Бырайыак ааптара Чечня өрөспүүбүлүкэтин парламенын бэрэссэдээтэлэ Магомед Даудов. Кини санаатынан, хааччахтааһыны киллэрии аан дойдуга уонна РФ сиригэр-уотугар норуоттар икки ардыларынааҕы уонна конфессиялаах сөбүлэҥи харайарга туһуланар. Туһааннаах уларытыылары «СМИ туһунан» федеральнай сокуон 4 ыстатыйатыгар уонна административнай быраабы кэһии Кодексыгар киллэрэргэ этиллэр.
Ааптар этэринэн, буруйа уонна сыһыана суох сиэрдээх дьон омугун туоһулуур сибидиэнньэлэри көҥүлэ суох тарҕатыы бар дьон омугумсуйуу уонна итэҕэлгэ сыһыаннаһыылары кээрэтэр, чиэһинэй гражданнарга атаҕастабылга сыаналанар. Элбэх омуктаах Арассыыйаҕа хас биирдии киһи толкуйа уонна сэрэҕэ суох этиллибит тыллара, уопсастыбаҕа социальнай дэлби тэптэрии «детонаторыгар» тэҥнэнэр, норуоттар икки ардыларыгар өстүйүү үөскэтиэн уонна араас содулларга тириэрдиэн сөп.
«Ити боппуруос билигин даҕаны быһаарыыта суоҕуттан араас быһылааннар тахсаллар. Маассабай иһитиннэрэр хампаанньаларга уонна социальнай ситимнэринэн, кэнники кэмҥэ, үгүс дьону «провокациялыыр», таҥнары тардар матырыйааллар тарҕанар буоллулар. Иһитиннэриилэргэ араас омуктары утары эмоциональнай сыанабылы тутталлар уонна тустаах этническэй, норуоттар икки ардыларынааҕы уопсастыбаннай бөлөхтөр, эбэтэр бу бөлөх чилиэннэрин утары бырааптарын күөмчүлүүргэ, эбэтэр хара дьайыыны оҥорууну үөскэтэллэр.
Итинник иһитиннэриилэр, биллэн турар, уопсастыбаҕа наадата суох тыҥааһыны таһаарар, араас омук уонна норуот итэҕэллэрин утары дьону- сэргэни түмэр, тулуйумтуота суох буолууну уонна араас дьайыылары таһаарарга усулуобуйа үөскэтэр.
Российскай Федерация Конституциятын 21-с ыстатыйатыгар сөп түбэһиннэрэн, киһи личноһа судаарыстыбанан харыстанар. Манна туох да аймалҕан тахсара сатаммат", - диэн сокуон барылын хос быһаарыытыгар ыйыллар.
Санаттахха, сэтинньи саҥатыгар Москваҕа түөрт ыччат оҕолоох эр киһини хам баттаабыттара. Буруйу оҥорооччулар Кавказ өрөспүүбүлүкэлэрин дойдулаахтара буолаллара бэлиэтэммитэ. Чечня баһылыга Рамзан Кадыров кавказтары «хараардар», кэдэргэ быыһыылаах сурахтары тохтоторго ыҥырбыта. Кини этэринэн, Кавказ туспа судаарыстыба эбит дии саныыр бүтүн көлүөнэ улаатарыгар тиэрдиэ. Кинини кытта RT кылаабынай редактора Маргарита Симоньян мөккүһэр: «Кыһалҕаны кистиир уустугурдуулаах», - диир. Суруналыыс этэринэн, Кадыров бэйэтин омуктарыгар кистээбэккэ буруйу оҥорууну мэлдьи кытаанахтык боборун санатта.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0