Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -26 oC

Сыл түмүктэрэ. Быйылгы сыл хаһааҥҥытааҕар даҕаны уратылаах буолла, биһигиттэн түргэн быһаарыныылары, түмсүүлээх буолууну, бэйэ-бэйэҕэ кыһамньылаах сыһыаны эрэйдэ. Биһиги олохпутун тупсарыыга туһаайыллыбыт сокуоннар соруктарын, сыалларын ситистилэр дуо? Быйыл ылыллыбыт бүддьүөт туох уратылаах буолла? Бу туһунан сиһилии норуот дьокутаата, Ил Түмэн сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ “Талбан” биэриигэ кэпсээбитин быһа тардан билиһиннэрэбит.

Сыл түмүктэрэ. Быйылгы сыл хаһааҥҥытааҕар даҕаны уратылаах буолла, биһигиттэн түргэн быһаарыныылары, түмсүүлээх буолууну, бэйэ-бэйэҕэ кыһамньылаах сыһыаны эрэйдэ. Биһиги олохпутун тупсарыыга туһаайыллыбыт сокуоннар соруктарын, сыалларын ситистилэр дуо? Быйыл ылыллыбыт бүддьүөт туох уратылаах буолла? Бу туһунан сиһилии норуот дьокутаата, Ил Түмэн сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ “Талбан” биэриигэ кэпсээбитин быһа тардан билиһиннэрэбит.

Андрей Находкин, Ил Түмэн Тыа сиригэр уонна аграрнай бэлиитикэҕэ сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ:

- Саха Сирин олоҕор тыа хаһаайыстыбата мэлдьи инники күөҥҥэ сылдьар. Тыа хаһаайыстыбатыгар боломуочуйалар үгүстэрэ улуустарга бэрилиннилэр, ону кытары үбүлээһин тэҥҥэ барда. Билигин уопсайа 527 судаарыстыбаннай бырагыраама баар. Ол эрэн саамай сэргэх кэпсэтии тыа сирин, тыа хаһаайыстыбатын тула тахсар. Биһиги салаабытын Ил Дархаммыт, Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ инники күөҥҥэ туталлар, сыал-сорук туруораллар. Үбүлээһин биллэ үрдүүр. Оттон төһөнөн харчы эбиллэр да, оччотугар элбэх ырытыһыы, этии киирэр. Ити үчүгэй. Нэһилиэнньэ үлэлииргэ-хамсыырга саҥа хайысхалары тутуһарга бэлэмин көрдөрөр.

Тэҥнээн көрдөххө, 2018 сыллаахха бастаан алтыс ыҥырыылаах парламеҥҥа кэлэрбитигэр, икки бырагырааманы холбоон, тыа сирин сайдыытын хайысхатыгар 10 млрд солк. үбүлээһиннээх этэ. Билигин биир тыа хаһаайыстабытын бырагыраамата 14 млрд 200 мөл.  солк. куоһарда. Оттон “Тыа сирин биир кэлим сайыннарыы” бырагыраама иһинэн баар туспа федеральнай бырагырааманан гаастааһын, уулууссалары, социальнай эбийиэктэри тутуу эмиэ 2 млрд. солк.  кэриҥэ үптээх. Онон 2023 сылга уопсайа 16 млрд. солк. тахса үп көрүллэн турар. Манна даҕатан эттэххэ, бу сылга 2023 сылбыт үбүн-харчытын быһаарсыыга, билиҥҥи көрдөрүүбүт 2 млрд 600 мөл. солк. тиийбэт этэ. Онуоха Ил Дархан бүтэһик мунньахха СӨ Бырабыыталыстыбатыгар үп-харчы тиийбэтин да үрдүнэн, улаатыннарарга сорук биэрбитэ. Тыа сирин олохтоохторун дохуота тыа хаһаайыстыбатыттан уонна оҥорон таһаарар бородууксуйатыттан улахан тутулуктаах.

Олохтоох бородууксуйа сыаната тахсарыгар улахан мөккүөр бара турар. Көрөбүт, биир лиитэрэ сэлээркэ сыаната 75 солк. тэҥнэстэ. Оттон түүннэри, күнүстэри биир да өрөбүлэ суох үлэлиир киһи оҥорон таһаарар этэ-үүтэ тоҕо сыаната үрдүө суохтааҕый? Тоҕо чэпчэкитик барыахтааҕый? Иккиһинэн, аҥардас биир “Сайсары” ырыынакка турар табаар сыанатын кэтээн көрүү эмиэ сыыһа. Итиннэ олохтоохтортон хос атыылаһан ылааччы уонна атыыга таһаарааччы элбэх, сыананы хас эмэ бырыһыан үрдэтэн атыылыыллар. Ону хонтуруоллуурга боломуочуйа араас. Оҥорон таһаарааччы бородууксуйатын бэйэтэ атыылыыр төрүөтүгэр, сыаната удамыр буолуохтаах. Эт, үүт сыанатын халлааҥҥа таҕыста диэн этэр эрдэ. Эт боппуруоһугар субсидиялааһын өссө улаатыан наада. Оҥорон таһаарааччылар судаарыстыбаттан сылгы, убаһа, ынах этигэр субсидия ылар буоллахтарына, бэйэлэрин табаардарын сөптөөх сыанаҕа туттардахтарына, сыана биир таһымҥа туруо.

Куоракка олорор дьону көрдөхпүнэ, кинилэр ырыынактан буолбакка, үксэ олохтоох бородууксуйаны улуустартан ылса-бэрсэ, сөптөөх сыанаҕа атыылаһа олороллор. Онон этинэн хааччыллыы өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 26% дииллэрин сөбүлэспэппин, 50% билигин бэйэбит бородууксуйабытынан,  үүтүнэн, этинэн хааччыллан олоробут.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Культура

Короткий путь в Вечность

5 декабря в Национальном художественном музее Республики Саха (Якутия) откроется выставка…
03.12.24 13:38