Бу “бырабыыталыстыбаннай чаас” Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев ааспыт ый 26 күнүгэр таһаарбыт 201-с №-дээх дьаһалыгар олоҕуран барда. Мунньаҕы тустаах кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Яков Ефимов салайан ыытта.
Яков Ананьевич дьокутааттарга:“Мунньахха көрүллэр боппуруос үгүс быыбаардааччы, олохтоох дьон кыһалҕата буолар. Онон бу бэриллибит кэрчик кэм иһигэр туруоруллубут боппуруос ымпыгар-чымпыгар диэри быһаарсар уустуктардаах буолуо эрэээри, эһиги өттүгүтүттэн оруннаах “лоп-бааччы” дакылаат ирдэнэр” – диэн, кэпсэтии хабаанын тоһоҕолоон ыйда.
3100 хаарбах дьиэни туораппыттар
Мунньах сүрүн дакылаатчыгынан СӨ Дьиэ-уот хомуунаалынай хаһаайыстыбатыгар уонна энэргиэтикэҕэ миниистирэ Вячеслав Емельянов буолла.
Миниистир дакылаатыгар кэпсээбитинэн, бу эрэгийиэннээҕи бырагыраама 30 сылга болдьохтонон, 2043 сылга диэри ылыллан турар эбит. Бырагырама 2013 сыллаахха ылылларыгар, хапытаалынай өрөмүөн пуондатыгар элбэх кыбартыыралаах 6885 дьиэни (салгыы ЭКДь диэн кылгатыам) холбообуттар. Бу дьиэлэртэн 4339-һа (63% -на) мас тутуу эбит.
Емельянов салгыы сырдаппытынан, олохтоох салайыныы уорганнарын кытары улахан үлэ барбыт. Ол курдук, күүстээх бэрэбиэркэ кэннэ, бүгүҥҥү күҥҥэ бу бырагырааматтан 3100 хаарбах туруктаах дьиэни туораппыттар. Билигин бырагыраамаҕа 3779 ЭКДь киирэн турарыттан, 1211-рэ мас дьиэ буолар. Ол эбэтэр мас дьиэ пуондата 32%-ҥа диэри аҕыйаабыт.
Эрэгийиэннээҕи бырагыраама олоххо киирээтин кытта, үгүс мас дьиэ бу бырайаыкка сатаан хапсыбатын өйдөөбүттэр. Ол төрүөтэ – төһө да маннык дьиэлэргэ өрөмүөн үлэтэ ыытыллыбытын үрдүнэн, хайлах да тупсан, саҥатыйан кэлбэттэр. Судургутук эттэххэ, бу дьиэлэр олус эргэрбиттэр. Аны туран, олохтоохторо хапытаалынай өрөмүөн төлөбүрүн хас да сылы быһа төлөөтөхтөрүнэ даҕаны, кинилэр дьиэлэригэр оҥоһуллар өрөмүөн ороскуотун ол муспут суумалара сатаан толуйбат. Оччо элбэх уларытыллыан-оҥоһуллуон наада. Ол иһин сөпкө 3100 дьиэни хаарбах туруктаахтарга киллэрэн, бырагырааматтан туораппыттар. Санатар буоллахха, маннык хаарбах туруктаах дьиэлэргэ дьон олорор. Кинилэр хапытаалынай өрөмүөн өҥөтүн төлөөбөттөр. Биллэн турар, онон ханнык да өрөмүөн үлэтэ барбат.
Салгыы Вячеслав Павлович хаарбах туруктаах дьиэлэр үгүстэрэ тутуллубуттара отуттуу сылы куоһарбытын бэлиэтээтэ. Миниистир: “Бу дьон олоҕор кутталы үөскэтэр тутуулар”, -- диэн тоһоҕолоон этэр. Кини муниципалитеттар итинник дьиэттэн дьону көһөрөллөрүгэр сүрүн кыһалҕанан тута атын дьиэнэн хааччыйар кыахтара суоҕун ыйда.
