Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -5 oC

 Сыл түмүктэрэ. Быйылгы сыл хаһааҥҥытааҕар даҕаны уратылаах буолла, биһигиттэн түргэн быһаарыныылары, түмсүүлээх буолууну, бэйэ-бэйэҕэ кыһамньылаах сыһыаны эрэйдэ. Биһиги олохпутун тупсарыыга туһаайыллыбыт сокуоннар соруктарын, сыалларын ситистилэр дуо? Быйыл ылыллыбыт бүддьүөт туох уратылаах буолла? Бу туһунан сиһилии норуот дьокутаата, Ил Түмэн сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ “Талбан” биэриигэ кэпсээбитин быһа тардан билиһиннэрэбит.

 Сыл түмүктэрэ. Быйылгы сыл хаһааҥҥытааҕар даҕаны уратылаах буолла, биһигиттэн түргэн быһаарыныылары, түмсүүлээх буолууну, бэйэ-бэйэҕэ кыһамньылаах сыһыаны эрэйдэ. Биһиги олохпутун тупсарыыга туһаайыллыбыт сокуоннар соруктарын, сыалларын ситистилэр дуо? Быйыл ылыллыбыт бүддьүөт туох уратылаах буолла? Бу туһунан сиһилии норуот дьокутаата, Ил Түмэн сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ “Талбан” биэриигэ кэпсээбитин быһа тардан билиһиннэрэбит.

Алена Атласова, дьиэ кэргэн уонна оҕо аймах дьыалаларыгар сис кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ:

  • Быйыл СӨ Ил Дарханын Ыйааҕынан Ийэ сыла биллэриллибитэ, ону олус үөрэ истибиппит. Үлэбит-хамнаспыт барыта бу сыалга туһуланна. Дойду, өрөспүүбүлүкэ да өттүлэриттэн элбэх көмө оҥоһулунна. СӨ Ил Дарханын көҕүлээһининэн, “Үйэ оҕолоро” тус сыаллаах хапытаал сыл саҕаланыыта олохтоммута. Үбүлүөйдээх сылга уон тыһыынчаттан тахса оҕо күн сирин көрдө, төрөппүттэр саҥа хапытаалы туттулар. Тулаайах оҕолорго, көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт оҕолору көрөр-истэр дьиэ кэргэттэр төлөбүрдэрэ икки төгүл улаатта.

Эһиилгиттэн дойду үрдүнэн “единое пособие” диэн баар буолуо. Бу оҕо күүтэр дьахтар эрдэ учуокка көрдөрүнэ турар кэмиттэн саҕалаан, оҕо 17 сааһын туолуор диэри ананар босуобуйалар түмүллүөхтэрэ. Быйыл дойдубутугар тургутуу барар. Анал байыаннай дьайыы чэрчитинэн быстах хомуур биллэриллибитэ. Маныаха Ил Дархан Айсен Николаев тутатына кинилэр  дьиэ кэргэттэригэр көмөнү анаабыта. Ити, мин саныахпар, биһиги эрэгийиэммитигэр дьиэ кэргэн ураты суолталааҕын, ис хоһооннооҕун өссө биирдэ дакаастыыр.

Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ өйөбүл дьаһаллара кэҥиир. Билигин Саха Сиригэр 33 тыһ.тахса элбэх оҕолоох ыал олорор. Биһиги кэмитиэппит этиитинэн, кинилэргэ анаан икки сыллааҕыта түһээҥҥэ чэпчэтии оҥорон киллэрбиппит. Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэрэ билигин 200 ат күүстээх тырааныспар нолуогуттан босхоломмуттара. Билигин сокуоҥҥа уларытыы ылынан, бу хааччаҕы суох оҥордубут. Онон билигин элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн ханнык баҕарар кыамталаах тырааныспар нолуогуттан босхолоннулар.

Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн босхо сир, оттон биэстэн элбэх оҕолоохтор дьиэ ылар бырааптаахтар эрээри, улахан уочарат үөскүүр. Бу өр  кэмҥэ парламеҥҥа быһаарыллыбакка турбут, эмиэ сыллата туруорсубут боппуруоспут буолар. Маныаха Айсен Николаев СӨ Бырабыыталыстыбатын иннигэр уочараты аччатарга сорук туруорда. Быйыл “дорожнай карта” оҥоһулунна, СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин дьаһалынан бигэргэннэ. Сир ылыытыгар уочаракка турар дьиэ кэргэттэргэ саҥа өйөбүл баар буолла.  РФ Сир Кодексатыгар уларыйыы киирэн, кинилэр уочаракка турбакка 200 тыһ. солк. уу харчынан ылыахтарын сөп. Ол эрэн, инникитин сир ылар уочараттан уһуллаллар. Бу  булгуччу барыларыгар сыһыаннаах буолбатах. Холобур, дьиэ кэргэн уочаракка турар эрээри, даача, эбэтэр атын учаастактаах буолуон сөп. Кинилэргэ ордук көдьүүстээх буолуо.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением