– Кэлэр сылга инники күөҥҥэ тутуллан үбүлэнэр хайысхалар ханныктарый?
– 2022 сылга бүддьүөт бэлиитикэтигэр инники күөҥҥэ тутуллар хайысхаларынан, биллэн турар, бастакы уочарат социальнай эйгэ буолар. Манна 134 млрд.солк. былааннанна.
Иккиһинэн, эһиилгиттэн урукку өттүгэр наар болҕомтото суох хаалар, «онтон атын» дэнэр категорияҕа киирэр бүддьүөт эйгэтин үлэһиттэрин хамнастарын үрдэтиигэ ылсыахпыт. Хомойуох иһин, бу үлэһиттэр Бэрэсидьиэн «ыам ыйынааҕы» ыйааҕар хапсыбатахтара. Маныаха биири өйдүөхтээхпит, ити ыйыллыбыт категорияҕа тиэхэньиичэскэй персонал эрэ киирэр курдук саныыбыт эрээри, дьиҥэр, оннук буолбатах. Олор истэригэр таһымнаах, үрдүк үөрэхтээх исписэлиистэр эмиэ бааллар. Холобура, оскуолаларга үлэлиир «социальнай педагогтар» эбэтэр мэдиссиинэ оборудованиеларын өрөмүөннээччилэр, суруналыыстар, о.д.а. Сахабыт сиригэр бүддьүөт эйгэтигэр бу категориянан ааҕыллар 54 тыһ. киһи үлэлиир. Онон кэлэр сылтан бу дьон хамнастара 6% (үлэ төлөбүрүн алын кээмэйигэр сыһыарбакка эрэ аахтахха 10%) үрдүүрэ күүтүллэр. Маны таһынан өрөспүүбүлүкэбит Ил Дархана Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ Анал туһаайыытыгар бу категория үлэһиттэрин хамнаһын кэлэр сылтан 10% үрдэтэр туһунан сорудахтаата. Онон СӨ Бырабыыталыстыбатын кытта эбии 4% булар туһунан толкуйдуубут. Элбэх харчыны эрэйэр уустук боппуруос эрээри, дьоммутугар-сэргэбитигэр көмө буолар, быһаччы дьайар миэрэ. Соторутааҕыта бу туһунан Идэлээх сойуустар бэдэрээссийэлэрин кытта көрсөн кэпсэтэн, «парламентарийдар үлэлэһиэхпит» диэн эппиэтинэһи ылынан турабыт.
Үсүһүнэн, кэлэр сылга ордук улахан болҕомтону тыа хаһаайыстыбата ылыаҕа. 2022 сылга судаарыстыбаннай өйөбүл суумата 12,5 млрд. солкуобайга тэҥнэстэ. Өссө биирдэ бэлиэтиибин, тыа хаһаайыстыбатыгар маннык элбэх харчы уруккута көрүллэ илик этэ. Бүддьүөт ис хоһоонугар болҕойдоххо, эһиилги сылтан саҕалаан, өрөспүүбүлүкэ таһымыгар үрдүк үүнүүнү көҕүлүүр үлэни субсидиялааһын ньыматын хаттаан сөргүтүөхпүт. Төрүүр-ууһуур сылгы ахсаанын элбэтиигэ көрүллэр үп икки төгүл үрдүөҕэ. Ол эбэтэр биир төбөҕө бэриллэр харчы 1,5 тыһыынчаттан 3 тыһыынчаҕа тиийиэҕэ. Быйылгы курдук кыһалҕаҕа ыктарбат гына, ыанар үүтү тутууга улуустарга тыырыллар квотаны элбэтиэхпит. Холобура, быйылгы ыам сезонугар сорох улуустарга үүт лиитэрэтигэр субсидияланар харчыбыт өлүүтэ кыратыттан, тыа дьоно толору өйөммөккө хаалбыттара. Онуоха үүттэн оҥоһуллар бородууксуйа киэҥ ырыынакка тахсыыта эмиэ кырыымчык буолбута. Онон эһиилги сылга ыам көрдөрүүтэ үрдүүрүн учуоттаан туран, 7 000 лиитэрэ саппаастаах былааннанныбыт. Уонна 1 млрд. солк. тыа хаһаайыстыбатын инфраструктуратын бөҕөргөтүүгэ ананыа. Хотоннору, сайылыктары, сылгы хааччаҕын, оҕуруот аһын харайар базалары тутууга. Уопсайынан, Саха сиригэр тыа хаһаайыстыбатын өйөөһүн экэниэмикэ боппуруостарын, ас-үөл бородууксуйатын быһаарар эрэ буолбакка, норуоппут төрүт дьарыгын тутан хаалыыга, сайыннарыыга сыалланар. Тыа дьоно сүөһү, сылгы ииттэн олорор үгэһиттэн тэйбэтигэр, дьарыктаах буоларыгар туһуланар.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0