Бырабыыталыстыба чааһын Ил Түмэн экэниэмикэҕэ, инвестицияҕа уонна бырамыысыланнай бэлиитикэҕэ сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Павел Петров салайан ыытта.
Сүрүн дакылааты СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Кирилл Бычков оҥордо. Кини дакылаатын миниистирдэр эбии ситэрэн биэрдилэр.
Алта баараҕай бырайыак
РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин муус устар 21 күнүгэр Федеральнай Мунньахха туһаайан оҥорбут Анал этиитигэр эрэгийиэннэри сайыннарыы үлэтэ тэтимириэхтээҕин бэлиэтээбитэ уонна кэккэ соруктары туруорбута. РФ субъектарыгар бу соруктарынан үлэлэри сүрүннүүр докумуоннар, ону олоххо киллэрэр былааннар оҥоһулуннулар.
«Өрөспүүбүлүкэ социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар туһуламмыт үгүс үлэлэр күүтүллэллэр. Владимир Путин Анал этиитин соруктарынан өрөспүүбүлүкэбитигэр олоххо киириэхтээх алта бөдөҥ бырайыактары бэлэмнээтибит. Бу бырайыактарга көмө быһыытынан үбүлээһиҥҥэ уопсайа 28 млрд солк. ирдэнэр», -- диэн Кирилл Бычков иһитиннэриитин саҕалаата.
Ханнык бырайыактар?
Кэлиҥҥи сылларга Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбата федеральнай киини кытта олоххо киллэрээри үлэлэспит бырайыага – Өлүөнэ өрүс муостата;Олорор дьиэ бырайыага: Дьокуускай куоракка «Звезднай» (ДСК оройуонугар урукку байыаннай чаас сиригэр), Нерюнгри куоракка «Р» кыбаарталлар;Дьокуускай куоракка дааннайдары харайар киин;Нерюнгри куорат уутун уонна канализациятын ситимин өрөмүөннээһин;Аартыка түөлбэтин улуустарын аһынан-үөлүнэн, табаарынан хааччыйар киин;Мэдиссиинэ национальнай киинин хапытаалынайдык өрөмүөннээһин.
«РФ Бырабыыталыстыбатыгар эрэгийиэннэри үбүлээһин саҥа мэхэньиисимэ оҥоһуллар. Субъектарга уопсайа кирэдьиит быһыытынан биэрэргэ төһө үбү анаабыттарын туһунан бэлиэтиир буоллахха, бүддьүөт инфраструктурнай кирэдьиитигэр 500 млрд солкуобайы, инфраструктурнай облигация быһыытынан 500 млрд солкуобайы, ОДьКХ салаатынан бырайыактарга РФ национальнай уйгутун пуондатыттан (НФБ) 500 млрд солкуобайы болдьохтоох кирэдьиит быһыытынан биэриэхтэрин сөп», -- диэн СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта иһитиннэрдэ.
Маны таһынан атын судаарыстыба өйүүр олоххо киириэхтээх бырагыраамалар туһунан кэпсээтэ.
«Уһук Илин социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын бырагырааматынан 2024 сылга уонна барыллаан 2035 сылга диэри инвестицияланар бөдөҥ бырайыактары олоххо киллэриэхтээхпит. Ол – үөһэ этиллибит Өлүөнэ өрүс муостата, ГРЭС-2, аэропорт 10 тутуута, Тиксии бөһүөлэгэр муора пуорда, Жатайга судоверфь уонна да атыттар», -- диэн кини иһитиннэрдэ.
Үөрэх миэстэтин элбэтэр соруктаах эмиэ улахан бырагыраама үлэлиэхтээх. РФ Үөрэҕириитин министиэристибэтин бырайыагын эрэгийиэннэргэ киллэрэр сыалтан федеральнай бүддьүөттэн өйөбүл көрүллэрэ былааннанар. Бу бырайыагынан Дьокуускай куоракка уонна куорат таһынааҕы бөһүөлэктэргэ уопсайа 12,5 тыһыынча миэстэлээх 10 оскуола тутуллуохтаах.
«Бастакы 3 эбийиэк хамыыһыйанан бигэргэнэн, киинтэн үбүлэнэр эбийиэктэр испииһэктэригэр ккиирбитэ», -- диэн Кирилл Бычков бэлиэтээтэ.
