Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -26 oC

Ахсынньы 17 күнүгэр видео-кэмпириэнсийэ киэбинэн тэриллибит Ил Түмэн XXXIII (уочарата суох) пленарнай мунньаҕын бастакы вице-спикер Александр Жирков салайан ыытта.

Ахсынньы 17 күнүгэр видео-кэмпириэнсийэ киэбинэн тэриллибит Ил Түмэн XXXIII (уочарата суох) пленарнай мунньаҕын бастакы вице-спикер Александр Жирков салайан ыытта.

 Жирков АН 1

Көрүллэр боппуруостар боччумнаахтарынан, ол иһигэр аһаҕас былаас кэлим тиһигэр аналлаах боппуруос көрүллэрин быһыытынан, пленарнай мунньахха Ил Дархан Айсен Николаев уонна СӨ Бырабыыталыстыбатын чилиэннэрэ кыттыыны ыллылар.

Бастакы былаанынан түөрт боппуруос көрүллэр диэн этэ да, бэбиэскэҕэ үс боппуруос киирбит. «Арассыыйа Федерациятын кэккэ сокуоннарыгар уларытыылары киллэрэр уонна кыылларга эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһар туһунан» федеральнай сокуоҥҥа уларытыылары киллэрэр туһунан» федеральнай сокуон барылыгар Ил Түмэн Судаарыстыбаннай Дуумаҕа  киллэрэр көҕүлээһинин, ол эбэтэр ыт туһунан боппуруос тоҕо тохтотуллубутун дьокутаат Михаил Эверстов ыйыппытыгар, Александр Жирков ити боппуруос арыый ситэтэ суоҕунан кэлэр мунньахха көрүллэрин быһаарда.

Бэриниилээх буолуу дьоһун холобура

Икки бастакы боппуруос каадыр эйгэтигэр ананна. 12-с №-дээх биир мандааттаах Өлүөхүмэтээҕи быыбардыыр уокурукка «Биир ньыгыл Арассыыйа» бэлитиичэскэй баартыйа эрэгийиэннээҕи салаатыттан норуот дьокутаата Арсентий Николаев 2021 сыл сэтинньи 10 күнүгэр олохтон туораабытынан, норуот дьокутаатын быһыытынан боломуочуйата болдьоҕун иннинэ тохтотулунна.

Хотугу төрүт олохтоох, аҕыйах ахсааннаах омуктар уонна Аартыка дьыалаларыгар кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Елена Голомарева Арсентий Прокопьевич олорон ааспыт олоҕо гражданскай иэһи төлөөһүн, бэйэ дойдутугар, норуотугар, уопсастыбаннай үлэҕэ бэриниилээх буолуу дьоһун холобура буоларын, кини көҕүлээһинэн «Табаны иитии туһунан» федеральнай сокуон оҥоһуллубутун бэлиэтээтэ. «Тээнэ» аҕа ууһун общинатын салайааччы, Саха Сирин Табаһыттарын ассоциацияларын бэрэсидьиэнэ, норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Арсентий Николаев сырдык кэриэһигэр биир идэлээхтэрэ мүнүүтэ устатыгар саҥата суох сөҥөн турдулар.

Нерюнгри эрэгийиэнинээҕи бөлөххө «Арассыыйа либеральнай-демократическай баартыйата – ЛДПР» бэлитиичэскэй баартыйаттан норуот дьокутаата Евгений Перфильев өрөспүүбүлүкэ Экологияҕа, айылҕа баайын туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар миниистирин эбээһинэһин толорооччунан анаммытынан, норуот дьокутаатын быһыытынан боломуочуйата болдьоҕун иннинэ тохтотулунна. Александр Николаевич дьокутааттар ааттарыттан Евгений Андреевич парламеҥҥа үлэтин үрдүктүк сыаналаата, киниэхэ саҥа үлэтигэр ситиһиилэри баҕарда.

