Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев бу оробуочай сырыы туһунан маннык туһаайан эттэ:
– Мииринэй улууһун кыһалҕатын, дьоно-сэргэтэ билиҥҥи олоххо туох санаалааҕын-оноолооҕун, тугунан этэн-тыынарын олорорун билсиэхтээхпит. Мииринэй бүддьүөт сүнньүн хааччыйар улуустартан биирдэстэрэ буоларын быһыытынан, өрөспүүбүлүкэни аһатан олорор да диэххэ сөп. Биллэрин курдук, саамай улахан дохуоту киллэрэр хампаанньа бу улууска үлэлиир.
Бастатан туран, оройуон уонна сэлиэнньэ таһымыгар хампаанньа хайдах үлэлиирин-хамсыырын, өрөспүүбүлүкэни кытта сыһыан өттүгэр туох күчүмэҕэй баарын билэргэ дьулуһуохпут.
Иккиһинэн, Мииринэй улууһа сэлиэнньэлэр таһымнарыгар, итиэннэ оройуон да таһымыгар өрөспүүбүлүкэттэн дотация ылбат. Онон дотационнай улуус бэйэтин бүддьүөтүн хайдах тыырарын, ону толорорун көрүөхпүт-истиэхпит.
Үсүһүнэн, билигин улуус бүддьүөтүн хааччыллыыта хайдах таһымҥа сылдьарын билсиэхпит.
Төрдүһүнэн, олохтоох бэйэни салайыныы туһунан федеральнай сокуон ылыллыбытын кэннэ маннык улахан бырамыысыланнай оройуоҥҥа дьайыытын, онуоха дьон-сэргэ туох санаалааҕын истиэхпитин баҕарабыт.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0