Сахамин Афанасьев, Ил Түмэн сир сыһыаннаһыыларыгар, айылҕа ресурсаларыгар уонна экологияҕа сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ:
- Быйыл ойуур баһаарын бохсорго үп-харчы боппуруоһа сытыытык тура сылдьыбыта. Баһаарга өрөспүүбүлүкэ бэлэмин хонтуруоллуурга уонна дьаһаллары олохтуурга улахан үлэ барбыта. Арассыыйа Бырабыыталыстыбата Госдуманы кытта ыыппыт үлэлэрэ табылынна диэн бэлиэтиэхпин баҕарабын. Федеральнай субвенция хас да төгүл элбээн, араас ньымалары туһанан, быйыл ойуур баһаардарын ахсаанын да, баһаар турбут сирин иэнин да намтаттыбыт. Экология өттүнэн киирэр сокуоннарбыт эмиэ өйөннүлэр. Саха Өрөспүүбүлүкэтэ ирбэт тоҥу харыстыырга федеральнай көҕүлээһинэ сокуоҥҥа киллэриллибитэ биллибитэ. Туспа сыаллаах федеральнай сокуон буолан сайдан, ирбэт тоҥу үөрэтэргэ уонна харыстыырга систиэмэ үөскээн эрэр. Ол биһигини үөрдэр.
Аны биир сонун уларытыы – сири алдьаппыт, ууну киртиппит киһи, тэрилтэлэр кыбартаал аайы харчы төлүүллэр. Бу үп уопсай бүддьүөккэ киирэн, симэлийэн, айылҕаны харыстыырга төттөрү үп-харчы буолан кэлбэт этэ. Билигин өрөспүүбүлүкэ туруорсан, бу харчы олохтоох дьаһалталарга уонна өрөспүүбүлүкэҕэ төттөрү кэлэр, айылҕаны харыстыыр араас тэрээһиннэргэ туһаныллыан сөп буолла. Бу эмиэ улахан ситиһии. Бу үп-харчы улуустар уонна Саха Сирин Экологияҕа министиэристибэтин кыаллыбатах буппуруостарыгар - бөҕү-сыыһы хомуйууга, саахаллары туоратыыга, полигону тэрийиигэ туһаныахтарын сөп буолла.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0