Бырагыраама итэҕэстэрэ
2015-2020 сылларга уопсайа 1018 ЭКДь-лэргэ өрөмүөн үлэтэ ыытыллыбыт. Миниистир:“Үп кээмэйэ кырыымчыгынан, былааҥҥа киирбит сорох үлэлэр олоххо киирбэккэ, кэлэр сылларга көһөн иһэллэр, ол түмүгэр бырагыраама үлэтин көрдөрүүтэ мөлтүүр уонна, саамай сүрүнэ, биһиэхэ дьон эрэлэ сүтэр” – диэн санаатын үллэстэр.
Быйыл бу сыалга судаарыстыбаннай бүддьүөттэн 13 млрд 940 мөл. солк. ирдэммититтэн, билигин бу сыл бүтүүтэ 209 мөл. солк. көрүллүбүт. Итинник ситэтэ суох үбүлээһинтэн, судаарыстыба өттүттэн сөптөөх болҕомто ылыллыбатыттан хапытаалынай өрөмүөн үлэтэ атахтанан турар.
2019 сыллаахха 127 ЭКДь өрөмүөнүн үлэтэ ыытыллыбыт, ол эбэтэр былааннаммыт үлэ 19 %-на туолбут. 2020 сыллаахха 212 дьиэ – 21%, 2021 сыл бүгүҥҥү туругунан 180 дьиэ, о.э. 15%. Емельянов манна сөрөөн үллэстибитинэн, хапытаалынай өрөмүөн үбүттэн үксэ дьиэ тутулуктарын (сыбаайа, истиэнэ, баалка, кирилиэс, о.д.а.) өрөмүөнүгэр барар эбит.
Тирэхтээх буолуутун ситиһии
“Ханныгын да иһин, мас дьиэлэри өрөмүөннээһинтэн хайабыт даҕаны аккаастаммат”, -- диир Вячеслав Павлович. Кини үлэ оҥоһуллуон иннинэ мас дьиэ туһааннаах ирдэбиллэргэ эппиэттиирин туһунан түмүк оҥоһуллуохтааҕын туһунан санатар. Ол эбэтэр өрөмүөн үлэтэ бу дьиэ үйэтин уһатар кыахтааҕын дуу, суоҕун дуу, хаарбах туруктанара өссө эрдэтин бэрэбиэркэлиэхтээхтэр.
Бырагыраама үбүлэниитэ тирэхтээх буоларын туһуттан маннык ирдэбиллэр, уларытыылар киирбиттэр:
Хапытаалынай өрөмүөн төлөбүрүн алын кээмэйэ 2014 сылтан дьон олорор дьиэлэригэр 2,5 төгүл ыараабыт. Дьон олорбот эбийиэктэригэр – 2 төгүл.
Быйыл төлөбүр 10% эбиллибит;
Хапытаалынай өрөмүөн пуондатын үлэтигэр тиэхиньиичэскэй сайдыыны киллэрбиттэр. Ол аата ааспыт өттүгэр үлэ хаамыытын барытын дьон хонтуруоллуур эбит буоллаҕына, билигин IT-технологиялар үлэ ноҕоруускатын сүкпүттэр;
Бэдэрээтинэй тэрилтэлэр үлэлэрин хонтуруоллааһын чыҥыраабыт. Өскөтүн 2019 сыллаахха үрдүк таһымнаах бэдэрээтинэй тэрилтэ ахсаана лаппа аҕыйах эбит буоллаҕына, бүгүҥҥү күҥҥэ 249 буолбут;
Үп кырыымчыгын боппуруоһа үгүс мунньахтарга, ону таһынан өрөспүүбүлүкэ салалтатын таһымыгар көрүллэр буолан, сылын аайы көмө кэлэрэ элбээн иһэр эбит. Өскөтүн бу сылга судаарыстыбаннай бүддьүөттэн 209 мөл. солк. көрүллүбүт эбит буоллаҕына, эһиилгигэ 442 мөлүйүөҥҥэ диэри улаатыннарар туһунан былааҥҥа кииллэрбиттэр;
Попечительскэй сэбиэт Бырабылыанньатын састааба уларыйбыт;
Аартыка бөлөхтөрүгэр көрүллүбүт хантараактарга бүддьүөттэн 30% аванс көрүллүбүт;Иэс-күүс элбэҕинэн сылтаан, СӨ ДьУоХХ уонна энэргиэтикэҕэ министиэристибэтэ суут бириистэптэрин уонна өрөспүүбүлүкэ мөрөбүөй судьуйаларын кытары ситимнэһэр үлэтэ эмиэ тиэхиньиичэскэй көрүҥнэммит. Ол эбэтэр иэһи төнүннэрии үлэтин тэтимэ түргэтээбит.
Миниистир: “Хапытаалынай өрөмүөн үлэтэ салгыы өссө тупсарын туһугар РФ Дьиэ-уот кодексыгар сөптөөх уларыытыылары киллэриэххэйиҥ”. -- диэн мустубут дьокутааттар бу боппуруоһу өйүүллэригэр эттэ. Ол уларытыылартан сүрүнэ –субъектар эрэгийиэннээҕи бырагыраамаҕа быһаччы дьайар кыахтаналларын туруорсуу. Субъектарга маннык кыах бэриллэр түгэнигэр, өрөмүөн үлэтин ыытар туһата суох буолбут эргэ дьиэлэри бырагырааматтан бэйэлэрэ туоратар буолуохтара. Иккиһинэн, олохтоох салайыныылары кытары иэс-күүс өттүгэр үлэни күүһүрдүү.
Лииптэри чөлүгэр түһэрии
Хапытаалынай өрөмүөн пуондатын биир ситиһиитинэн лииптэр өрөмүөннэрин боппуруоһун быһаарбыттара буолар. Санатар буоллахха, лииптэр дьон дьылҕатыгар кутталы үөскэппэттэрин туһуттан 25 сыл эрэ туһаныллара көҥүллэнэр. Ити кэннэ өрөмүөн үлэтэ ыытылыахтаах, биитэр барыта олоччу уларыйыахтаах. Лиип өрөмүөнүн үлэтэ эмиэ олус элбэх үбү эрэйэр эбит. Ол курдук, 5 сыл устатыгар 307 лииби уларыппыттар. Бу үлэҕэ 743 мөл. солк. бараабыттар. Ол иһигэр 267 лиип өрөмүөнэ пилотнай бырайыак быһыытынан өрөспүүбүлүкэбит түөрт куоратыгар – Мииринэйгэ, Лиэнскэйгэ, Нерюнргригэ уонна Дьокуускайга -- барбыт эбит. Быйылгыттан лиип өрөмүөнүн үлэтигэр эбии үбү судаарыстыбаннай холбоһуктаах хампаанньалар (госкорпорации) “ДьУоХХ өйөөһүн уонна уларытыы” пуондатыттан көрбүттэр.
Былааннаммыт үлэ бытаарыыта
Салгыы бэйэтин дакылаатын Хапытаалынай өрөмүөн пуондатын дириэктэрэ Владимир Ионин билиһиннэрдэ.
Владимир Владимирович кэпсээбитинэн, 2021 сыллаахха хапытаалынай өрөмүөн кылгас болдьохтоох былааныгар 1217 ЭКДь уонна 4297 дьиэ сүрүн тутулуктарыгар саҥардыы үлэтэ ыытыллыахтаах эбит. Бу үлэ уопсай үбүлээһинэ 18,5 млрд солк. тэҥнэһэр диэн суоттаммыт. Ол эрээри бүгүҥҥү туругунан пуонданы кытары 655 ЭКДь уонна 286 дьиэ сүрүн тутулуктарыгар дуогабар түһэрсиллэн турарын туһунан санатар. Оттон үлэтэ бүтэн туттарыллан турара – 85 ЭКДь уонна 147 дьиэ сүрүн тутулуктара оҥоһуллубут. 42 дьиэҕэ уонна 119 сүрүн тутулуктарга үлэ бара турарын туһунан иһитиннэрэр.
Итиннэ сэдиптээн эттэххэ, үлэ ситэтэтэ суоҕун биричиинэтинэн биллэриллибит күрэххэ кэмигэр сайаапкалар түспэтэхтэрин түмүгэр, 105 ЭКДь-ҕэ 421 үлэ көрүҥэ ыытыллыбатах
“2022 сыллааҕы кылгас болдьохтоох былааммытыгар 423 ЭКДь уонна 1033 дьиэ сүрүн тутулугар хапытаалынай өрөмүөн үлэтин ыытарга былааннаан олоробут. Ити үлэбит уопсай симиэтэтэ 4 млрд 8 мөл. солк. Бүддьүөттэн 3 млрд 62 мөл. солк үбүлэнэрэ былааннанар”, -- диир Владимир Владимирович.
Усунуос төлөбүрүн хомуйуу
Сэтинньи 1-кы күнүн туругунан, өрөспүүбүлүкэбит үрдүнэн 913 мөл. солк. усунуос кээмэйэ ааҕыллан турар эбит. Итинтэн агеннар хомуйбут төлөбүрдэрин кээмэйэ 710 мөл. солк. тэҥнэспит. Көстөрүн курдук, билигин даҕаны 202 мөл. солк. кэриҥэ төлөммөккө сылдьар. Былырыыҥҥы сылга эбиллэн, усунуос өттүгэр иэс-күүс кээмэйэ 19 мөл. 500 тыһ. солк. буолбут.
Владимир Ионин: “2021 сыллааҕы хапытаалынай өрөмүөн усунуоһун хомуйуутун сылыктааһыммыт түмүгэр, 868 мөл. 900 тыһ. солк. тиийиэхтээх”,-- диэн этэр. Ол эбэтэр толору көрдөрүүттэн 87% курдук. Сэтинньи 1 күнүнээҕи туругунан, 70 юридическай сирэйгэ уопсайа 7 мөл. 200 тыһ. солк., федеральнай бас билээччилэргэ 1 мөл. солк. уонна олохтоох салайыныыларга 5 мөл. солк.төлүүллэригэр модьуйуулар барбыт.
2021 сылга пуонда өттүттэн иэстээх дьон аадырыһыгар, суут бирикээһин таһаарарыгар анаан, 12 тыһыынча сайабылыанньаны түһэрэн эрэллэр эбит. Итинтэн бүгүҥҥү туругунан суут көрүүтүгэр бэлиэр 8411 сайабылыанньа киирбит.
Пуонда дириэктэрэ сырдаппытынан, иэс-күүс төлөммөт төрүөтүнэн дьиэни бас билээччилэр тус дааннайдара суоҕа буолар эбит. Владимир Владимирович маннык кыһалҕаны быһаарар туһуттан араас тэрилтэлэр көрдөрүүлэрин электроннай көрүҥнэрин биир ситимҥэ киллэрдэхтэринэ эрэ табылларын этэр.
Дьон бириэмэтин харыстаан
Владимир Владимирович дакылаатын кэмигэр үлэлэрин үгүс өттүн сырдатта. Сиһилии https://fondkr.ru саайтарыгар киирэн билсиэххитин сөп.
Ити саайтара быйыл саҥардыллан, ис-тас бодото уонна үлэтэ бүтүннүү уларыйан, эмиэ аныгы IT-технологияҕа сөрөнөн, үлэтин таһыма лаппа тупсубутун туһунан дириэктэр кэпсээтэ. Ол курдук, билигин ити саайтка киирэн, иэстээх дьон тус кэбиниэт арынан, туһааннаах ыйытыктарыгар бары хоруйдары булуохтарын сөп эбит. Онно анаан Чатбот диэн көмөлөһөөччү өҥөтүнэн туһанар кыахтаммыттар. Төлөбүрү ити саайт нөҥүө ыытыахха сөп.
Маны таһынан дьон төлөпүөннээтэҕинэ, хоруйдуу охсор колл-киин баар буолбут: 8(4112) 31-90-14. Аныгы технологиялар көмөлөрүнэн тэҥинэн биэс киһи кыһалҕатын быһаарар кыахтанан олороллор.
Владимир Ионин түмүгэр ахсынньы ыйы толору “прощенные дни” аахсыйа буоларын санатта. Онон иэстээх дьону, түгэни мүччү туппакка, пенята суох төлөөн диэн ыҥырабыт.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0