Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -22 oC

Коронавируһунан сылтаан нэһилиэнньэ үгүс өттө дьиэҕэ олорор.  Итинтэн сиэттэрэн оҥорон таһаарыы балачча бытааран эрэрэ биллэр. Уопсайынан, аччыгый, орто урбаантан саҕалаан тутуу салаатыгар уустук кэмнэр үүнэн эрэллэрин туһунан экспердэр бэлиэтииллэр.

Коронавируһунан сылтаан нэһилиэнньэ үгүс өттө дьиэҕэ олорор.  Итинтэн сиэттэрэн оҥорон таһаарыы балачча бытааран эрэрэ биллэр. Уопсайынан, аччыгый, орто урбаантан саҕалаан тутуу салаатыгар уустук кэмнэр үүнэн эрэллэрин туһунан экспердэр бэлиэтииллэр.

 Тутууга дьайыа дуо?

 Ити үөскээн эрэр балаһыанньа өрөс­пүүбүлүкэ тутуутугар дьайыа дуо диэн ыйытыы үөскүүр. Биллэн турар, дьайар. Ханнык баҕарар араллаан, быһыы-майгы экэниэмикэҕэ дьайар уратылааҕын туһунан биллэр-көстөр экэнэмиистэр өрүү санаталлар.

СӨ тутууга миниистирэ Павел Аргунов иһитиннэрбитинэн, мантан саас тутуу сезона күүскэ барыахтааҕын саҕана Дьокуускай куоракка ити хайысхаҕа тас дойдулартан  3007 үлэһит анаан-минээн кэлиэхтээх эбит  даҕаны, ити харантыынтан сылтаан кэлэр “аартыктара” сабыллан турар. Аны туран, харантыынтан сылтаан тутуу матырыйаалларын (арматура, стеклопакет-түннүк, аан, электрооборудование, сантиэхиньикэ, полистирол, базальт билиитэлэрэ) сыаналара тэллэй курдук улаатан эрэллэрэ олохтоох тутааччылары дьиксиннэрэн эрэр. Өссө ол сыаната диэн, атыыга суох буолуо турдаҕа. СӨ бырабыыталыстыбата буолан эрэр быһыыга-майгыга орооһон, бу күннэргэ РФ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Марат Хуснуллин аатыгар сөптөөх дьаһалы ылыналларыгар хас даҕаны этиилээх суругу ыытта. Ол курдук, өрөспүүбүлүкэ тутуутун өйүүр инниттэн, төһө даҕаны харантыын биллэриллибитин үрдүнэн, тас дойдуттан 3007 үлэһит илии киирэрин хааччыйарга туруорсубуттар. Итинэн сиэттэрэн, федеральнай уорганнар  тутууга үлэһит илии тиийбэтинэн сибээстээн, тутуллуохтаах эбийиэктэр  үлэҕэ киириэхтээх болдьохторун уонна үп көрүллэр лимиитин саҥаттан  уларытан биэрэллэригэр этии киллэрдилэр. Иккиһинэн,  «Ввести временные ограничения на экспорт строительной продукции по аналогии п. 1.9. Плана первоочередных мероприятий (действий) по обеспечению устойчивого развития экономики в условиях ухудшения ситуации в связи с распространением новой коронавирусной инфекции, утвержденного Председателем Правительства Российской Федерации от 17.03.2020 №2182-П13 (в связи с падением курса рубля возникает риск дефицита продукции для строительной отрасли, таких как: металлопрокат, лифтовое, сантехническое, электрооборудование, вентиляция, пожарная сигнализация, окна ПВХ, фасадные материалы)», — диэн туруорсубуттар. Маны судургутук быһаарар буоллахха, өрөспүүбүлүкэ уонна Арассыыйа истэриттэн тутуу матырыйаалларын атыыга таһаарары боболлоругар эппиттэр. Ону холобурдуур буоллахха, маннык. Ол аата эрэгийиэннэр  билигин баар тутуу матырыйаалларын ханна да атын сиргэ атыыга таһаарыа суохтаахтарын туһунан ыйыллар. Үсүһүнэн, 44-с №-дээх федеральнай сокуоҥҥа  судаарыстыбаннай хантараак сыанатын эбии бэрэбиэркэ кэнниттэн 30 бырыһыан үрдэтэри ыйбыттар. Бу туруорсуу солкуобай  «кыаҕа» түһүүтүн кытта сибээстээх. Төрдүс туруорсуу бааннар кирэдьиит биэриилэрин кытта сыһыаннаах. Билигин бааннар  уустук кэм буолан эрэринэн,  тутар хампаанньалар дьиэ туталларыгар тус сыаллаах кирэдьиити биэрэллэриттэн туттуналлара элбээбит. Биэрэр да буоллахтарына, аһара үрдүк бырыһыаннаах кирэдьиит ирдэбилин туруораллар. Аны туран, бааннар кирэдьиити биэриэхтэрин иннинэ  сайаапканы биэрбит хампаанньа бырайыагын аһара өр  көрөллөрүн түмүгэр күн-дьыл барар. Манан сиэттэрэн, кэлин тиһэҕэр  тутар хампаанньа сайаапкатын бигэргэтэр болдьох өссө уһаан биэрэрин түмүгэр тутуу хаамыыта бытаарар. Итинник тахсыбатын наадатыттан тутар хампаанньалар бырайыактарыгар үп көрдүүр сайаапкаларын докумуонун ирдэбилэ биир тэҥ буолуохтааҕын туруорсубуттар. Барытыгар биир ирдэбил баар буолуохтаах. Ити этиллибит туруорсуулар уталытыллыбакка быһаарыллар эрэ түгэннэригэр өрөспүүбүлүкэҕэ тутуу хаамыыта бытаарыа суоҕа диэн экспердэр быһаараллар.