Киирэр этиилэри учуоттаан өйүүбүт

Үһүс боппуруоһунан көрүллүбүт «Аһаҕас былаас кэлим тиһигэр олохтоох салайыныы сүрүн бириинсиптэрин тэрийии туһунан» федеральнай сокуон барылыгар сүрүн иһитиннэриини Ил Түмэн судаарыстыбаннай тутулга уонна олохтоох салайыныыга кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Владимир Прокопьев оҥордо.

Ыйытыы суох буолла, тыл этиитигэр биэс дьокутаат суруйтарда.

– Бу сокуон барылын дьүүллэһиигэ нэһилиэнньэ олус көхтөөтүк кытынна, – диэтэ Елена Голомарева. – Баара суоҕа ыйы кыайбат кэмҥэ бары улуустарга санаа атастаһыыта киэҥник тэрилиннэ, элбэх этии киирдэ. Ити өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо дойду саҥа сокуоннарын кыраҕытык үөрэтэллэрин, бэйэлэрин санааларын тиэрдэргэ кыһаллалларын көрдөрөр. Мин сокуон барылын биир сыаллаах өйүүбүн – сокуон ааптардарын кытары тыын суолталаах боппуруостарбытын быһаарсыыга бииргэ үлэлиир сыалтан, утардахпытына, быыбардааччыларбыт этиилэрин туруулаһар кыахпыт суох буолуоҕа диэн санааттан. Былырыын Арассыыйа Аартыкатын балаһатыгар урбаан дьыалатын сайыннарыы туһунан сокуон барылын бастаан утаран баран, парламент 12 этиини бэлэмнээбитин учуоттаан өйөөбүппүт. Инньэ гынан, саҥа сокуоҥҥа хаһаайыннааһын үгэс буолбут көрүҥнэрин судаарыстыбаттан өйүүр туһунан салаа киллэриллибитэ, Судаарыстыбаннай Дуума икки кэмитиэтигэр Галина Данчикова, Александр Жирков уонна мин тыл этэр кыахтаммыппыт, ол түмүгэр хотугу салааҕа 1,6 миллиард кэриҥэ үп көрүллэрэ ситиһиллибитэ. Уһук Илиҥҥи гектар туһунан сокуоҥҥа эмиэ итинник, өрөспүүбүлүкэ парламена сокуону көҕүлээччилэри кытары үлэлээбитин түмүгэр, билигин гектар сокуона Аартыканы хапта. Даҕатан эттэххэ, федеральнай сокуоннарга үлэлэһии түмүгэ биһиэхэ тугу биэрбитин туһунан, хомойуох иһин, анаалыстаабаппыт. Саҥа сокуон муниципальнай уокуруктары тэрийэргэ этэринэн, «национальнай муниципальнай уокурук» уонна «Аартыка зоната» диэн өйдөбүллэри киллэртэриэххэ наада.  

– Социальнай ситимнэргэ араас сурах тарҕаннар даҕаны, куттанан буолбатах, парламент киллэрэр этиилэрэ ылылларын туһугар саҥа сокуон барылын өйүүбүн, – диэтэ дьокутаат Павел Ксенофонтов. – Олохтоох салайыныы реформатын дьүүллэһиигэ үс сүрүн этии киирбитэ. Бастакыта, икки таһымнаах ситими хаалларыы – бу олоххо киирэрэ саарбах. Иккис этии, төһө кыалларынан элбэх муниципальнай уонна куораттааҕы уокуруктары тэрийии – көдьүүһэ кыра. Үһүс этии, уокуруктары билигин баар административнай единицаларынан тэрийии -- биһиэхэ табыгастаах буолуон сөп. Биир муниципальнай уокурук – биир улуус. Онон, нэһилиэктэрбитин, уопсайынан билигин баар таһыммытын сүтэрбэт туһугар оробуочай бөлөҕү тэрийэн, олохтоох салайыныы туһунан бэйэбит сокуоммутун оҥорууну саҕалыаҕыҥ.

