Тохсунньу 17 күнүгэр дьокутааттар Арассыыйа Федерациятын уонна Беларусь Өрөспүүбүлүкэтин икки ардыларыгар визаны билинии уонна Сойуус судаарыстыбатын кыттааччыларын территорияларын уратыларын туһунан сөбүлэһии ратификациятын дьүүллэстилэр.
Тохсунньу 18 күнүгэр мунньах бэбиэскэтигэр тыын суолталаах сокуон бырайыактара киирдилэр. РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Госдума быйылгы үлэтигэр маннык соруктары туруорда: дьадайыыны намыратыы, хамнас төлөбүрүн үрдэтии, үп-харчы суверенитетын хааччыйыы, инфраструктураны урутаан сайыннарыы, оҥорон таһаарар бырамыысыланнаһы сайыннарыы, технологияҕа суверенитеты бөҕөргөтүү, ийэни уонна оҕолоох дьиэ кэргэттэри өйөөһүн, бииргэ үлэлээһини саҥа таһымҥа таһаарыы.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0