Ол курдук бастакы вице-премьер Уһук Илин социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын бырагырааматын чэрчитинэн киирэр бырайыактар өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр ноҕуруусканы чэпчэтэрин ыйда. Бу бырагырааманан үбүлээһини хапытаалынай грант быһыытынан көрөллөр. «Хапытаалынай гранынан эбии үбүлээһини докумуона толору оҥоһуллубут бырайыактарбытыгар көрдүөхпүтүн наада. Судаарыстыбаннай-чааһынай үлэлэһии сөбүлэҥэ түһэрсиллибит бырайыактарга. Холобур, онно Евразия норуоттарын эпостарын норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ ( Эпос киинэ), Көхтөөхтүк уһуннук олоруу киинэ, «Суперкампус» орто анал үөрэх тэрилтэлэрин түмэр кластер уонна доруобуйа харыстабылын 5 эбийиэгэ киирсэллэр», -- диэн быһаарда.
Кирилл Бычков РФ Бэрэсидьиэнин анал этиитигэр эрэгийиэннэр инфраструктураларын сайыннарыыга сыһыаннаан бэлиэтээбит соруктарын өрөспүүбүлүкэбитигэр олоххо киллэрэргэ федеральнай инфраструктурнай кирэдьиит сүрүн көмөнөн буоларын ыйда. Кини кирэдьиит 3%-наах чэпчэтиилээх ыстаапкалааҕын уонна 15 сылга ылылларын туһунан эттэ. «Биллэн турар, бу төннөрүллэр кирэдьиит. Ыстаапката кыра буолан, өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр киирэр нолуок дохуотунан сорох чааһын сабыахпытын сөп. Эрэгийиэн бүддьүөтүгэр наһаа улахан ноҕурууска буолуо суоҕар эрэнэбит», -- диэн быһаарда.
Төһө үп ирдэнэрий?
Өрөспүүбүлүкэ инфраструктуратын сайыннарыыга туһаайыллыбыт бырайыактарга төһө үп ирдэнэрин туһунан СӨ Экэниэмикэҕэ миниистирэ Майя Данилова иһитиннэрдэ: “Кирилл Евгеньевич бэлиэтээбитин курдук, бырайыактар олоххо киирэллэригэр РФ Үбүн министиэристибэтиттэн бүддьүөт инфраструктурнай кирэдьиитин быһыытынан уопсайа 28 млрд солкуобайга сайаапка түһэрдибит”, -- диэтэ уонна хас биирдии бырайыакка ирдэнэр үп кээмэйин билиһиннэрдэ.
Биир сүрүн бырайыагынан Өлүөнэ өрүһү туоруур муостаны тутуу буолар. Бу бырайыак сыаната 68,5 млрд солкуобай. 2020-2021 сылларга бырайыактааһын үлэтэ ыытыллар. Былааҥҥа киирбитинэн, 2021 сылтан саҕалаан тутуллан, 2024 сылга олоххо киириэхтээх. Владимир Путин Анал этиитин соруктарынан өрөспүүбүлүкэ бырайыактарын үбүлээһин чэрчитинэн «Өлүөнэ муостата» бырайыакка 12,9 млрд солкуобайга сайаапка түһэрбиттэр.
Дьокуускай куоракка «Звездный», Нерюнгрига «Р» кыбаарталлары, Жатай бөһүөлэгэр судоверфь үлэһиттэригэр уопсай дьиэни уонна элбэх кыбартыыралаах дьиэлэри тутууга уопсайа 35 млрд солкуобай ирдэнэриттэн 7,6 млрд солкуобайы эбии үбүлээһин быһыытынан көрдөөбүттэр.
Дьокуускай куоракка дааннайдары харайар киин бырайыак сыаната 1,98 млрд солкуобай, бу сууманы эбии үбүлээһин быһыытынан көрдүүллэр.
Нерюнгри куоратын уутун уонна канализациятын тиһигин өрөмүөнүгэр 700 мөл. солк. ирдэнэр. Эбии үбүлээһиҥҥэ эмиэ бачча сууманы көрдүүр туһунан докумуоҥҥа киллэрбиттэр.
