбыт, саҕаламмыт дойду экэниэмикэтин, оҥорон таһаарар кыаҕын, сэбилэниилээх күүстэрин урусхаллааһын хайдах турукка дойдубутун тиэрдибитин бары көрө-билэ сылдьабыт. Онон, дойдубут Төрүт сокуонугар уларытыылары киллэрии уолдьаспытын туһунан кэпсэтиилэр ыытыллыбыттара ыраатта. Бу күннэргэ Ютубтан аан дойду таһымнаах юрист Ольга Чижик лиэксийэтин иһиттим. Элбэх мунаарар боппуруостарбытыгар чопчулааһыннары биэрэр. СӨ бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев көмөлөһөөччүтэ, политик,  өрөспүүбүлүкэбит олоҕун киэҥник сырдатар "Сокровенная история Республики" кинигэ ааптара Иван Николаев “Кыым” хаһыакка «Бүдүрүйбүт омук көнөрө уустук. Аһаҕас кэпсэтии» ыстатыйатын ааҕан, олуһун сэҥээрдим, сөпсөстүм. Аны туран, биһиги улуу убайбыт Өксөкүлээх туһунан "Уроки Алексея Кулаковского" кинигэ ааптара, биллэр историк Афанасий Николаев санаатын  "Если не будет реформ сверху, революция снизу сметет все" көрөммүн, ааҕаммын, сөптөөх суолу тутуһарга бигэтик тохтоотум.

Иккис төрүөт. Дойдубут олоҕор тас дойдулар быһаччы орооһуулара. Дойдубут салалтатыгар уонна дойдубут тыын суолталаах стратегическай тэрилтэлэригэр туһунан судаарыстыбалар дьоно быһаччы салайса олороллоро кистэл буолбатах. Арассыыйаны АХШ-ны уонна аан дойдуну баһылаан олорор мультимиллиардердар араас уопсастыбаларынан хааччахтааһыннара күүскэ ыытылла турар. Холобура, ‪2006-2015 сылларга Арассыыйа антидопинговай киинин салайааччыта Григорий Родченков Эмиэрикэҕэ күрээн тиийэн: “Арассыыйа маннык допиннары туттар”, -- диэн, бүтүн испииһэги көрдөрөн, ааттаах улахан маргыар тахсыбытын бары бэркэ билэбит. Ол түмүгэр Канада Монреаль куоратыгар кииннээх WADA (Всемирная антидопинговая агентство) туруорсан,  Швейцария Лозанна куоратыгар кииннээх МОК  (Международный олимпийский комитет) 2014 сыллаах Сочига ыытыллыбыт Олимпийскай оонньуулар чемпионнарын уонна призердарын мэтээллэрин былдьаабыта. 2012 сыллаахха Лондоҥҥа ыытыллыбыт сайыҥҥы Олимпийскай оонньуулар призера, биһиги кыыспыт Евгения Колодко ситиһиитин аннулируйдаан тураллар. Бу айдаан салгыы тахсан, Арассыыйаны Олимпийскай оонньууларга кыттар быраабын быспыттара. Токиоҕа ыытыллыахтаах Олимпиадаҕа санаммат да гына оҥордулар. Төһөлөөх спортсмен дьылҕатыгар оҕустарыы ылбыта буолуой? Бу, биллэн туран, Арассыыйаны аан дойду таһымыгар намтата, түһэрэ сатааһын буолар. АХШ Вашингтон куоратыгар баар МВФ (Международный валютный фонд) 90-с сылларга, валютнай көмө кирэдьиит биэрэбит диэн, төһөлөөх хабалаҕа Арассыыйаны киллэрбитэй? АХШ Нью-Йорк куоратыгар баар ХНТ  (Организация Объединенных Наций) ким туһугар үлэлиирий? Югославияны, Ирагы, Ливияны, Сирияны ыттыы түүрэйдээн сэриилииллэригэр көмүскэспитэ дуо? Африка континеныгар буола турар сэриилэри, норуоттары атаҕастааһыны уодьуганныырга үлэлиир дуо? Швейцария Женева куоратыгар кииннэнэн олорор ВОЗ (Всемирная организация здравоохранения) тугу оҥорор тэрилтэний? Химическэй, бактериологическай сэрии сэбин тарҕаппаттарыгар, оҥороллорун хааччахтыырга анаан тэриллибитэ. Ол эрээри, мин көрдөхпүнэ, кини Сирияҕа химическэй уонна бактериологическай сэрии сэбин туһаналлар диэн сылтаҕы хаста даҕаны ылан, НАТО-ларга биэрэн, Сирияны сэриилииргэ туус куоһур буолбута. Ирагы сэриилииллэригэр, Саддам Хуссейн химическэй уонна бактериологическай сэрии сэбин оҥордулар диэн айдааны тардан, күүстээх буомбалааһыны ыыппыттара. Саддам Хуссейн ол сырыыга норуотун харыстаан, улахан утарылаһыыны оҥорбокко бэриммитэ. Онон “ВОЗ бу сыалларга туһалыырга аналлаах тэрилтэ дуу?” диэх санаа киирэр. Билигин саҥа короновирус дьаҥа турбутунан, АХШ салалтата ВОЗ көмөтүнэн Кытайы буруйдаах оҥоро сатаабытын, анараа дьоммут улахан айдаан тахсыа диэннэр бигэргэппэккэ олорбуттарыттан кыһыйан, Дональд Трамп: “ВОЗ-ка АХШ сыллата биэрэр үбүн биэрбэппин”, -- диэн куттуур. Бельгия Брюсселигар кииннэнэн олорор НАТО биһиги кыраныыссабытыгар ыган киирэн иһэр, күүс өттүнэн өттөйө сатыыр. Франция Париһыгар баар ЮНЕСКО, Австрия Венатыгар баар МАГАТЭ (Международное агентство по атомной энергии), АХШ Вашингтон куоратыгар баар МБРР (Международный банк реконструкции и развития), Швейцария Женева куоратыгар кииннэммит ВОИС (Всемирная организация интеллектуальной собственности), Австрия Венатыгар баар ОПЕК( Организация стран экспортеров нефти), Швейцария Женева куоратыгар кииннээх ВТО (Всемирная торговая организация), о.д.а. араас ааттаах, тус сыаллаах аан дойду таһымнаах тэрилтэлэр дойдубут олоҕор быһаччы орооһоллор, сорох өттүгэр олохтоох сокуоннарбыт кытта кинилэр быраабылаларын, бэрээдэктэрин уонна ирдэбиллэрин кыайбаттар. Онтон Төрүт сокуоммут 7 баһын 125 ыстатыйатыгар киирэр уларыйыылар олус бу күҥҥэ тоҕоостоохтор. Дойдубут сокуоннара тас дойдулар уонна аан дойду таһымнаах араас структуралар быһаарыыларынааҕар, кинилэр соҥнуур ирдэбиллэринээҕэр үрдүкү турар буолара мэктиэлэннэ, көмүскэллээх буоларбыт оҥоһулунна.

