Бастыҥнар – Бүтүн Сойууска
Нарком Степан Аржаков бэрэссэдээтэллээх хамыыһыйа быыстапка түмүгүнэн бастыҥтан бастыҥ көрдөрүүлээх холкуостары, үлэһиттэри сүүмэрдээн, Москубаҕа 1937 с. ыытыллыахтаах Бүтүн Сойуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын быыстапкатыгар ыытарга хандьыдааттарынан мэктиэлээбит. Испииһэктэрэ өрөспүүбүлүкэтээҕи хаһыаттарга бэчээттэммит. Онно көрдөххө, Арҕаа Хаҥалас оройуонуттан сир салаатын сэбиэдиссэйэ А. Борисов, оройуон ыстаарсай агронома Д. Киприянов уонна Кальвица аатынан холкуос биригэдьиирэ, биир гектартан 19,9 сэнтиниэр үүнүүнү ылбыт С. Федорова, Мэҥэ Хаҥаластан оҕуруоччут М. Егоров уо.д.а. бааллар эбит.
Быыстапка күннэрэ Бүтүн Саха Сиринээҕи сэбиэттэр тохсус сийиэстэрин кытары алтыспыта, онон быыстапка кыттыылаахтара сийиэскэ кыттыбыттара, чулууттан чулуулар президиумҥа олорбуттара.
Ити курдук, Бүтүн Саха сиринээҕи тыа хаһаайыстыбатын бастакы быыстапката бэрт тэрээһиннээхтик, өрө күүрүүлээхтик ыытыллыбыта, таһаарыылаах үлэ дьоно чиэскэ-бочуокка сылдьыбыттара. Даҕатан эттэххэ, билигин сыллата ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи «Ас-үөл» быыстапка-дьаарбаҥкалар үкчү итинник киэбинэн тэриллэллэр, улуустартан бастыҥнар талыллан кэлэллэр, чулуулар сүүмэрдэнэн Москубатааҕы быыстапкаҕа кытталлар. (Быйылгы быыстапка-дьаарбаҥка Степан Аржаков төрөөбүтэ 125 сылыгар анаммыта).
Ипподрому тутуу
Быыстапка кэмигэр ат сүүрдүүтэ итиэннэ таһаҕасчыт аттары күрэхтэһиннэрии ыытыллыбыт. Онно анаан наркомат саҥа ипподрому оҥорторбут. Устуоруйаттан быктаран кэпсээтэххэ, Дьокуускайга 1870-1890 сс. ат сүүрдүүтэ Сэргэлээхтиир суолга, Спасскай манастыыр сайылыгын таһынан, уобалас бэтэринээрэ Вольдемар Гольман тэрийиитинэн, кини даачатын аттынааҕы ырааһыйаҕа (Гольминкаҕа) ыытыллар эбит. Онуоха уксуу аһары баһархайдык барарын иһин, губернатор Крафт хаартылааһын кэриэтэ сүүйсүүлээх оонньуу быһыытынан көрөн, ат сүүрдүүтүн бобо сылдьыбыт. Өрөбөлүүссүйэ кэнниттэн, 1920-с сыллар иккис аҥаардарыгар ат сүүрдүүтэ сөргүтүллүбүт. Өрөспүүбүлүкэ таһымынан аан бастаан 1932 с., Саха АССР 10 сылын бэлиэтээһин чэрчитинэн, Сири оҥоруу наркоматын көҕүлээһинэн уонна өйөбүлүнэн, Күөх хонууга тэриллибит.
1935 сыл кыһыныгар наркомат сылгы салаатыгар управлениетын мунньаҕар ат сүүрдүүтүн сайыннарарга, ипподрому саҥа ирдэбилинэн тутарга быһаарыллыбыт, анал хамыыһыйа тэриллибит. Саҥа ипподрому ханна тутар туһунан мөккүөр үөскээбитигэр, үс этии киирбититтэн, табыгастааҕынан Гольминка талыллыбыт. Онно ат собуотун көньүүһүнэтэ баар эбит. Нарком Степан Аржаков ат сүүрдүүтүн быраабылатын, ипподром эскииһин, көньүүһүнэлээх, сүүрэр уһун суоллаах, көрөөччүлэргэ анаан тырыбыналаах бырайыагы бигэргэппит. Ону кэрэһилиир докумуон Национальнай архыыпка (Ф.р. 55, оп. 11 а, д 5) хараллан сытар.
Ити сыл ат сүүрдүүтэ икки төгүл, саас уонна күһүн, ыытыллыбыт. Хайа күн үп-харчы кырыымчык буолан, наркомат Совнаркомҥа тылын ылыннаран, тотализатор хаассатын туруортаран, уксууттан киирбит харчы 20 %-а ипподрому оҥорууга туттуллубут. (Тотализатор хайдах үлэлиирин туһунан быһаарар ыстатыйа «Социалистическая Якутия», «Кыым» хаһыаттар 1935 с. кулун тутар 17, 18 күнүнээҕи нүөмэрдэригэр тахсыбыт).
Ипподром тутуута 1936 сыл от ыйыгар түмүктэнэн, Бүтүн Саха сиринээҕи тыа хаһаайыстыбатын быыстапкатын көрсө үлэҕэ киллэриллибит. Бу ипподром күн бүгүн АГАТУ иһинэн үлэлии-хамсыы турар. Онон ипподрому тэрийбит уонна ат сүүрдүүтүн быраабылатын бастакынан оҥорбут киһинэн Степан Аржаков буолар диэн Национальнай архыып үлэһитэ Э.М. Яковлев «Роль С.М. Аржакова в становлении и развитии государственности Якутии» диэн 2014 с. тахсыбыт кинигэҕэ суруйбут.
Дьөһөгөй оҕото – сүрүн күүс
Ат сүүрдүүтүн уонна таһаҕасчыт аттары күрэхтэһиннэриини судаарыстыба таһымыгар таһаарыы суолтата улахан этэ. Ону быһааран, 1935 с. кулун тутар 18 күнүгэр «Кыым» хаһыат маннык суруйбут: «Сылгыны үөскэтиини күүһүрдэр, сылгы идэтин таһаарар, манна маасса көҕүн үрдэтэр баҕаттан аттар күрэхтэһиилэрэ тэрилиннэ».
Сэбиэскэй былаас тыа хаһаайыстыбатыгар ураты болҕомтотун уурара. Чуолаан, дойду оборуонатын, ис-тас дьыалатын бөҕөргөтөргө сылгы сүҥкэн суолтаны ыларын бэлиэтиирэ. Ол иһин, БСК(б)П Киин Кэмитиэтэ уонна ССРС Совнаркома 1932 сыл ыам ыйын 27 күнүгэр сылгы иитиитин сайыннарар туһунан уурааҕы, Совнарком 1934 сыл ахсынньы 4 күнүгэр сылгы ахсаанын чопчулуур, сылгыны атыылааһыны-атыылаһыыны хонтуруоллуур, хас биирдии сылгыга пааспар оҥорор туһунан дьаһалы таһаарбыттара.
Бу дьаһаллар сүнньүлэринэн үлэ Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Сири оҥоруу наркоматын сүрүннээһининэн ыытыллыбыта. Хас оройуон, холкуос ахсын, ол иһигэр Дьокуускайга, анал пууннар тэриллэн, бас билии көрүҥүттэн, сааһыттан уонна аналыттан тутулуга суох сылгы барыта учуокка ылыллыбыта, пааспар толоруллубута. Оччолорго тиэхиньикэ аҕыйах буолан, сылгы барахсан көлүллэр көлө, мииниллэр миҥэ быһыытынан киэҥник туһаныллара. Хас биирдии тэрилтэ мууһун-маһын, араас таһаҕаһын тиэйэр-таһар аттардааҕа.
Холкуостарга сылгыны көрүүнү-истиини тупсаран, төрүөҕү энчирэппэккэ ылыыга, улахан сылгыны чөл тутууга, үлэҕэ-хамнаска көлүйүллэр, мииниллэр аттары кичэйэн көрөргө-истэргэ ирдэбиллэр туруоруллубуттара, күрэхтэһиилэр тэриллибиттэрэ. Боруода атыырдары аҕалан, саха сылгытын тупсарыы үлэтэ саҕаламмыта.
Илии үлэтин чэпчэтэр, үлэ оҥорумтуотун үрдэтэр туһуттан, наркомат соҕурууттан акка холбонор оту охсор, мунньар, сири таҥастыыр, бурдугу быһар тэриллэри аҕалан, холкуостары хааччыйбыта. Степан Аржаков 1938 с. кулун тутар 1 күнүгэр ыытыллыбыт ударниктар уонна ыстахаанабыстар төрдүс өрөспүүбүлүкэтээҕи сүбэ мунньахтарыгар оҥорбут дакылаатыгар көстөрүнэн, МТС-тарга 324 тыраахтар, 30 хамбаайын, холкуостарга 3 022 көлө охсоро, 2883 мунньара уонна 254 малатыылка баар эбит.
Ити сылларга Алдаҥҥа, Ааллаах Үүҥҥэ кыһыл көмүһү, Дьааҥыга хорҕолдьуну хостуур бириискэлэр аһыллан үлэлээбиттэрэ. Олорго анаан уу суолунан кэлбит аһы-үөлү, туттар тэрили тиэрдии холкуостарга сүктэриллибитэ. Түһэриллэр сыыппаранан таһаҕасчыттары, сыарҕалаах аттары тэрийэн ыытыы, таһаҕаһы тиэрдии былааннара толоруллара ирдэнэрэ.
Дьэ инньэ гынан, холкуостарга хас биирдии сылгы, ат кытаанах хонтуруолга тутуллара. Бу үлэҕэ оскуола үөрэнээччилэрэ көмөҕө тардыллыбыттарын Степан Аржаков пионерскай тэрилтэ салайаачыта Титовалыын пионердарга анаабыт суруктара көрдөрөр («Социалистическя Якутия» хаһыат, 1935 с., муус устар 3 күнэ). Кинилэр пионердары бааһынаны уоҕурдарга анаан оһох күлүн хомуйарга, хаары типтэриигэ көмөлөһөргө, кэрбээччилэри (кутуйахтары, моҕотойдору...) бултаһарга ыҥырбыттар. Сурук иккис пууна акка харыстабыллаах сыһыаҥҥа уонна өйдөтөр-сырдатар үлэни ыытыыга анаммыт.
Степан Аржаков наркомнуур сылларыгар Дьөһөгөй оҕотугар кытаанах хонтуруол, ураты кыһамньы ууруллубутун түмүгэр, өрөспүүбүлүкэҕэ сылгы ахсаана 1940 сыллаахха 194 тыһыынчаҕа тиийбитэ. Онтон салгыы сэрии, сут-кураан сыллар тэбиилэригэр сылгы ахсаана лаппа аҕыйаабыта. (1941-1945 сс. Саха Сирин холкуостарыттан, ол иһигэр ыраах Дьааҥыттан тиийэ хомуллан, фронт туһатыгар 45 тыһыынча сылгы, 1946-1953 сс. сэрииттэн эмсэҕэлээбит арҕааҥҥы уобаластарга 27 тыһыынча сылгы илдьиллибитэ). 1940 сыллаах кирбии 1980-с сылларга эрэ ситиһиллибитэ.
(Салгыыта бэчээттэниэ)
Хаартыскалар Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтин архыыбыттан ылылыннылар.
- 6
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0