Өрөспүүбүлүкэ Аартыка эҥээр улуустарын бородууктанан, табаарынан хааччыйар киинин тэрийиигэ 1 млрд солкуобай ирдэнэриттэн, 900 мөл. солк. эбии үбүлээһин быһыытынан ыйбыттар.
Мэдиссиинэ национальнай киинин 4,4 млрд солкуобай суумаҕа хапытаалынай өрөмүөннүүр былааҥҥа киирбит. Бачча сууманы кирэдьиит быһыытынан көрдүүргэ былааннаабыттар.
Майя Данилова эбии үбүлээһин быһыытынан көрдөөбүт үптэрин бигэргэттэхтэринэ, 15 сыл устата чэпчэтиилээх ыстаапкалаах 3% кирэдьиит сорох чааһын бырамыысыланнай хампаанньалар дохуоттарыттан, НДФЛ нолуоктарынан уонна атынтан киирэр дохуоттарынан сабыахха сөбүн туһунан иһитиннэрдэ. Холобур, ааҕан-суоттаан көрбүттэринэн, Өлүөнү өрүс муостатын бырайыагар эбии үбүлээһин быһыытынан 12,9 млрд солкуобайы бастакы сылларга нолуоктартан киирэр дохуоттан 3 млрд солкуобайынан сабыахха сөп.
Олорор усулуобуйаны тупсарар соруктаах
СӨ тутуутун миниистирэ Павел Кылатчанов олорор усулуобуйаны тупсарар бырайыактары билиһиннэрдэ.
Дьокуускай куоракка «Звездный» кыбаарталга уопсайа 260 тыһыынча кв. м. иэннээх элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр, оскуола, оҕо саада тутуллара былааннанар. Кыбаарталы тутуу үс түһүмэҕинэн ыытылларын туһунан иһитиннэрдэ. Бастакы түһүмэҕинэн 26 тыһыынча кв.м. иэннээх элбэх кыбартыыралаах үс дьиэ үлэҕэ киириэхтээх.
Нерюнгри куоратыгар тутуллуохтаах «Колмар» бырамыысыланнай хампаанньа үлэһиттэригэр анаммыт «Р» диэн саҥа кыбаарталга 31 элбэх кыбартыыралаах дьиэ, поликлиника, оҕо саада тутуллуохтаах. Билигин кыбаартал инфраструктуратын тэрийээһинигэр үлэ ыытыллар.
Жатайга судоверфь үлэһиттэригэр уопсай уонна элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр тутуллуохтаахтар.
СӨ ОДьКХ уонна энэргиэтикэтин миниистирин солбуйааччыта Дмитрий Шувалов Нерюнгри куорат уутун уонна канализациятын тиһигин өрөмүөннээһин икки түһүмэҕинэн оҥоһулларын бэлиэтээтэ.
Өрөспүүбүлүкэ инфраструктуратын сайыннарыы үлэтинэн дизельнэй ыстаансыйалары киллэрии үлэтэ тэтимнээхтик ыытылларын кэпсээтэ. Уопсайа 143 дизельнэй ыстаансыйа, 21 күнтэн эниэргийэ ылар эбийиэк, 1 тыалынан үлэлиир электрическэй ыстаансыйа баар. «РусГидро» ПАУо кытары түһэрсиллибит сөбүлэһиинэн өрөспүүбүлүкэҕэ 6 пилотнай бырайыактар олоххо киирэллэр. Муома улууһугар түөрт, Үөһээ Дьааҥыга икки аныгы ирдэбиллэргэ эппиэттиир дизельнэй ыстаансыйалар үлэлиэхтээхтэр.
СӨ Тырааныспарын уонна суолун хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы Ольга Рафаилова Өлүөнэ өрүс муостатын тутуу хаамыытын туһунан кэпсээтэ.
