Госдума дьокутааттарын талабыт
Дойду үрдүнэн Госдумаҕа 450 дьокутаат талыллыаҕа. Итинтэн 225 дьокутаата – биир мандааттаах быыбардыыр уокуруктартан, 225 дьокутаата – бэлитиичэскэй баартыйалар испииһэктэринэн.
Аҕытаассыйалыыр кэм, сокуон ирдэбилинэн, балаҕан ыйын 17 күнүн түүнүгэр, ол эбэтэр 00.00 чааска, лоп курдук түмүктэниэхтээх. Оттон билигин хандьыдааттар быыбардааччы болҕомтотун уонна куолаһын иһин араас ньыманан күрэстэрин салгыыллар.
Быйыл быыбардыыр учаастакка икки бүллүтүөнү биэриэхтэрэ. Биирэ – федеральнай быыбардыыр уокурукка бэлитиичэскэй баартыйалар испииһэктэринэн хандьыдааттары куоластааһын киэнэ. Иккиһэ – биир мандааттаах быыбардыыр уокуруктартан турбут хандьыдааттары таларга. Хас биирдии бүллүтүөҥҥэ биир хандьыдааты уонна баартыйаны бэлиэтиэхтээххин.
СӨ Киин быыбардыыр хамыыһыйатын иһитиннэриитинэн, учаастактарынан куоластааһын сарсыарда 8.00 чаастан киэһэ 20.00 чааска диэри балаҕан ыйын 17-19 күннэригэр ыытыллыаҕа.
Ил Түмэҥҥэ – икки уокуруктан
Саха сирэ 646 тыһ. тахса быыбардааччылаах. Итинтэн 10 тыһ. тахса быыбардааччыта (ыстаада, вахта, тыа хаһаайыстыбатын, метеостанция үлэһиттэрэ уонна ыраах олорооччулар) болдьох иннинэ куоластыыллар – атырдьах ыйын 29 күнүттэн балаҕан ыйын 16 күнүгэр диэри. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн быыбардыыр хамыыһыйа барыта 238 маршрутунан уустук суоллаах ыраах сытар 543 пууҥҥа сылдьыаҕа.
Госдума быыбарыгар барыта 14 бэлитиичэскэй баартыйа, Саха Өрөспүүбүлүкэтин 24-с №-дээх биир мандааттаах быыбардыыр уокуругар 9 хандьыдаат регистрацияланнылар.
Бу быыбар хампаанньатыгар Ил Түмэн VI ыҥырыытыгар эбии дьокутааттары талыахтара – 3-с №-дээх «Университет» уонна 34-с №-дээх Халыма-Индигиир биир мандааттаах уокуруктарыгар. Бу икки уокурукка 5-тии хандьыдаат күрэстэһэрэ биллэр. Итини таһынан, өрөспүүбүлүкэ 29 оройуонугар 76 муниципальнай быыбар хампаанньата ыытыллыаҕа.
Санатар буоллахха, өрөспүүбүлүкэҕэ муниципальнай оройуоннарынан 34, Дьокуускай куорат уокуруктарынан уонна Жатай бөһүөлэгэр биир территориальнай быыбардыыр хамыыһыйалар үлэлииллэр .
Аныгы технологиялары туһанан
Быыбарга хаһыс да сырыытын «мобильнай быыбардааччы», QR-кодтаах боротокуоллары ааҕар уонна быыбардыыр бүллүтүөннэри ырытар технологиялары туһаналлар. Быйылгыттан аан бастакытын учаастактааҕы быыбардыыр хамыыһыйа бырассыастарын автоматизациялыыр бырагыраама үлэлиэҕэ. Бырагыраама араас докумуоннары оҥорон таһаарарга кыаҕы биэрэр: аахталары, былааҥкалары, бэлэм ыйынньык суруктары. Саҥа технология улахан көмөлөөх буолара күүтүллэр.
Оттон «мобильнай быыбардааччы» диэн тугуй? Бу – олорор аадырыскар сыһыарыллыбыт учаастаккар буолбакка, атын учаастакка эбэтэр дьиэттэн олорон куоластыырга сөбүлэҥ ылар уонна куоластыыр ньыма. Туох эмэ суолталаах биричиинэнэн быыбардыыр учаастакка бэйэлэрэ сатаан кэлбэт дьону дьиэҕэ куоластатарга анаан.
Онуоха сайабылыанньаны биэриэххэ сөп:
- Атырдьах ыйын 2 күнүттэн балаҕан ыйын 13 күнүгэр диэри территориялардааҕы быыбардыыр хамыыһыйаларга, «Мои документы» МФЦ-га, судаарыстыба өҥөлөрүн порталларыгар;
- Балаҕан ыйын 8 күнүттэн балаҕан ыйын 13 күнүгэр диэри бары быыбардыыр учаастактарга;
- Атырдьах ыйын 2 күнүттэн балаҕан ыйын 13 күнүгэр диэри судаарыстыбаннай өҥөнү оҥорор биир кэлим порталга.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0