Аны туран, икки гражданстволаах, эрдэ гражданство ыла сылдьыбыт, омук сиригэр олорорго көҥүллүүр анал бырааптаах, омук сирин бааннарыгар уурдарыылаах дьон дойду салалтатыгар, суут былааһыгар тахсарга санамматтарын туһунан чопчутук этиллэрэ олус үчүгэй.  90-с сыллартан араас фондалары үлэлэтэр аатыран, үгүс интервеннэр киирэн олохсуйан сылдьаллар, дойдубут тутулун испититтэн ыһар тус сыаллаах үлэни ыыталлар. Бу дьайыылары уодьуганныырга, былаас өһүөтүттэн ылҕыырга олус табыгастаах.

ФРС СШАК (Федеральная резервная система США). Бу тэрилтэ нөҥүө биһиги дойдубут Киин баанын бас билэн олороллор. Арасыыйа киин баана атын бааннар ханнык усулуобуйаҕа, хайдах үлэлиэхтээхтэрин быһаарар, ирдиир. Биһиги дойдубутугар кирэдьиит сыллааҕы бырыһыана биллэ улахан, онон өтөрүнэн төлөрүйбэт хабалаҕа киирэн олоробут. Атын дойдуларга курдук, ортотунан 2-4% эбитэ буоллар, хартыына арыый да атын буолуох этэ. Швейцарияҕа, холобура, кирэдьииттэрин сыллааҕы бырыһыана – 0.75. Өссө 1 бырыһыаны судаарыстыбалара субсидиялыыр эбит, ол аата дьиҥнээх сыллааҕы бырыһыаннара -- 0.25. Төрүт сокуоммутугар киирэр уларытыылар Арассыыйа Киин баана дойду сокуоннарыгар сөп түбэһиннэрэн үлэлиирин ситиһиэҕэ диэн эрэнэбит. Бу баан уонна 1993 сыллаах Төрүт сокуоммут көҥүллүүллэринэн, Арассыыйаҕа солкуобайтан атын валютанан эргиниэххэ сөп. Ол түмүгэр сыллата доллары атыылааһынтан чыыстай барыс 400 миллиард доллар дохуоппут АХШ-га барар. Маннык араас сокуонунан көҥүллээх ньымаларынан төһөлөөх үп дойду таһыгар куота турарын айбыт таҥара бэйэтэ билэр. Онон бу чааһыгар кытаанах хонтуруол олохтоноро уонна дьиҥнээх, тас сабыдыалтан тутулуга суох дойдуланарбыт туһугар Конституцияҕа кииэр уларыйыыларга куоластыырбыт олус наадалаах.