«Муоста тутуутун туһунан кэпсэтии 2015 сылтан саҕаламмыта. Өрөспүүбүлүкэ экэнэмиичэскэй сайдыытын соруктарыгар киирбитэ. Бырайыак барыла сыанабыл ааһан, РФ көдьүүстээх бырайыактарыгар киирсибитэ. РФ Бэрэсидьиэнэ 2019 сыллаахха Өлүөнэ муостатын бырайыагын өйөөбүтэ. РФ Бырабыыталыстыбатын иһинэн научнай чинчийэр киин оҥорбут экспертизатынан, Өлүөнэ муостатын тутуутугар ороскуоттаммыт үп 2043 сылга диэри толору толуйуллар. Санатар буоллаха, бырайыагынан муостанан туорааһын төлөбүрдээх буолар. Муоста сууккаҕа 6 тыһыынча тырааныспары аһардар кыахтаах буолар. РФ Бырабыыталыстыбатыгар былырыын ахсынньы ыйыгар Өлүөнэ муостатын бырайыагын өйөөбүттэрэ уонна биир бастакынан олоххо киириэхтээх бырайыактар испииһэктэригэр киллэрбиттэрэ», -- диэн Ольга Рафаилова билиһиннэрдэ.
Ыйытыылар
Ситэриилээх былаас бэрэстэбиитэллэрэ бэбиэскэҕэ баар боппуруостарынан иһитиннэриини оҥорон бүппүттэрин кэннэ, норуот дьокутааттара ыйытыылары биэрдилэр.
Дьокутаат Евгений Кожухов: «Владимир Путин Анал этиитин соруктарынан өрөспүүбүлүкэбитигэр олоххо киириэхтээх алта бөдөҥ бырайыакка экологияны харыстыырга анаммыт бырайыактар, чуолаан кытаанах бөҕү харайыы үлэтэ, тоҕо киирбэтэ?» -- диэн ыйытыытыгар, Кирилл Бычков: «Бөҕү харайыы салаатын үбүлээһинин кыһалҕата кыччаабат. Биһиги өрөспүүбүлүкэттэн үбүлээһиҥҥэ баалбыт кыра буолан хапсыбатыбыт. Ол эрээри, бу салааны сайыннарыы сүнньүнэн үлэ ыытыллыаҕа», -- диэн эппиэттээтэ.
Дьокутаат Иван Данилов хаарбах уонна саахалланар туруктаах дьиэттэн көһөрүү бырагырааматын туһунан ыйытта. Урукку байыаннай чаас сиригэр улахан далааһыннаах бырайыак былааннаммыт. Бу кыбаарталга хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагырааматыгар хапсар дьоннор көһүрүллүөхтэрэ дуо? Холобур, 17 кыбаарталтан?” .
Ити микрооройуон бастатан туран дьон олорор усулуобуйатын уонна олорор дьиэ дэписсиитин кыһалҕатын туоратар соруктаах тутулларын туһунан Кирилл Бычков быһаарда: «Биллэн турар, хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагырааматынан дьон бу кыбаарталга олохсуйуо. Билиҥҥитэ төһө кыбартыыралар онно ананаллара биллибэт», -- диэн эттэ.
Ил Түмэн дьиэ кэргэн уонна оҕо аймах дьыалаларыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Алена Атласова Мэдиссиинэ национальнай киинэ үлэҕэ киириэҕиттэн, 30-ча сыл устата, өрөмүөннэммэтэҕин, лиибэ, вентиляцията олох мөлтөх туруктааҕын ыйан туран, өрөмүөнү бырайыактыыр симиэтэ докумуонун ким оҥорорун туоһуласта. Кирилл Бычков бырайыактыыр симиэтэ докумуона оҥоһулла илигин бэлиэтээтэ. «Барыллаан төһө үп ирдэнэрин суоттаабыппыт. Алена Николаевна, киин дьиэтин өрөмүөнүгэр эн бэлиэтээбит итэҕэстэргин туоратарга үлэ ыытыллыа диэн эрэнэбит. Былааннаммыт үп көрүлүннэҕинэ, хапытаалынайдык өрөмүөннээһин мэктиэлэнэр. Киини туппут Австрия тутуу хампаанньатын кытары сүбэлэспиппит», -- диэтэ кини.
Алена Атласова Уһук Илин социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын бырагырааматынан киириэхтээх 10 оскуола чуолкай ханна тутулларын ыйытта.
