Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -20 oC

 «Законодательное регулирование газификации населенных пунктов Республики Саха (Якутия)» диэн бырабыыталыстыба чааһын Ил Түмэн экэнэмиичэскэй, инвестиционнай уонна бырамыысыланнай бэлиитикэҕэ сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Павел Петров салайан ыытта.

 «Законодательное регулирование газификации населенных пунктов Республики Саха (Якутия)» диэн бырабыыталыстыба чааһын Ил Түмэн экэнэмиичэскэй, инвестиционнай уонна бырамыысыланнай бэлиитикэҕэ сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Павел Петров салайан ыытта.

Быраабыыталыстыба чааһыгар дьокутааттар Павел Ксенофонтов, Андрей Находкин, Виктор Федоров, Владимир Прокопьев, Михаил Гуляев, Алена Атласова, Антонина Григорьева, Евгений Перфильев, Яков Ефимов, Иван Данилов, итиэннэ тустаах хайысхаҕа сыһыаннаах министиэристибэлэр, биэдэмистибэлэр кыттыыны ыллылар.

Сүрүн дакылааттары СӨ Бырамыысыланнаска уонна геологияҕа миниистирэ Максим Терещенко, СӨ Экэниэмикэҕэ миниистирин бастакы солбуйааччы Данил Саввинов оҥордулар. Дакылаатчыттар эппиттэринэн, өрөспүүбүлүкэҕэ 7,4 тыһ. км усталаах гаас тиһигэ итиинэн хааччыйар эбит. Ити иһигэр 3,2 тыһ. килэмиэтирэ --  магистральнай газопровод. Оттон 4,2 тыһ. км -- бөһүөлэктэр икки ардыларынааҕы, нэһилиэк иһинээҕи ситимнэр. Айылҕа гааһынан 103 нэһилиэнньэлээх пуун уонна 4 бырамыысыланнай эбийиэк (Үөһээ Бүлүүгэ, Бүлүүгэ, Горнайга, Кэбээйигэ, Намҥа, Хаҥаласка, Мэҥэ Хаҥаласка, Чурапчыга, Миирнэйгэ, Ленскэйгэ) уонна Дьокуускай уонна кини тулатынааҕы бөһүөлэктэргэ туһаналлар эбит.

2020-2024 сылларга нэһилиэктэри гаастааһын «Газификация населенных пунктов и обеспечение надежности газового хозяйства» бырагыраама чэрчитинэн ыытыллыахтаах. Ол курдук, чугастааҕы кэмҥэ Чурапчы Үрүҥ Күөлүгэр, Чакырыгар, Мэҥэ Хаҥалас Өлөчөйүгэр, Хорообутугар, Бүлүү Дьөккөнүгэр, Өлүөхүмэ куоратыгар, Ленскэй Бэчинчэтигэр, Батамайыгар, Ньүүйэтигэр, Чульмаҥҥа, Иенграҕа, Алдан Томмотугар, Аллараа Кураанаҕар киириэхтээх, ону таһынан ситимнэри өрөмүөннээһин, саҥардыы үлэтэ барыахтаах. Маныаха барыта 5 807 мөл. солк. көрүллүбүт. Итинтэн 116 мөл. солк. өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн, 5 691 мөл. солк. бүддьүөтү таһынан үптэн.

--2020 сыл балаҕан ыйын 21 күнүгэр «Газпром» салалтатын кытта 2021-2025 сылларга гааһынан хааччыйыыга бырагыраама ылыммыппыт. Онон эбии 21 нэһилиэнньэлээх пуун гааска холбонуоҕа. Онно Өлүөхүмэ, Ленскэй, Нерюнгри, Алдан улуустарын кэккэ  нэһилиэктэрэ хапсаллар. Балар «Сибиир күүһэ» магистральтан чугас олороллор. “Газпром” 9 млрд. солк. көрүөх буолбута. Онно өрөспүүбүлүкэ 4,5 млрд. солк. эбиэҕэ, -- диэн сырдатта Данил Саввинов.

СӨ Бырамыысыланнаска уонна геологияҕа министиэристибэтэ гаас киин ититэр ситимигэр холбонуу ороскуотун 75 % толуйар бырагырааманы бэлэмнээбит.  

Дьокутааттар  Владимир Прокопьев, Андрей Находкин, Антонина Григорьева, Алена Атласова, Евгений Перфильев, Иван Данилов гаас ситимин генеральнай схематын, «Сибиир күүһэ» бырайыак, ЯТЭК инвестиционнай бырагырааматын, нэһилиэнньэлэри гаастааһын болдьоҕун, элбэх оҕолоох ыалларга бэриллибит учаастактарга гаас ситимин тардыы туһунан ыйыттылар.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (4)

This comment was minimized by the moderator on the site

Өлөчөйгө газ киирбэт дуо?

This comment was minimized by the moderator on the site

Хорообут ситимцэ киирбэккэ газтамматага олус хомолтолоох. Бу сырыыга 2021 сылга киирэрэ буоллар. Тыа кэрдиллэн бутэн эрэр.

This comment was minimized by the moderator on the site

Учугэй быьаары буолан эрэр эбит. Хорообукка киирдэ5инэ Сыымах да бу турда5а дии

This comment was minimized by the moderator on the site

Чурапчы Хатылытыгар хаьан киирэр?

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением