Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -11 oC

Дойду Бырабыыталыстыбата гражданнары босхо үөрэтии туһунан бырагырааманы кэҥэттэ — 2022 сылтан 50-тан үөһэ саастаах уонна оскуола иннинээҕи саастаах оҕолоох дьахталлары таһынан, 35-тин туола илик ыччаттар босхо үөрэниэхтэрин сөп.

Дойду Бырабыыталыстыбата гражданнары босхо үөрэтии туһунан бырагырааманы кэҥэттэ — 2022 сылтан 50-тан үөһэ саастаах уонна оскуола иннинээҕи саастаах оҕолоох дьахталлары таһынан, 35-тин туола илик ыччаттар босхо үөрэниэхтэрин сөп.

Маннык уурааҕы дойду премьер-миниистирэ Михаил Мишустин илии баттаата, бу туһунан биэдэмистибэ саайтыгар иһитиннэрдилэр.
Босхо эбии үөрэҕи уонна идэлээх үөрэхтээһини ыччат категорияларынан көрөн үөрэтиэхтэрэ. Кинилэр ортолоругар үөрэхтэрин бүтэрэн эбэтэр аармыйаҕа сулууспаларын ааһан бараннар, түөрт ыйтан ордук үлэтэ суох сылдьар, ону тэҥэ үлэлэрин сүтэрэр кутталлаах, орто идэлээх эбэтэр үрдүк үөрэҕэ суох гражданнар хапсыахтара.
Ыччаты эбии үөрэхтээһиҥҥэ федеральнай бүддьүөттэн кырата суох 1,2 млрд солк. ыытыахтара. Бу бырагырааманан 20 тыһ. итэҕэһэ суох ыччат эбии үөрэҕи баһылыыра күүтүллэр. Михаил
Мишустин этэринэн, быйыл холбоон барыта 150 тыһ.дойду олохтооҕо эбии үөрэхтэнэр кыахтаах. Бу сыалга федеральнай бүддьүөттэн 8,5 млрд солк. тахса үп көрүлүннэ.
Маны таһынан, Госдумаҕа дьарыктаах буолуу туһунан саҥа сокуон барылын киллэрэллэрэ уонна 2022 сыл бүтүөр диэри ылыналлара былааннанар.
«Биир ньыгыл Арассыыйа» фракция салайааччытын солбуйааччыта Андрей Исаев этэринэн, билигин үлэлиир «РФ нэһилиэнньэтин дьарыктаах буолуутун туһунан» сокуон 30 сыл анараа өттүгэр ылыныллыбыта уонна эргэрдэ. Сотору кэминэн Госдумаҕа сокуон тутулун уларытар балаһыанньалары оробуочай бөлөх мунньаҕар дьүүллэһиэхтэрэ

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Общество

Как питаются наши дети?

Ученые Якутского научного центра Сибирского отделения РАН представили результаты…
09.11.24 13:50