 2 %-наах ипотека

 Былырыын ахсынньыттан Уһук Илиҥҥи уокурукка 2 %-наах ипотека  үлэлээн,  эдэр ыаллар кыбартыыра ылыахтаахтар.  Бааннар  чааһынай дьоҥҥо кирэдьиити биэриилэрэ хайдаҕый диэн ыйытыы үөскүүр. Уһук Илиҥҥи 2 %-наах ипотеканан  9 баан кирэдьиит биэрбит (Сбербаан, ВТБ, “ДОМ.РФ”, АТБ, Газпромбаан, Алмаасэргиэнбаан, Совкомбаан, “Открытие баан”, Россельхозбаан). Бу бааннарга кулун тутар 26 күнүнээҕи туругунан,  чэпчэки бырыһыаннаах кирэдьиити ыларга аналлаах 6912 сайаапка киирбититтэн 6052-тэ көрүллэн, 3800-гэр кирэдьиити биэрэргэ сөбүлэҥ биэрбиттэр (бырыһыаҥҥа таһаардахха,  62,79-ка тэҥнэһэр), 2252 сайаапкаҕа аккаастаабыттар. Сөбүлэҥ бэриллибит 3800 сайаапкаттан 1582-тин (ол аата 1582 эдэр ыал) кытта 6 млрд 123 мөл. солк. суумалаах дуогабар түһэрсиллибит.  Итинтэн 985 эдэр ыал анал счетугар 3 млрд 834 мөл. солк. суумалаах кирэдьиит түспүт. Үгүс эдэр ыал, ортотунан, 3,5 мөл. солк кирэдьиити ылбыт. Көрөрбүт курдук, 3800 сайаапкаҕа сөбүлэҥ бэриллибититтэн кирэдьиити биэрэр туһунан дуогабар 1582 ыалы эрэ кытта түһэрсиллибит, оттон 2218 ыалы кытта  өссө даҕаны быһаарса иликтэр. Тоҕо диэтэххэ,  саҥа кыбартыыра суох. Сөптөөх  кыбартыыра баар эрэ буоллаҕына, кирэдьиит дуогабара оҥоһуллан илии баттаһыллар. СӨ тутууга министиэристибэтэ хайдах гынан ити үөскээн эрэр кыһалҕаны быһаарары толкуйдуур уонна, төһө кыалларынан, саҥа дьиэлэри тутан саҕалыырга дьулуһар. 2000-тан тахса кыбартыыраны баар гынарга, ортотунан, элбэх кыбартыыралаах 10-тан тахса саҥа дьиэ тутуллуохтаах.  Онон бу коронавирус эпидиэмийэтин харантыына уһуур түбэлтэтигэр ити былаан туолуута улаханнык атахтанар туруктаах. Барыта этэҥҥэ орун-оннугар буоларыгар эрэниэҕиҥ.