Үһүс төрүөт. Төрүт сокуоммут 68-с, 69-с уонна 72-с ыстатыйаларыгар киирэргэ бэлэмнэммит уларытыылар Саха дьонугар биһиэхэ олус чугастар уонна ону чопчу быһаараллар. Арассыыйаҕа олорор бары норуоттар тэҥ бырааптаах буоларбытын бигэргэтэр, тылбыт, култуурабыт эстэн, симэлийэн хаалбатын мэктиэлиир.

72-с ыстатыйаҕа киирбит көннөрүүлэргэ ордук дьиэ кэргэн института болҕомтону тардар. Эр киһи уонна дьахтар эрдээх ойохтуу буолаллара -- бу дьиэ кэргэн дьиҥнээх сойууһа дэнэр, оҕо дьиэ кэргэҥҥэ иитиини толору ылыахтааҕын, кырдьаҕас төрөппүттэри оҕолоро көрүөхтээхтэрин кытта чопчулуур. Аан дойду, чуолаан кырдьаҕас  Европа (старый свет) дойдуларын салайааччылара оҕо диэни оҕоломмотохторо, олохторо бэйэлэринэн эрэ муҥурданара баар. Холобура, Великобритания премьер-миниистирэ Тереза Мэй, Германия канцлера Ангела Меркель, Франция бэрэсидьиэнэ Эмманюэль Макрон, Голландия премьер-миниистирэ Марк Рютте, Люксенбург премьер-миниистирэ Ксавье Беттель тус бэйэлэрин эрэ интэриэстэригэр олороллор, нууччалыы эттэххэ, “после нас хоть потоп”. Ыал буолан, оҕо-уруу төрөтөн, олох олоруу сыаннастарын толору билбэттэр диэтэхпинэ, бука, сыыспаппын. Дойдубутугар биир сүрүн кыһалҕабытынан оҕо иитиитэ буолар. 90-с уонна 2000 сылларга сонуннарга үгүстүк истэрбит -- омуктар Арассыыйаттан оҕо иитэ ылан баран, хайдахтаах курдук атаҕастаабыттарын.  Аны туран, Европа дойдуларыгар ойох буолан барбыт дьахталлар төрөөбүттэрин кэннэ, оҕолорун былдьаабыттарын туһунан эмиэ элбэхтик суруйбуттара. Холобура, Финдляндияҕа РФ гражданката Виктория Медведева үс оҕотун ыттыы былдьаппытын туһунан балай да күүскэ сонуну тарҕатар ситимнэр сырдаппыттара. Маннык уонна да атын араас кыһалҕаларга түбэспит дьоммутугар урукку Төрүт сокуоммутунан дойдубут көмүскэһэр бырааба суоҕа, билигин бу саҥа уларытыыга 69-с ыстатыйаҕа оннук эбии киирбитэ эмиэ үөрдэр.

Төрүт сокуон 67-с ыстатыйатыгар киирэр эбиилэр. Манна, бастатан туран, Российскай Федерация территориятыгар "Федеральнай территориялар" баар буолуохтара диэн суруллар. Бу сүрдээх мөккүөрдээх уларытыы. Ол эрээри “биһиги сирбитин былдьаан ылан, Москва бэйэтин тус дьаһалыгар ылар” диэн өйдөөмүөххэ наада. Дойду сайдыытыгар уонна тыын суолталаах боппуруостарын быһаарыыга стратегическай көрүүлэр киирэллэрэ олус наадалаах. Бастатан туран, үөһэ суруйбутум курдук, аан дойду таһымнаах араас структуралары, фондалары таһынан, омук дойдулара, мультимиллионердара Арасыыйаҕа хас эмэ кыттыгас тэрилтэлэрин нөҥүө үгүс сир баайдаах дойдуларбытын бас билэллэр, ол түмүгэр үтүмэннээх үп таска куотар уонна сайдыы атахтанар. Оннук сирдэрбитин дойдуга төнүннэриигэ сыаллаах дии саныыбын ити киирэр уларытыыны.

 Ыараҥнатан, ырытан көрөн баран, дойдубут Төрүт сокуонугар киллэриллиэхтээх уларытыылары өйүүргүтүгэр ыҥырабын. 1993 сыллаахха ыгым кэмҥэ оҥоһуллубут Төрүт сокуоммутугар сувереннай судаарыстыба буоларбытын мэктиэлиир уларытыылар киирэллэрин харгыстаамыаҕыҥ диэн ыҥырабын.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Экономика

К повышению готовы?

Предстоящее повышение налогов напрямую затрагивает малый бизнес. Платить их обязаны все,…
05.10.24 11:45
Уопсастыба

Махтанабыт, сүгүрүйэбит

«Ыччаты иитэр уонна үөрэтэр үлэҕэ тутаах күүһүнэн учуутал буолар. Кини бэлэмиттэн,…
05.10.24 11:33