Тутуу миниистирэ Павел Кылатчанов иһитиннэрбитинэн, бастакы түһүмэҕинэн ДСК кыбаарталыгар 990 миэстэлээх, Хатас, Жатай бөһүөлэктэригэр, Дьокуускай куорат Чайковскай, Билибин ааттарынан уулуссаларыгар оскуолалар уонна Дьокуускай куорат 4-с №-дээх оскуолатыгар эбии тутуу былааннанар. «Иккис түһүмэҕинэн Дьокуускай куорат 26-с №-дээх, 29-с №-дээх оскуолаларыгар эбии тутуулары киллэриэхпит, Марха микрооройуонугар кадетскай оскуола саҥа дьиэтэ тутуллуоҕа. Оттон үһүс түһүмэҕинэн Дьокуускай таһынааҕы Табаҕа, Тулагы бөһүөлэктэригэр, Көтөр фабрикатын кыбаарталыгар, Сэргэлээх шоссетыгар, Новопортовской, Кальвица уулуссаларга оскуолалар тутуллуохтара. Оттон доруобуйа харыстабылын эбийиэктэрин туһунан этэр буоллахха, Дьокуускайга 1-кы №-дээх поликлиника, Гериатрия киинэ, Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2-с №-дээх балыыһа, наркологическай диспансер, Абалаахха санаторий дьиэлэрэ тутуллуохтара.
Дьокутаат Евгений Перфильев Нерюнгрига тутуллуохтаах «Р» кыбаартал дьиэлэрэ «Колмар» бырамыысыланнай хампаанньа үлэһиттэригэр эрэ ананарын эбэтэр социальнай хайысхалаах эбийиэктэр баар буолуохтарын туһунан ыйытта. Ону таһынан Нерюнгри оройуонун Иенгра, Чульман бөһүөлэктэригэр хаһан гаас тиһигэ тиийиэҕин ыйытта.
Кирилл Бычков быһаарбытынан, Нерюнгрига тутуллуохтаах кыбаартал бырамыысыланнай хампаанньалар үлэһиттэрин олорор усулуобуйаларын тупсарар эрэ аналлаах буолбатах. «Кыбаартал куорат инфраструктуратын сайыннарар сыаллаах. Ким баҕарар ипотеканан бу кыбаарталга кыбартыыра ылыан сөп. Хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагырааматынан дьиэ ылыахтарын эмиэ сөп. Маны таһынан социальнай эбийиэктэр тутуллуохтара», -- диэн эппиэттээтэ.
Иенгра уонна Чульман бөһүөлэктэрин гаастааһын үлэтин бырагыраамата бигэргэнэн, соторунан гаас ситимэ онно тиийиэҕэ диэн эрэннэрдилэр.
Ил Түмэн тутууга, олох-дьаһах хомунаалынай хаһаайыстыбатыгар уонна энэргиэтикэҕэ сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Яков Ефимов инфраструктурнай кирэдьиит болдьоҕун чуолкайдаата. Маныаха Кирилл Бычков: «От ыйын 1 күнүгэр диэри эрэгийиэннэртэн киирбит бырайыактары үөрэтэллэр. От ыйын 1 күнүн кэнниттэн ханнык бырайыагы үбүлүүллэрэ биллиэҕэ, биһиги быйыл үбү көрүөхтэрэ диэн эрэнэбит», -- диэн эппиэттээтэ.
Үөрэххэ, култуураҕа, иһитиннэриилэри киэҥник тарҕатар сириэстибэлэргэ уонна уопсастыбаннай тэрилтэлэр дьыалаларыгар сис кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Феодосия Габышева тыа нэһилиэктэригэр оскуола, оҕо саадын дьиэлэрин тутуу умнууга хаалларбат наадатын ыйда. «Өскөтүн федеральнай бүддьүөттэн бырайыактарга үп көрдөхтөрүнэ, өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн былааннаммыт үптэр “босхолонуохтарын” сөп. Бу үбү ыраах нэһилиэктэргэ оскуолалары, уһуйааннары тутууга ыытыахха», -- диэн санаатын эттэ.
***
Ис хоһоонноох киэҥ кэпсэтии тахсыбытыгар махтанан туран, Ил Түмэн экэниэмикэҕэ, инвестицияҕа уонна бырамыысыланнай бэлиитикэҕэ сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Павел Петров Бырабыыталыстыба чааһын түмүктээтэ.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0