 Урбаанньыт санаата

 Андрей Халдеев, «Интехстрой» тэрилтэ дириэктэрэ:

— Бу буола турар балаһыанньаттан тутуу салаатыгар кыһалҕалар үөскээн эрэллэр.  Ордук ыраах сытар хоту улуустарга ыарахан балаһыанньа үөскүөн сөп. Холобур, кыһыҥҥы суол хаалыан иннинэ биир-икки нэдиэлэ иһинэн тутуу матырыйааллара хайаан да тиэрдиллиэхтэрин наада.
 Билигин харантыынынан сылтаан кыаммакка хаалбыттар сайын өрүс суолунан илдьиэхтэрэ эрээри,  былдьаһыктаах сайыҥҥы күннэрэ халтай барарыгар тиийэр.
 Биллэрин курдук, сорох улуустар кытыы нэһилиэктэригэр  сайын сөмөлүөт, бөртөлүөт эрэ тиийэр. Итилэргэ тутуу матырыйаала эһиил кыһын тиийиэ турдаҕа.
Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн балыыһалар, оскуолалар, оҕо саадтара тутуллуохтаахтар, быйыл элбэх эбийиэк үлэҕэ киириэхтээх. Онон үөскээн эрэр уустук балаһыанньаттан хайдах тахсары эрдэттэн былааннаан, сөптөөх суолу, хайысханы тутуһан үлэлиэхпитин наада. Ордук хоту улуустарга болҕомто ууруллуохтаах дии саныыбын.  Холобур, бу ыксаллаах кэмҥэ хоту улуустарга тутуу матырыйаалларын оҥорор тэрилтэлэр тохтоло суох үлэлииллэрин хааччыйыахха наада. Тутуу министиэристибэтэ итини болҕомтоҕо ылан сөптөөх үлэни ыытара буоллар. 

Манна даҕатан

Ыам ыйыгар бэнсиин сыаната үрдүөн сөп. Тоҕо?

Аан дойду үрдүнэн ньиэп сыаната түстэ. Ол үрдүнэн Арассыыйаҕа бэнсиин чэпчээбэтэ. Үгүс дьон ньиэп сыаната түспүтүнэн уматык сыаната түһүө диэн кэтэһэр даҕаны, туох да биллибэт. Тоҕо оннугуй? Уматык сыанатыгар сырье сыаната баара-суоҕа 7 эрэ % тэҥнэһэр. Саамай элбэх өлүүнү (72-73%) судаарыстыба олохтообут акциһа, айылҕа баайын хостуурга тутуллар (НДПИ) уонна нолуок төлөбүрэ (НДС) ылаллар. Бу салааны билэр-көрөр аналитиктар аахпыттарынан, ити сүрүн нолуоктартан хаалбыт 20-чэ бырыһыанынан ньиэби переработкалыыр хампаанньалар, уматыгы тиэйээччилэр, АЗС-тар дохуоттаналлар. Билигин бу күннэргэ сырье уонна валюта ырыынактарын сыаналара орун-оннугар түспэтэҕинэ, ыам ыйын эргин бэнсиин сыаната 2-4% үрдүө диэн экспердэр дьиксинэллэр.

 Александр ТАРАСОВ

 

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением