«Тымныы Полюһа» кэпэрэтиип тыа хаһаайыстыбатын үлэтин-хамнаһын хас да көрүҥүн тэрийэн олорор, нэһилиэктэртэн үүт тутан, үрүҥ ас уонтан тахса көрүҥүн астыыр, эккэ эмиэ үлэлиир. Астыыр тиһиги быспат туһуттан, 2015 сыллаахтан «Алгыс» кэпэрэтииби тэринэн, ынах сүөһүнү иитэр. Күн бүгүн улаханныын-кыралыын 200-чэкэ сүөһүлээх. Сыллата Остуолба нэһилиэгэр Киэҥ Сыһыы диэн сиртэн ходуһа түүлэһэн, сайын устатыгар иккитэ-үстэ төхтүрүйэн, күүлэй тэрийэн, кыстыыр отун аҥаарын хааччынар, ордугун чааһынайдартан атыылаһар. Бу үгэһин кэпэрэтиип быйыл да кэспэтэ, атырдьах ыйын 12-13 күннэригэр күүлэй тэрийдэ! Ол туһунан кэпэрэтиип салайааччыта Екатерина Портнягина маннык кэпсээтэ:
– Быйыл хайа да сыллааҕар улахан мотуок уута кэлэн, ходуһаларбытын барытын ылан, оттооһуҥҥа ыарахаттары көрүстүбүт. Хайдах гынан сүөһүлэрбитин кыстатан таһаарабыт диэн боппуруос күннэтэ арахпат. Халаан содулун туоратыыга өрөспүүбүлүкэтээҕи суһал ыстаап салайааччыта, Арктика уонна хотугу омуктар дьыалаларын миниистирэ Владимир Черноградскай тыа хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы Николай Афанасьевтыын кэлэ сылдьан, үс устудьуону сайылык пиэрмэтигэр, уон байыастаах тутар этэрээти окко көмөлөһүннэрэ аҕалбыттара. Ону таһынан, Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтиттэн сэттэ исписэлиис оттоһо кэлбиттэрэ. Инньэ гынан, санаабыт көтөҕүллэн, атырдьах ыйын 12-13 күннэригэр Улахан Сыһыыга тыа хаһаайыстыбатын улуустааҕы управлениетын кытары көмөлөөн, «Күүлэй-2022» күрэхтэһиини тэрийэн ыыттыбыт. Билигин маннык дьаһал олус улахан суолталаах, тоҕо диэтэххэ, бастатан туран, дьон-сэргэ санаатын көтөҕүөххэ, түмүөххэ, сомоҕолуохха наада. Иккиһинэн, көхтөөхтүк үлэлээн, элбэх оту соҕотуопкалыахха наада.
Нэһилиэктэргэ дьон үксэ сир көрдөнөн, бэйэлэригэр оттуу сылдьар буоланнар, түөрт хамаанда кытынна, былырыыҥҥа диэри араас нэһилиэктэртэн сэттэлии хамаанда буолара. Быйылгы күүлэйгэ Остуолба, Боруулаах нэһилиэктэрин, «Полюс Холода» кэпэрэтиип уонна тутар этэрээт байыастарын хамаандалара күөн көрүстүлэр, министиэристибэ хамаандата күрэхтэһиигэ кыттыбакка оттоото. Онон, барыта 27 киһи кытынна.
Икки күннээх көхтөөх үлэ кэнниттэн ото охсуллан, мунньуллубут ходуһаны министиэристибэ отчуттара кэмнээн бараннар, түмүгү маннык таһаардылар: 5,74 гектардаах ходуһа сирин охсон, харбаан Остуолба нэһилиэгин хамаандата (салайааччы Дьуһаал Горохов) эрэллээхтик бастаан, 80 тыһ. солк. харчынан наҕараадаланна. Бу хамаанда биһиги «күүлэйбитигэр» сыл аайы кыттан, кыайан-хотон, астыннаран барар. Боруулаах хамаандата (салайааччы Николай Потапов) 4,66 гектар сири охсон, мунньан, иккис миэстэни ылла, 60 тыһ. солк. харчыны тутта. Боруулаахтар эмиэ сыл аайы кытталлар. ХИФУ устудьуоннарын хамаандата (салайааччы Вячеслав Стручков) үөрүйэх отчуттары кытары эрбии тииһин курдук тэҥҥэ эриһэн, 3,68 гектар сири охсон уонна мунньан, үһүс миэстэ буолла, 30 тыһ. солк. харчынан бириэмийэлэннэ. Төрдүс бочуоттаах миэстэни кэпэрэтиип хамаандата (салайааччы Герман Графов) ылла. Кинилэр 2,53 гектардаах ходуһаны охсон, мустулар, 20 тыһ. солк. бириэмийэни ыллылар. Оттон Иван Ушницкай салайааччылаах министиэристибэ хамаандата 1,14 гектар сири охсон, харбаан, биһирэбил бирииһинэн бэлиэтэннэ.
Икки күн устатыгар 17,75 гектар иэннээх ходуһа ото охсуллан, мунньулунна. Билигин ону кэпэрэтиип отчуттара кэбиһэ сылдьар, 26 туонна курдук буолсу дииллэр. Сир-дойду барыта уу буолан, оттуурга олус ыарахан, ону ол диэбэккэ, биһиги кыһалҕабытын өйдөөн, биир киһи курдук кэлэн көмөлөһөн барбыттарын иһин, бары отчуттарга уонна эдэр салайааччы Евдокия Платоновнанан сирэйдээн, тыа хаһаайыстыбатын улуустааҕы управлениетын үлэһиттэригэр улахан махталбытын биллэрэбит. Күүлэйи өссө да тэрийэр былааннаахпыт, онно кэлэн кыттаргытыгар ыҥырабыт, күүтэбит!!!
- 2
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0