Пленарка 1 

Дьокутаат Михаил Эверстов нэһилиэктэр, улуустар, куораттар баһылыктара, өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана быыбарынан талыллыах тустаахтарын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.

Дьокутаат Виктор Губарев сокуон барылын ырытыыга дьон көхтөөхтүк кыттыбыта, элбэх этиини киллэрбитэ быһаарыыны эрэйэр боппуруос үгүһүн көрдөрбүтүн бэлиэтээтэ. «Аһаҕас былаас» диэн тугун чопчу быһаарыы суох,  үгүс эрэгийиэн, холобур, биһиги өрөспүүбүүлүкэбит уратыта, сирэ-уота киэҥэ, хотугу улуустарга суол-иис мөлтөҕө учуоттамматах. «Көһөр түһүмэххэ поселениелар олохтоох салайыныыга уорганнарын боломуочуйата бүттэҕинэ, нэһилиэнньэ сөбүлэҥэ баар буоллаҕына, биир таһымнаах тиһиккэ киириэхтэрин сөп» дэммит, оттон арай, сөбүлэспэт түбэлтэҕэ туох буолара быһаарыллыбатах диэтэ. Ити курдук хас да суолга тохтоон санаатын эттэ.   

Кинини ситэрэн, дьокутаат Игор Григорьев сокуон барылын сиикэйинэн аахта, «Кырдьыктаах Арассыыйа – Патриоттар – Кырдьык иһин» баартыйа фракцията өйөөбөтүн эттэ.

Куоластааһын түмүгүнэн, дьокутааттар киирбит этиилэри учуоттаан туран, сокуон барылын өйүүргэ быһаардылар.

Мунньаҕы түмүктүүрүгэр Александр Жирков федеральнай таһымҥа үлэлииргэ уонна олохтоох сокуоҥҥа үлэлииргэ анаан икки оробуочай бөлөҕү тэрийэргэ эттэ.

Олох хаачыстыбатын тупсарарга ананар

Айсен Николаев, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана: 

сайтИл Дархан

– Ытыктабыллаах Александр Николаевич, норуот дьокутааттара, федеральнай сокуон барылын конструктивнайдык дьүүллэспиккит иһин махтанабын. Мин улуустар да, нэһилиэктэр да баһылыктарыттан элбэх киһини кытары көрсөн кэпсэттим, бары сокуону сүрүннээн өйүүллэрин биллэрэллэр уонна кэккэ этиилэри оҥордулар. Онтон үксэ эрэгийиэҥҥэ бэйэбит быһаарар боппуруостарбытыгар сыһыаннаах. Административнай-территориальнай тутул уларыйыа суоҕа, баһылыктары талыыны, уокуруктары тэрийиини ким даҕаны туораттан кэлэн дьаһайыа суоҕа, миэстэҕэ олохтоох былаас баар буолуоҕа.

Бу сокуон сүрүн идиэйэтэ олохтоох салайыныы тиһигин биир таһымҥа  киллэрии буолар. Икки таһымнаах былаас боломуочуйатыгар өйдөммөт элбэх, улуус нэһилиэккэ көлбөрүйэрин, нэһилиэк улууска найылыырын түмүгэр, боростуой дьон оҕустарара баар суол. Дьоҥҥо былаас хас таһымнааҕа наадата суох, былаас баар – ол дьаһайыахтаах. Онон саҥа сокуон олох хаачыстыбатын тупсарар туһугар бары кыаҕы толору туһанан үлэлииргэ этэр. Сокуон барыла өссө даҕаны дьүүллэһиллиэҕэ, билигин биһиги Судаарыстыбаннай Дуума мунньаҕын иккис ааҕыытыгар этиилэрбит ылыналларын туһугар көхтөөхтүк үлэлиэхтээхпит.

Раиса СИБИРЯКОВА

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Культура

Короткий путь в Вечность

5 декабря в Национальном художественном музее Республики Саха (Якутия) откроется выставка…
03.12.24 13:38